Меню сайта
Погода республики
Наш опрос
Статистика
Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа
Поиск
Внимание
Архив записей
Друзья сайта
Главная » 2020 Май 14 » Афанасий Андреевич ГУРИНОВ
15:22 Афанасий Андреевич ГУРИНОВ |
Афанасий Андреевич ГУРИНОВ Сэрии, тыыл бэтэрээнэ Мин аҕам туһунан суруйабын. Төһө да атын ыалга
иитиллэн улааппытым иһин, күн сирин көрдөрбүт айбыт аҕабын ахтан-санаан
ааһыахпын баҕардым. Мин Гуринов Афанасий Андреевич Тэҥкэҕэ 1904 с.
төрөөбүт. Ийэтэ кинини оҕолоноругар өлбүт. Аҕабын Гуринов Андрей диэн ыаллар
иитэ ылбыттар, Гуриновтарга иитиллэн оҕо буолан улааппыт. 1943 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. Тоҕо эрэ кинини үлэ
фронугар ыыппыттар. Мин аҕам уоттаах сэриигэ сылдьыбатар, фроҥҥа үлэлээн бэйэтин
кылаатын киллэрэн үлэлээбит. Кини онно да сырыттар сэрии тыынын этинэн-хаанынан
билбитэ. Түүннэри-күнүстэри үлэлээн фроҥҥа көмө ыыппыт. Кэлин сэрии бүппүтүн
кэннэ дойдутугар эргиллэн эйэлээх олох иһин үлэлээбит. Көмүс хостуурга
сууйааһыҥҥа үлэлээбит. Кэлин иитиллибит ыалын кыыһын кэргэн ылар уонна биир кыыс
оҕолонор эмээхсинэ өлөн хаалар. Онтон биһиги ийэбитин көрсөн ыал буолар 5
оҕолоноллор. Төһө да үлэ фронугар сырыттар үлэтин иһин медээллэрдээх,
знактаах... Аҕабыт сэрии ынырык сылларын билэн, буһан хатан
аастаҕа. Кэлин ыалдьан бу олохтон букатыннаахтык барбыта. Аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит ситэрбэтэх олоҕун,
оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыахтара, аатын ааттатыахтара турдаҕа.
Эйэлээх олох өрөгөйдүү турдун! Ханна да тиийдэрбит ханна да буолларбыт
аҕабытынан киэн туттабыт.
Ахтыыны суруйда төрөппүт уола Гуринов Александр Афанасьевич Сунтаар сэл. 2020с. |
|