Сунтаар улууһун кырдьаҕастара паллиативнай
хайысхалаах
балыыһа баарыттан үөрэллэр
Киһи барахсан төһө кыанарынан, кыаҕа баарынан доруобуйатын көрдөрүнэргэ, хайа
да ыарыыны баалаппакка тута эмтэнэргэ дьулуһар. Оттон сааһыран, кырдьан бэйэтэ
кыаммат буолбут, аҕам саастаах дьоммут барахсаттар балыыһаҕа тиийэн
көрдөрүнэллэрэ, эмтэнэллэрэ уустук, ону да ахсааннаах. Сунтаар улууһун киин
балыыһатын иһинэн Бордоҥ нэһилиэгин учаастактааҕы балыыһата – паллиативнай
отделение диэҥҥэ уларыйан үлэлии олорор.
Ол эбэтэр, кырдьаҕас дьоҥҥо туһааннаах
эмтэниини биэрии, көрүү-истии оҥоһуллар. Бу отделение 17 үлэһиттээх, балыыһа
сэбиэдиссэйинэн Наталья Николаевна Егорова үлэлиир.
Манна Сунтаар улууһун
нэһилиэктэриттэн үксүн 70-нарын ааспыт кырдьаҕас дьон кэлэн эмтэнэр. Ол курдук
балыыһа 2019 сыллаахха паллиативнай диэҥҥэ уларыйыаҕыттан, уопсайа 133 киһи
эмтэммит, оттон 2020 сылга – 119 киһи. Сунтаар улууһун ураты хайысхалаах
балыыһатын үлэтин-хамнаһын туһунан сэбиэдиссэй Наталья Николаевна Егорова
маннык билиһиннэрэр:
– Биһиги, нэһилиэнньэбит ахсаана 1464 киһи, ол иһигэр
улахан дьоммут ахсаана 1104. Бордоҥ учаастактааҕы балыыһата аан маҥнай 1966
сыллаахха аһыллан үлэлиир, үс учаастагы (Илимниир, Бордоҥ, Тэҥкэ) көрөр. 2019
сылтан учаастактааҕы балыыһа паллиативнай отделениеҕа уларыйан, билигин 10
хонор уонна 3 күнүскү куойкалардаахпыт. Балыыһабыт уотунан ититиллэр, толору
хааччыллыылаах. Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыта. Ол
курдук, балыыһабыт дьиэтин муостата ламинаттаммыта, палаталар ааннара
уларытылынна, истиэнэбит кырааскаланна, конвектордар саҥардыллыбыттара уонна
септик өрөмүөннэммитэ.
Отделениебытыгар номнуо 70 саастарын ааспыт уонна атын
киһи көмөтүгэр, харайыытыгар наадыйар дьон киирэн эмтэнэллэр. Ол курдук,
холобур онкологиялаах дьон, инсульт кэнниттэн, хааннарын эргиирэ, баттааһына
кэһиллибит, хааннарын баттааһына үрдүк, сүрэхтэрэ ыалдьар дьон киирэн эмтэнэллэр.
Бэйэбит өттүбүтүттэн доруобуйаларын тупсарыыга, сөптөөх көрүүнү-истиини төһө
кыалларынан биэрэ сатыыбыт.
Улуус олохтоохторо балыыһа барыта кииҥҥэ баарыгар
үөрэммит буолан, атын нэһилиэккэ маннык хайысхалаах балыыһа отделениета
үлэлиирин сэргии, сөҕө истэр киһи аҕыйаҕа суох.
Бу отделениеҕа соторутааҕыта
сытан, эмтэнэн тахсыбыт Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо Галина Георгиевна Егорова
санаатын билистибит: – Сунтаарбыт улууһугар биһиэхэ, кырдьаҕас дьоҥҥо туспа
анаммыт отделение баара абыраллаах. Ордук соҕотох олорор, чугас дьоно суох,
кыаммат кырдьаҕастар маннык балыыһаҕа киирэн, эмтэнэн тахсаллара туһалаах.
Биһиги манна, кэргэмминээн, иккиэн кырдьаҕас дьон 13 хонук устата сытан
кэллибит. Бырааспыт Наталья Николаевна маҥнай көрөн-истэн, кэтээн көрөн эмтэниибитин
анаабыта. Бу балыыһа үлэһиттэрэ дуоһунаһыттан тутулуга суох, түүннэри-күнүстэри
ыарыһаҕы олус үчүгэйдик көрөллөр-истэллэр. Туох кистэлэ кэлиэй, сорох кырдьаҕас
кыаммат-түгэммэт, сорох өйө-төйө буккуллан ылаахтыыр, түөһэйбит да баар буолара
ханна барыай. Дьэ, ону ол диэбэккэ балыыһа үлэһиттэрэ барахсаттар биирдэ да
кыыһыран, кынчарыйан көрбөккө, эйэҕэс бэйэлэрэ сытар кырдьаҕастары абырыыллар
эбит. Кинилэргэ уустук үлэлэригэр махтанан, ситиһиилэри баҕаран туран, бу
отделениеҕа эр дьон үлэһиттэр бааллара буоллар, кыргыттарга арыый да үлэ чэпчиэ
эбитэ буолуо диэн санаабытын тириэрдэбит. Кыаммат киһини өйөөн-убаан, көтөҕөн
сыҕарытарга элбэх күүс-уох наада буоллаҕа. Ити курдук арыый да ураты
хайысхалаах балыыһа үлэһиттэригэр махтанааччы элбэх. Бордоҥ учаастактааҕы
балыыһатыгар үгүс уопуттаах үлэһиттэр эмиэ бааллар. Олортон биирдэстэрэ 43 сыл
ыстаастаах медик Галина Алексеевна Лукина буолар. Кини 1986 сылтан старшай
медсиэстэрэнэн үлэлиир. Үтүмэн уопуттаах киһиттэн эдэр үлэһиттэр элбэххэ
үөрэнэллэр. Улууспут кырдьаҕастара паллиативнай салаа баар буолан үөрэллэр.
Кинилэр Бордоҥҥо тахсан, ыарыыларын эрэ уҕарыппаттар. Күннээҕи сонун-нуомас
үллэстэн, балыыһа үлэһиттэрин эйэҕэс, элэккэй сыһыаннарыттан сылаанньыйан,
күүстэригэр күүс эбиллэн, санаалыын сырдаан тахсаллар.
Юлия АЛЕКСЕЕВА