12:18 Александра Ивановна ГУРИНОВА |
Тыыл, үлэ ветерана Александра Ивановна ГУРИНОВА (Павлова) туһунан кыыһа,педагогическай үлэ ветерана Иванова Люция Прокопьевна, 2015 с. муус устар 3 кунэ: Уоттаах сэриигэ ыҥырыллан Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьан сэрии толоонугар үйэ-саас тухары хаалбыт, тыылга бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбит кырдьаҕастарбыт тустарынан Кыайыы 70 сылын көрсө ахтан-санаан ааһарбыт - биһиги ытык иэспит. Мин чугас дьонум туһунан ахтан, сурукка тиһэн хаалларбыппын кэнэҕэһин сиэннэрбит, хос сиэннэрбит, аймахтарбыт өйдүү-саныы ааҕыахтара, кинилэр дьоһуннаах олохторун сыаналыахтара диэн саныыбын. Ийэм Павлова (Гуринова) Александра Ивановна Тэҥкэттэн төрүттээх. Бииргэ төрөөбүттэрэ сэттэлэр эбит. Иккилэрэ кыра эрдэхтэринэ өлбүттэр, оттон Василий, Александра, Прокопий, Анастасия, Варвара саастарын ситэн баран өлбүттэрэ. Прокопий сэрии сылларыгар Туруктаҕа леспромхозка үлэлии сылдьан маска баттатан өлбүт, кэргэннэммит, оҕолордоох, сиэннэрдээх. Эдьиийим Настаа үлэ, тыыл бэтэрээнэ этэ, асчыт, иистэнньэҥ бэрдэ, үтүө майгылаах, ыалдьытымсах, мэлдьи сылаас дьиэлээх, итии чэйдээх буолара. Кини 2005 с. ыарахан ыарыыттан өлбүтэ. Эдьиийим Варвара эмиэ үлэ, тыыл бэтэрээнэ, икки оҕолоох, элбэх сиэннэрдээх, Хаҥалас улууһугар Төхтүргэ кыыһа Альбина Николаевнаҕа олорон, хараллан өлбүтэ. Ийэм убайа, таайым Василий Иванович Аҕа дойду улуу сэриитигэр геройдуу охтубут хорсун буойун. Кини туһунан түгэн тосхойбутунан ордук сиһилии суруйарым тоҕоостоох. Сэрии иннинэ кэргэннэммит, Уйбаан, Нестер, Нина диэн оҕолорунуун Кириэстээххэ көспүттэр. Кыайыгас, сатабыллаах тэрийээччи, сытыы-хотуу, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах эдэр киһини «2-с Петилетка» колхоз бэрэссэдээтэлинэн талбыттар. Ол үлэлии олордоҕуна Аҕа дойду сэриитэ саҕаланар. 1942 с. Василий Гуринов Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллар. Кэргэнэ Мария Андреевна ыы-кырбас оҕолорунуун хаалан, тыыл ыарахан олоҕун, үлэтин этинэн-хаанынан толору билбитэ. Дьахтар бэрдэ буолан, ханнык да үлэттэн толлубакка үлэлээн, оҕолорун үөрэттэрэн үлэһит оҥортообута. Кэргэнин кэриэстээн иккиһин кэргэн тахсыбатаҕа. Саҥаспыт барахсан үйэтэ уһаан 100 сааһын томточчу туолан, СР президенэ В.А.Штыров 2004 сыл тохсунньу ый 15 күнүнээҕи Ыйааҕынан «Үйэ саас» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Ийэм убайа Василий Иванович Гуринов I-кы Прибалтийскай фронт 4-с .... армиятын 92-с стрелковай корпуһун 364-с отдельнай пулеметнай- артиллерийскай батальонун пулеметчига, младшай сержант уонна «Хорсунун иһин» мэтээллээхбуойун 1944 с. алтынньы 28 күнүгэр Литва сиригэр Акмяне куорат таһыгар сэрии толоонугар Ийэ дойдутун көмүскүү сылдьан геройдуу охтубутун туһунан биллэрии кэргэнэ Гуринова Мария Андреевна аатыгар кэлбитэ. Дьиэ кэргэни ытаппыт-соҥоппут, тулаайах дьылҕалаабыт докумуон ис хоһооно маннык этэ: Нахара, к\з «Коммунар» Извещение Ваш муж пулеметчик мл. сержант Гуринов Василий Иванович уроженец Сунтарского района в бою за социалистическую Родину, верный воинской присяге, проявив геройство и мужество, погиб 28 октября 1944года. Похоронен в братской могиле хутор……. уезд …… Акмянской области Литовской ССР. Настоящее извещение является документом для возбуждения ходатайства о пенсии. Райвоенком Капитан Хобец. Таайбыт сэриилэһэр армия кэккэтигэр 1942 с. бэс ыйын 26 күнүттэн 1944 с. алтынньы 28 күнүгэр диэри 856 хонукка сылдьыбыт. Сэрии бүтүө 6 ый 12 хонук иннинэ өлбүт. Аҕа дойду сэриитин саллаата тыынын толук ууран Ийэ дойдутун тутулуга суох буолуутун көмүскээбитэ. Василий Иванович төһө да кылгас олоҕу олордор, сирдээҕи олох тапталын билэн, үс оҕону хаалларбыта. Оҕолоро бары үөрэхтээх, үлэһит дьон буолан, республика, улуус сайдыытыгар үтүө өҥөлөөхтөр. Улахан уол Иван Васильевич Томскайдааҕы государственнай университет юридическай факультетын бүтэрбитэ. Өр сылларга Усуйаана оройуонугар народнай судьуйанан үлэлээбитэ, РСФСР үтүөлээх юриһа, кэргэннээх, оҕолордоох, сиэннэрдээх. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан Дьокуускайга олорор. Иккис уол Нестер Васильевич Москватааҕы экономика-статистика институтун ситиһиилээхтик бүтэрэн, "Элгээйи”, "Кириэстээх” совхозтарга кылаабынай экономиһынан олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Түөрт оҕолоох, элбэх сиэннэрдээх, хомойуох иһин, 2000 с. биһиги кэккэбититтэн туораабыта. Тапталлаах кэргэнэ Гуринова Елизавета Петровна «Мин дойдум – мин дьылҕам» диэн кэргэнигэр анаан кинигэ таһаарбыта. Нестер аҕата сэриигэ барарыгар 1,5 саастаах хаалбыт. Соҕотох кыыһа Нина Васильевна 30-тан тахса оскуолаҕа начальнай кылаастарга учууталлаабыта, педагогическай үлэ ветерана, билигин Мирнэйгэ уолугар Иванҥа олорор, үс сиэнин харайсар. Ийэм Александра Ивановна эрдэ тулаайах хаалан, сэрии сылларыгар ыанньыксыттаабыт. Бэттиэмэҕэ, Андылаахха олорон үлэлээбит. Сэрии сылларыгар колхозка биригэдьиирдээбит, колхознай-совхознай тутуу ветерана Павлова Анисия Прокопьевна Кыайыы 40 сылын көрсө үөрэнээччилэргэ туһаайан эппититтэн: «Эһиги эбэлэргит, эһэлэргит сэрии ыарахан сылларыгар аһа -таҥаһа суох, туох да олус кытаанах олоҕу олорон, үлэлээн ааспыттара. Кинилэр түүннэри-күнүстэри дьулуурдаах үлэлэринэн ииппит сүөһүлэринэн күн бүгүнүгэр диэри совхоз сүөһүлэнэн-астанан олорор» Аҕа көлүөнэ кырдьаҕастар ити курдук бэйэлэрин харыстаммакка тыылга кыайыыны уһансыбыттара. Сэрии сылларыгар дьулуурдаах үлэтин иһин ийэм «1941-1945 сс. Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэ иһин” диэн мэтээллээх этэ. Кыра эрдэхпинэ киниискэтинэн, мэтээлинэн оонньуурбун өйдүүбүн. Мин 1953 с. оскуолаҕа киирэрбэр дьонум ферматтан Марбаҕа көһөн кэлбиттэрэ. Кулуупка остуорастаабыта, оччолорго сороҕор түүннэри да сыһа буолар колхоз мунньахтарыгар ийэм барахсан чэй өрөн түбүгүрэрэ, киһи бөҕө мустан чэйдииллэрин өйдүүбүн. Ийэм үчүгэй майгылааҕын, дьоҥҥо сүрдээх эйэҕэс сыһыаннааҕын дьон-сэргэ аһара истиҥник ахтар. Дьонум миигин сааһыран баран төрөппүт буолан, олус маанылаан, атаахтатан ииппиттэрэ. Биирдэ да улаханнык мөҕүллүбүппүн, таһыллыбыппын өйдөөбөппүн. Үөрэхтээх, үчүгэй үлэһит киһи буоларбар аһара баҕараллара. Ийэм 1964 с. ыарахан ыарыыттан өлбүтэ. Кини сырдык аатын сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыы ааттатыахтара. Дьонум эрэллэрин, баҕаларын толорон омук тылын учууталын идэтин ылан, уһуннук үөрэҕирии эйгэтигэр үлэлээбитим. Үлэм сыаналанан, СР үөрэҕириитин туйгуна, «Саха-Азия оҕолоро» фонда стипендиата, СР үөрэҕириитин бочуоттаах ветерана, Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо буолан, билигин сынньалацца олоробун, сиэннэрбин көрсөбүн. |
|