Суббота, 28.12.2024, 14:58
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 14
Гостей: 14
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 19 » Александра Степановна ЫМЫЧАНОВА
05:45
Александра Степановна ЫМЫЧАНОВА

Үлэ бэтэрээнэ Александра Степановна ЫМЫЧАНОВА

Убайдарбыт баар буолан

            Былыр ийэбит аах Чуо- күөл диэн ааттааах сиргэ олохсуйан олорбуттар. Ийэбит аата Ымычанова Мария Петровна- Бачыыҥкалаах Маарыйа диэн. Чуо күөл арҕаа өттүгэр, «Балаайап атаҕа» диэн ааттаах сиргэ сайылык дьиэлээх, күөл хотугулуу- илин өттүгэр улахан кыстык дьиэлээх этибит. Сэрии кэннэ ол дьиэбитин ийэбит колхозка бурдук иһин атыылаабыта. Дьиэни көһөрөн аҕалан учууталлар уопсайдара гыммыттара. Ол дьиэ 60 сыллар кэннилэригэр олорбут учуутал дьалаҕайыттан уокка былдьанан турар.

            Ийэбит огдообо хаалан баран аҕыс оҕолорун бэйэтэ ииппитэ. Баай дьон кыыһа буолан үчүгэйдик олорбуттар. Онтон сэрии инньинэ сүөһүтэ- аһа аҕыйаан оҕолорун иитэригэр элбэх ыарахаттары көрсүтэлээбит. Ол иһин сэрии кэмигэр, аччыктааһын саҕана оҕолорун хоргуталамаары көмүһүн, түүлээх таҥастарын атыылаан оҕолорун иитэлээбит, киһи- хара оҥортообут.

            Ити кэмҥэ сэрии туһугар диэн ыаллартан көмүстэрин хомуйа сылдьыбыттааҕа. Биир сайын улуустан биир болумуочунай ийэм үрүҥ көмүс киэргэллэрин хомуйан ылаттаабыта. Оччолорго мин 3-4- тээх кыыспын, онон үчүгэйдик өйдүүбүн. Ол киһи ийэм үрүҥ көмүс бастыҥатын, харыга кэтиллэр бөҕөҕү уһун баҕайы модьу мин моонньубар иккитэ эргийэн кэлэр уһуна тобуктарбар охсуллар этэ уонна мин төбөҕө кэтэр кыһыл көмүс дуйдаах ободуокпун ылбыта. Ободуогум икки чэчэгэйбин ыга тутар этэ. Биэримээри гыммытым буолуо ону ийэм «Төбөбүн ыга тутар диэччиҥ дии биэриэххэ»- диэбитэ. Бу киһи бачча элбэх көмүһү куттаан, ыган- түүрэн да туран ылбыт буолуон сөп. Государствоҕа да баабатаҕа саарбах. Тоҕо да диэтэххэ туох да докумуону билиһиннэрэрин өйдөөбөппүн уонна соҕотоҕун сылдьара, туоһу киһитэ суоҕа.

            Убайдарым кэпсииллэринэн кыһыл көмүс киэргэллэри биэрбэтэх үһү. Кэлин көмүстэрин арыылаан ас- таҥас гымматаҕа үһү. Хара таастаах сиринэн соһуллар уһуннаах кыһыл саһыл тыһа истээх сонноро үһү. Ол сонун иһинэн бэргэһэлэрин тигэттээн атыылаабыт. Биһиги сэрии инньинэ бары хотуобай наһаа үчүгэй таҥастаах этибит, атах таҥаһын арааһын кэтэрбит. Сэрии саҕана аспыт- таҥаспыт лаппа мөлтөөбүтэ. Ити кэмҥэ икки уола бултаан, аһаталаан улаханнык күүс- көмө буолбуттар уонна хоргуйууттан быыһаабыттар. Сэрии саҕаланарыгар улахан уола николай 12, кыра уола Егор 11 эрэ саастаах эбит. Ол сылдьан дьиэ үрдүгэр чыычаахтарга кылынан туһах хатан уураллара үһү. Арай биирдэ ийэм кыһыахтыы турдаҕына Дьөгүөр икки ытыһын холбуу тутан ытыы- ытыы тугу эрэ тутан киирэр, онуоха ийэтэ «Хайа нохоо, туох буолан киирдиҥ? Ити туоххун тутан тураҕын»- диир. Онуоха уола: «Бу, чыы- бу бу чыычаах» дии дии ытаабытын өйдүүбүн. Онтубут баара туһаҕар иҥнибит чыычааҕын ылан баран үөрүүтгэр ханна турарын умнан кээһэн сирдии хааман дьиэ үрдүттэн сууллан түспүт. Ол түһэн тугун эрэ ыарыттаҕа дии уонна бултаабыт үөрүүтүттэн ытаабыт. Бу убайым Дьөгүөр аан маҥнайгы булда буолар. Ол кэнниттэн ийэлэрэ сиэлинэн туһах хатан биэрбит уонна куобахха туһах ииттэрэллэригэр үөрэппит. Онтон кэлин бэйэлэрэ туһах хатар , куйуур баайар буолбуттар. Онтукаларынан куобах бөҕө, балык бөҕөнү бултаан хаһааналлар эбит. Убайдарым сарсыарда туран баралларын билбэппин, киэһээ хойут хараҥарбытын кэннэ куобах бөҕөнү сүгэн кэлэллэрэ. Киэһээ буолла да таһырдьа убайдарым кэлэллэрин кэтэһэрим. Кулгааҕым тыһырҕаатаҕына киирэн иттэн баран эмиэ тахсарым.

Биирдэ оннук маныы сырыттахпына убайдарым инньилэригэр- кэннилэригэр куобах бөҕөнү сүкпүттэр уонна хас да куобаҕы моонньуларыттан баайан баран соһон иһээхтииллэр эбит. Ийэм тахсан көмөлөһөн дьиэлэригэр киллэрбиттэрэ. Ийэлэрим уолатарын олус харыстыыр, ас үчүгэйинэн аһаталыыр этэ, сотору- сотору саламаат оҥороро. Бу сырыыга уолаттарыгар эмиэ саламаат оҥорбут этэ. Аһаан мотуйа олордохторуна «Киһи этэрин истибэккит, куобах буһаран сиэн диэн этэбин буолбат дуо!» диэн мөҕөттөөбүтүн өйдүүбүн. Күнү- быһа кыра лэппиэскэлэринэн сылдьаллар үһү. Куобаҕы өлөрөр буолтарын кэннэ буһаран ыһыктыыр буолбут.

Эмиэ биирдэ быһылааҕа ичигэс баҕайы күн этэ ийэм дьиэҕэ итииргии- итииргии турбута, мин идэбинэн таһырдьа убайдарбын кэтэһэ сылдьабын. Хайа диэккиттэн кэлэллэрин билэбин. Ол сылдьан көрдөхпүнэ Ньукулай хара аты гыбынан баран сүүрэн аҕай иһэр эбит. Бэргэһэтэ суох көрдөхпүнэ баттаҕа буруолуу иһэр. дьиэҕэ сүүрэн киирэн  «Ньукулай биир хара аты кыбынан иһэр, баттаҕыттан буруо тахсар диэтим. Ону истээт ийэм бириитин киэр эһэн кэбистэ уонна кыра остуолу оһох инньигэр соһон аҕалла, оһох чоҕун үрэн барда уотун уматаары буолуо. Ол турдаҕына уола ытын кыбыммытынан ойон киирдэ. Онтон ийэм тугу эрэ саҥара- саҥара уолун сыллаан ылла уонна хаҥас диэккиттэн сүөгэй ыт муннугар бистэ. Ити инньинэ ыты остуолга уурбута. Онтон оһоҕун түбүгэр түстэ уонна тугу эрэ саҥара- саҥара оһоҕор сүөгэй биэрдэ. Ити бириэмэҕэ ыт муннугар биһиллибит сүөгэйгэ ымсыыран сөмүйэбин уунанэрдэхпинэ ийэм көрөн илиим көхсүгэр оҕуста. Онуоха соһуйан ытаары гыммыппар бу ыт буолабатах, бу саһыл диэн булт буолар диэн ханнык баҕарар булт муннугар сүөгэйи бистэххэ ымсыырбат буол диэн саҥарда». Итинтэн ыла убайдарым кыһыл саһылы бултуур буолбуттара. Онон эмиэ саҥа таҥастары таҥнар буолбуппут.

Сэрии кэнниттэн ийэбит ыанньыксыттаабыта, биригэдьиирдээбитэ, онтон кэлин кулуубка остуорастыы сылдьан хойут пенсияҕа тахсыбыта. Ол саҕана пенсия 12 солкуобай этэ. Сэрии сылыгар кыралар туһа дьон этибит, буолаттан бурдук куолаһын күтэр кутуйахха хаһааһын булан хомуйарбыт. Бэлэм буолбут бурлук түгэхтэрин чохчолоон биэрэрбит. Ардыгар бугул түгэҕин харбатан сордууллара. Охсуллубут от сытын олус абааһы көрөр этим, сүрэҕим көбөн кураанаҕынан сэниэм эстиэр диэри хотуолуу сатыыр этим. Ол иһин кэлин бугул түгэҕин харбата ыыппат буолбуттара. Ийэбит үҥкүү тылын этэр идэлээҕэ. Дьуохардыырыгар икки хос буолара, мааны баҕайытык таҥнара, атаҕар былыр баай дьахталлар кэтэр уһун сотолоох үөһээҥҥи дылы быа тиһиликтээх, хобулоуктаах бачыыҥкалаах, билиҥҥилии сапожкалаах этэ. Оннук бачыыҥка киниэхэ эрэ баара, ол иһин Бачыыҥкалаах Маарыйа диэн ааттаабыттара. Бу бачыыҥкатын олус харыстыыра, бырааһынньыктарга, үҥкүү тылын этэригэр эрэ кэтэрэ. Бачыыҥкатын 50 сыллар кэннилэригэр диэри кэппитэ. Былааччыйалара бары байбаралара суох этэ, байбаралаах ырбаахы дьадаҥылар эрэ кэтэр таҥастара диирэ. Уола Ньукулай эдэр сылдьан үҥкүү тылын  этэ сылдьыбыттаах, ону ийэтэ туйахпын хатарар киһилээх эбиппин диирэ. Онтон уола кэлин үҥкүү тылын этэрин таһы- быһа быраҕан кээспит үһү. Тоҕо бырахпытын ким да билбэт, ыйыттахтарын тугу да эппэт үһү. Кини оннугар ийэтин туйаҕын хатаран иккис уола Дьөгүөр үҥкүүһүт бэрдэ буолбута. 2010 сыллаахха  «За вклад в развитие народного творчества» диэн знагы культура управленията туттарбыта. Онон тумуктээн эттэхпинэ убайдарым баар буоланнар бултаан- балыктаан, аһатан- таҥыннаран уонна ийэбит дьаһаллаах буолан сэрии ыар сылларын этэҥҥэ туораабыппыт, киһи- хара буолбуппут. Убайдарым оонньооботох оҕо саастарын төһө да билбэтэллэр куһаҕаннык иитиллибэтэхтэр, ийэлэрин тылларыттан тахсыбатахтара! Кинилэр хаһан да иирсэ- охсуһа сылдьалларын өйдөөбеппүн, олус эйэлээх этилэр, быыс хайаҕас булан мэниктээн ылар этилэр. Мэниктииллэрэ киирдэҕинэ миигин ытатан- сордоон тахсаллара, күөл кутатыгар туруоран баран хаамтаран куттууллара, ардыгар үүнэн турар бурдук иһигэр киллэрэн муннаран кээһэллэрэ, ыҥыыр инньигэр олордон баран чалбах кэллэҕинэ бу дириҥ уу онно түстэххинэ өлбүт дии дии түҥнэри анньар буолан аймыыллара. Ардыгар куулу тиирэн оҥоһуллубут үөһээ өһүөҕэ ыйанар быалаах оҕо бөлүөҥкэтэ диэҥҥэ сытыаран баран хачайдыыллара, ардыгар ол быа кылгыар диэри эргитэн- эргитэн баран ыытан кээстэхтэринэ эргийэн кулахачыйара кутталбыттан ытаан муҥнанарбын өйдүүбүн. Онтон ааттаан киэһээ аһылыкпытыттан бэрсиэхпит диэн албыннаан ийэҕэр этээйэххин диэн сирэйбин харахпын сотон баран тугу да оҥорботох курдук туттан дьиэлэригэр кэлэллэрэ. Ийэбэр хаһан да үҥсүбэтэҕим.

Ол да буоллар убайдарбын олус күндүтүк санаталыыбын төһөтүн да иһин бэйэлэрэ эмиэ ойор- тэбэр оҕо саастарыгар сылдьар дьон буоллахтара дии. төһө да кырыыстаах сэрии мэһэйдээтэр аҕаларын оннулларыгар, аҕа оруолун толорон кыра дьарамай ханыыларыгар үлэ ыараханын сүгэн, биһигини киһи- хара оҥортообуттарын иһин кинилэр ааттарыгар сүгүрүйэбин.

 

Ахтыыны суруйда балтылара Александра Степановна- Ымыы кыыһа

 

 

 

 

Просмотров: 243 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]