Суббота, 28.12.2024, 15:02
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 14
Гостей: 14
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Январь 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    2728293031
    Главная » 2020 » Январь » 30 » АЛЕКСЕЕВ Осип Дмитрьевич
    05:30
    АЛЕКСЕЕВ Осип Дмитрьевич

    АЛЕКСЕЕВ Осип Дмитрьевич

    (1910-1942)

    “Память”, 3 том, с. 15

    Бордоҥ нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр үстэр: Осип , Дария, Екатерина. Дьоно дьадаҥы буоланнар үөрэммэтэх. Кини 1925 с. олоҕун аргыһын Мария Никоновнаны кэргэн ылан, торҕо буруону унаарытан, иитэр сүөһүнү күрүөлээн, төрөтөр оҕону төлкөлөөн ыал буолбуттар. Барыта 10 оҕону төрөппүттэриттэн уолаттар бэһиэн кыраларыгар оччотооҕу тиийиммэт-түгэммэт ыар олох сиэртибэтэ буолан бары өлбүттэр. Оттон кыргыттар улаатан дьонноругар туһалыыр дьон буолбуттар.

    30-с сылларга саҥа колхозтар тэриллибиттэригэр Осип Дмитрьевич баҕа өттүнэн Кыһыл Баһыыка колхозка киирэн тутаах үлэһит буолбута. Көмүс промышленноһын сайыннарар сыалтан колхозтарга этинэн, арыынан көмөлөһөргө сорудах биэрэллэрэ. Ити уонна да атын таһаҕаһы көмүстээх тайҕаҕа тиэрдиини дьон чулууларыгар, доруобайдарыгар, сытыыларыгар-хотууларыгар итэҕэйэллэрэ, олор ортолоругар Осип Дмитрьевич эмиэ баара. Кэлин тутууга үлэлээбит. Кини күүһүн-күдэҕин, дьулуурун түмэн күүрээннээхтик үлэлии сырыттаҕына аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт сэрии саҕаламмыта.

    Осип Дмитрьевич 1941 с. балаҕан ыйыгар Ийэ дойдутун көмүскүү барбыта. Сунтаартан ыҥырыллыбыт 700-тэн тахса киһи сатыы Туруктаҕа тиийбиттэр. Онтон пароходка олорон Усть-Кукка тиийбиттэр, салгыы массыынанан, тимир суолунан айаннаан Мальта тимир суол станциятыгар тиийэн тохтообуттар. Осип Дмитриевиһи Монголияҕа ыыппыттар, онно байыаннай бэлэмнэниини барбыт. Ол сылларга олох үөрэҕэ суох нууччалыы билбэт саха киһитэ төһө элбэх кыл-мүччү түгэннэри көрсүбүтэ буолуой, ону көннөрү сэрэйиэххэ эрэ сөп.

    Монголияттан доруобуйата мөлтөөн Читинскэй уобаласка үлэ фронугар кэлбит. Итиннэ кэлэн биир дойдулааҕа Михайлов Конон Иннокентьевичтыын көрсүһэн, биир сыл устатыгар бииргэ, мас бэлэмнээһинин араас үлэтигэр сылдьыбыттар. Манна үлэлии сылдьан Осип Дмитрьевич ойоҕостотон Улан-Удэҕэ госпитальга сыппыт уонна 1942 с. муус устар ыйга өрүттүбэккэ өлбүт. Көмүллүбүт сирэ чуолкайа биллибэт.

    Мария Никоновна кэргэнин сэриигэ атааран баран, биэс кыыһын кытта соҕотоҕун эргийэн хаалбыта, колхозка үлэлээбитэ. Ийэ барахсан оҕолорун киһи гынаары үгүс да кыһалҕаны көрсүбүтэ. Ол курдук ааспыт аһыы, кэргэн ыар сүтүгэ, олох эриирдэрэ-мускуурдара өссө эбиллэн испиттэрэ. Икки кыыһа улаатан үөрэхтэрин хаалларан, ийэлэригэр күүс- көмө буолаары колхозка үлэлээн, балтыларын иитиспиттэрэ.

    Сэрии огдообото Мария Никоновна 1972 с. өлбүтэ. Кини кыргыттарын оҕолоро - сиэннэрэ эбэлэрин сырдык ыратын толорон, үөрэнэн, араас идэни ылан үлэлии-хамныы сылдьаллар. Кинилэр ортолоругар бааллар: экономистар, механизатордар, государствоҕа куттал суох буолуутун үлэһитэ. Осип Дмитрьевич, Мария Никоновна удьуордара ууһаан, ыччаттара тэнийэн кинилэр үтүө ааттарын дорҕоонноохтук ааттаталлар.

     

     

    Просмотров: 239 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]