Суббота, 28.12.2024, 16:03
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 2
Гостей: 2
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 15 » Алексей Дмитрьевич ИВАНОВ
12:26
Алексей Дмитрьевич ИВАНОВ

Тыыл, үлэ ветерана

Алексей Дмитрьевич ИВАНОВ туһунан

кыыһа Лукина Галина Алексеевна:

Аҕам 1900 с. Бордоҥ нэһилиэгэр Улгумда диэн сиргэ баар сайылыкка төрөөбүт буолуохтаах, төрдүн-ууһун соччо кэпсээбэт этэ. Дьоннор дьээбэлээн «Быыпсай кинээс» уола дииллэрэ, аҕата Миитис диэн сэниэ соҕус киһи быһыылаах. Икки балтылаах: улахана Матрена (Моппууса), кэлин Ньурба диэки олорбут, биирэ Аана, кинини билэбин, Генеров Евсей диэн Куокуну киһитигэр кэргэн тахсан олорбута. Кинилэр биир кыыстаахтар - Ксения Евсеевна, педиатр-врач, Харьков куоракка үөрэммитэ. Аҕам эдэр сылдьан Бодойбонон, Өлүөхүмэнэн сылдьан үлэлээбит. Өлүөхүмэҕэ комсомолга үлэлии сылдьан икки оҕолоох Евдокия диэн кыыһы кэргэн ылбыт. Дойдутугар эргиллэн кэлэн 1934-1935 сс. Бордоҥ нэһилиэгин председателинэн үлэлээбит.

Сэрии саҕаламмытыгар Кэппэндээйигэ дэһээтинньигинэн ананан үлэлии барбыт. Кэмпэндээйигэ туус собуотун суолун солооһунугар эдэр ыччаты салайан үлэлэппит киһинэн буолар. Онтон бэйэтин дойдутугар кэлэн биэс колхоз бөдөҥсүйэн, аны үс колхоз буолбута. Ити колхозтарга мин аҕам Иванов Алексей Дмитриевич председателинэн ананан үлэлээбитэ, дьону-сэргэни стахановтыы тэрийэн үлэлэтэн, колхозка тиэрдиллэр байыаннай бириэмэ булгуччулаах сорудахтарын, нолуоктарын толорторбуттара. Ити сылларга хоргуйан өлөргө тиийэ аччыктааһын буолбута, кини председатель быһыытынан дьон хоргуйан өлүүтүн бохсор кэккэ дьаһаллары ылбыта. Ол курдук ыаллар кустаабыт, тиргэлээбит, бултаабыт аһылыктарыгар эбии иэдьэгэйи, суораты астатан түҥэтэн, уора-көстө кутуйах хаһааммыт бурдугун булан лэппиэскэлээн, хааһылаан сии түһэллэрин көрбөтөҕө буолара. Онтон да атын ньымалары булан дьону аһата сатыыра (ол саҕана бурдук тохтубут куолаһын хомуйуу адьас бобуулаах этэ, биллибит киһи тута хаайыыга барара). Бу уодьаһыннаах сэрии төһө да нолуок арааһынан эрийдэр, нэһилиэк тыылга хаалбыт хас биирдии киһитэ кыайыы күнүн чугаһаппыта, тыылга биир ньыгыл түмсүүнэн, охсуулаах үлэнэн кыайыы буоларыгар модун санааларын булгуруппатахтара. Нэһилиэктэрин баайын-дуолун, сирин-уотун айгыраппакка тутан олорбуттара. Мин аҕам туһунан РСФСР персональнай пенсионера, РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, тыыл уонна үлэ ветерана Степан Спиридонович Попов «Олох түгэннэрэ» диэн кинигэтигэр маннык ахтар: «Иванов Алексей Дмитрьевич (Көөт) ыанньык ферматын сайын устата биэстэ көһөрүүнү киллэрбитэ. Онтон сорох сайылыгар төттөрү көһөрөн аҕалтыыра. Төһө даҕаны мэччирэҥ ото мөлтөх көрүҥнээҕин иһин, син биир үүт эбиллэрэ. Күһүөрү аһыллар ходуһа аттыгар олохсуйара. Кэргэнэ асчыт буолан тутуспутунан сылдьаллара. Алексей Дмитрьевич Өлүөхүмэттэн киирбитэ, Сэбиэскэй былаас маҥнайгы сылларыгар нэһилиэккэ сэбиэттээн, онтон да атын үлэлэргэ эрчимнээхтик үлэлээн ааспыт киһинэн биллэрэ. Кини хараҕа куһаҕаннык көрөрүнэн, оҕотун мэҥэстэ сылдьан «сирдэтэн» бостууктатара. Биир сайын хараҕын Дьокуускай куоракка эппэрээсийэлэтэн баран миэхэ кабинеппар киирээт: «Эн маннык эбиккин дуу»,- диэн саҥа аллайбыта. Бу ытык кырдьаҕас сыаналаах уопута сонно тута колхуос үрдүнэн тарҕанан барбыта. Иккилии ферма холбоһон саппаас сайылыктаммыттара, көһүү графиктара, оттооһун графиктара олохтоммуттара. Онон фермалар сайын устата 2-3 төгүл көһөр кыахтаммыттара. Көһүүттэн үүт ыама үрдүүрүн бары итэҕэйбиппит”.

Ити курдук мин аҕам мэлдьи дьоҥҥо сүбэһит, аҕа табаарыс, истиҥ доҕор быһыытынан биллэрэ. Олохтоохтор киниттэн сүбэ-ама ыла кэлээччилэр, өссө сорохторун эмтээн ыытар этэ. Кини игирэ аҥара буолан оҕолор кулгаахтара эҥин астаҕына, ириҥэрдэҕинэ сахалыы эмтиир этэ. Ону биһиги кыра сылдьан ардыгар көрөр этибит, кимиэхэ да аккаастаабат буолара. Ол да иһин буолуо, мин Тюмень куоракка медицинскай училищеҕа үөрэнэ киирбиппин истэн олус үөрбүтэ, оҕом барахсан быраас буолар диэн үөлээннэхтэригэр кэпсиирин истэрим. Балтым Лидия Алексеевна аҕатын санаатын толорон врач идэтин баһылаата, үөрэххэ киирбитигэр аҕам үөрбүт-көппүт сирэйэ бу баарга дылы. Эдьиийбин Клавдия Алексеевнаны олох кыһайан туран үөрэттэрбитэ, үөрэнэ бардаҕына оҕотун ийэбиниин көрө хаалаллар этэ. Аҕам бэйэтэ икки кылаас үөрэхтээх, ол саҕана син додо курдук үөрэх этэ. Онно-манна элбэхтик сылдьыбыт буолан, нууччалары кытта син кэпсэтэр, быһаарсар буолааччы. Уопсайынан даҕаны кини үөрэҕи өрө тутар оҕонньор, ону-маны саҥаны билэ-көрө сатыыра, мэлдьи дьон ортотугар үлэлии-хамсыы сылдьарын сөбүлүүр этэ. Арыт атынан уу таһан бөһүөлэги хааччыйара, мунньахтары, түмсүүлэри көтүппэккэ сылдьара, араадьыйа сонунун булгуччу истэрэ, маҥнайгы телевизоры биһиги аҕабыт атыыласпыта. Биһиэхэ, кыргыттарга, мотороллер, уолаттарга мотоцикл ылан биэртэлээбитэ. Оҕолоругар олус кыһаллыгас, хаһан да улаханнык саҥарарын истибэтэхпит, күрэхтэһиилэртэн кэлэн маҥнайгы сонуммун аҕабар кэпсиирим, ону наһаа сэргээн истээччи. Бастакы хамнаспын ылаат даҕаны дьиэбэр сүүрбүтүм уонна аҕабар биэрэ охсубутум, наһаа да үөрбүтэ. Мин аҕам хаһан даҕаны дьону куһаҕаннык саҥарбат, дьону истэрин сөбүлүүр. Олох араас олуктарыгар сылдьан үөрэммит буолан буолуо, олохтоохтор үгүстүк сүбэ көрдөөн кэлээччилэр, “ону эн, оҕонньор, туох дии саныыгын” диэн. Коммунистическай үлэ ударнига, саамай улахан наҕараадата диэххэ дуу, аҕам ийэбиниин Москваҕа Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар сылдьан, көрөн-истэн кэлбиттэрэ, онтон аһара үөрэр, киэн туттар буолаллара.

Түгэнинэн туһанан махтанабын инникини өтө көрөр салайааччыга Степан Спиридонович Поповка, кини суруйбут кинигэтин ааҕан баран биһиги дьоммут хайдах үлэлээн ааспыттарын биллэхпит.

Просмотров: 227 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]