Суббота, 28.12.2024, 14:18
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 11
Гостей: 11
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Май 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
        123
    45678910
    11121314151617
    18192021222324
    25262728293031
    Главная » 2020 » Май » 18 » Алексей Николаевич МАТРОСОВ
    02:46
    Алексей Николаевич МАТРОСОВ

    Алексей Николаевич МАТРОСОВ

    Үлэ бэтэрээнэ

      Тэҥкэ тɵрʏт олохтооҕо, тапталлаах аҕабыт, аҕа тапталын иҥэрбит кʏндʏ киһибит туһунан сырдык ɵйдɵбʏл.

      Сааһырдахпыт аайы ыҥыра, угуйа турар биһикпитин  ыйаабыт, кэрэ-мааны айылҕалаах, тɵрɵɵбʏт дойдубутун Тэҥкэни кытта, истиҥник саныыр дьоннорбут мɵссʏɵннэрэ кɵстɵн кэлэллэр. Хомойуох иһин билигин биһиги кэккэбитигэр суох аҕабыт Матросов Алексей Николаевич, (быраатым) бииргэ тɵрɵɵбʏт быраатым, убайбыт Матросов Александр Алексеевич.

      Тэҥкэҕэ ʏлэлии – хамсыы, ʏɵрэ – кɵтɵ сылдьыбт эдэркээн ийэбит Егорова Анастасия Гаврильевна. Тэҥкэ ытык – мааны  тɵрʏт олохтоох кырдьаҕастара. Yтʏɵкэн майгылаах, ʏлэһит дьонноро, кинилэр оҕолоро. Онон – манан баттахпытыгар ʏрʏн кɵмʏс сʏʏмэхтэр кɵстɵн, кʏн – дьыл ааһан, дьоммут – сэргэбит барахсаны ахтан – санаан сурукка эрэ киллэрэр курус кэммит кэлбит эбит. Yгʏстэрэ хомойуох иһин биһиги кэккэбитигэр  суохтар.  Кинилэр биһиги ɵйбʏтʏгэр-сʏрэхпитигэр ɵрʏʏ тыннаахтар. Оҕо сааспытыгар аҕа тапталын толору иҥэрбит аҕабыт туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.

      Матросов Алексей   Николаевич 1934 сыллаахха Тэҥкэҕэ илин тʏбэҕэ Мотуруос ɵтɵҕɵр кʏн сирин кɵрбʏтэ. Ийэтинэн эһээтэ Конобулов Ньукулай – Хоноһо оҕонньор Куокунуттан тɵрʏттээх, кини 3 оҕоломмутуттан Тэрэппииннээх Маарыйа диэн ыалтан 9 оҕо тɵрʏʏр. Олортон Конобулова Агафья, Алааппыйа диэн кыыс Тэҥкэҕэ Матросов Николай диэҥҥэ кэргэн тахсар.

      Кинилэр 5 оҕоломмуттар. Улаханнара, аҕабыт Ɵлɵксɵй, эдьийэ Акулина Николаевна, быраата Алесандр Николаевич. (1940-1943 сыллаахха тɵрɵɵбʏт Матрена, 1942-1948 сыллаахха тɵрɵбʏт Иван – кыра оҕо, 3-6 саастарыгар сэрии ыар тыынын уйбакка ɵлɵɵхтɵɵбʏттэр).

      1942 сыллаахха Аҕа дойдуну кɵмʏскʏʏр Улуу сэриигэ аҕалара 5 оҕотун хаалларан барбыта.

      Николай Матросов ытык иэһин толоро сэриигэ барбыта. 1944 сыллаахха сураҕа суох сʏппʏтʏн туһунан биллэрии кэлбитэ.

    Сэрии ыар сылларыгар аас – туор олохтон ийэлэрэ барахсан сэллигинэн ыалдьан ɵлɵɵхтɵɵбʏт. 2 кыра оҕо эмиэ (тулуйбакка) тɵннɵɵхтɵɵбʏттэр.  Тулаайах хаалбыт оҕолору Ɵлɵксɵйдɵɵх, Ɵлɵксɵɵндʏрʏ Тойбохой детдомугар ыыппыттар. Эдьийдэрэ Ɵкʏлʏʏн Тэҥкэҕэ хаалбыт

    Сэрии ыар сылларыгар элбэх тулаайах хаалбыт оҕолор манна кэлэн тыыннаах хаалан, ʏɵрэхтэнэн, ыал буолан, оҕо-уруу тɵрɵтɵр дьылҕаламмыттара буолуо. Быһа тʏһэн эттэххэ, быраата (Ɵлɵксɵɵндʏр)  Александр Николаевич Матросов 5 кылааска Суотту детдомугар кɵспʏтэ. Онтон салҕыы бэйэтигэр эрэ эрэнэр, кʏʏстээх санаалаах, ʏɵрэххэ дьулуурдаах буолан, бас тулаайах оҕо баҕа санаатын кынат  оҥостон үөрэммитэ.

     Эдьиийэ Ɵкʏлʏʏн Тэҥкэҕэ, Степанов Егор Филипповичтыын ыал буолан, 4 оҕону тɵрɵтɵн, ʏɵрэхтэтэлээн, ыал гынаттаабыттара.  Кинилэртэн элбэх сиэн, хос сиэн ааттарын ааттата сылдьаллар.

    Биһиги аҕабыт Тойбохой детдомугар 8 кылааһы бʏтэрбитэ. Ити 1953 сыллаахха. Тɵрɵɵбʏт Тэҥкэтигэр тɵннɵн кэлбитэ. Араас ʏлэҕэ сыстан ʏлэлээн барбыта. 1962 сыллахха  олоҕун аргыһын кɵрсɵн, Егорова Анастасия Гаврильевналыын ыал буолбуттара.  4 оҕону тɵрɵтɵн, атахтарыгар туруортаабыттара.

    Элбэх сиэн, хос сиэн кинилэри ааттатан, олоҕу салҕыыллар. 1962 сыллаахха Ньурба Мархатыгар СПТУ – га ʏɵрэнэн, тракторист идэтин ылар. Ылсыбыт ʏлэтигэр эппиэтинэстээх, чиэһинэй, албыны-кɵлдьʏнʏ сɵбʏлээбэт, ʏлэһит эдэр киһини, 1962 сыллаахха, 28 сааһыгар коммунистическай партия кэккэтигэр ылаллар. Онтон араас ʏлэҕэ комплекснай биригээдэ  биригэдьииринэн, тракториһынан, дизелиһинэн, осеменаторынан араас ʏлэттэн  толлон турбакка ʏтһɵ суобастаахтык ʏлэлээбитэ.

    Биһиги аҕабыт барахсан наһаа да киэҥ-холку майгылаах, кʏлэ-ʏɵрэ сылдьар мɵссʏɵнэ ɵйбʏтʏгэр хаалбыт. Элбэхтик аҕабын батыспыт, атаҕар утуйбут буолан наһаа истиҥник саныыбын. Кыратык кынначчы туттан, бэргэһэтин кыҥнары соҕус ууран, север табааҕын туора ытыран:- «Широка страна моя родная..» диэн киҥинэйэн ыллыы иһэрин, оҕо сылдьан кэнниттэн батыһа иһэрим ɵйбɵр хатанан хаалбыт.  Отой кыра эрдэхпитинэ Тэҥкэҕэ (оҕуруот) хаппыыста ʏʏннэрэллэрэ ʏɵʏ. Хаппыыста буолата дииллэрин ɵйдʏʏбʏн. Онно ʏлэлээн эбитэ дуу, ʏʏнээйи ʏʏннэрэрин сɵбʏлʏʏр этэ. Билиҥҥи киһи бары оҕуруот аһын ʏʏннэрэр кэмигэр олорбута буоллар, оҕуруотчут бэрдэ буолуо этэ. Оҕурсуу, помидор ʏʏннэрэн, онтуларын кɵрɵн кыҥначчы туттан, астынан сиэбэр уктан турара субу баар курдук.

    Оторуустан, ийэбинээн мотуорунан соһон-сыһан аҕалан ʏʏннэрбит  харастара, рябиналара Тэҥкэҕэ улааппыт дьиэбит тэлгэһэтигэр силигилии ʏʏнэн тураллар, тыыннаах ɵйдбɵʏл курдук.

    Тэҥкэҕэ хас да сыл биһиги кыра эрдэхпитинэ 70 сыл саҥатыгар буолуо (Евсеев Бʏɵтʏрдʏʏн) дизелиһинэн ʏлэлээбитэ.

    ГЭС уота Тэҥкэҕэ кэлиэн иннинэ, электричество сырдыга электростанция ʏлэлээтэҕинэ кэлэрэ. 11 чааска киэһэ умуллара. Быраатым Сашалыын иккитэ сэрэтэн чыпчылыҥнатан умуруораар диэн кɵрдɵһɵрбʏтʏн ɵйдʏʏбʏн. Оннук сэрэтиилээх да быһыылааҕа. Ол дизелистиин сылдьан, кʏнʏһʏн сʏɵһʏгэ эбиискэ аһылык ДХУ диэҥҥэ мээккэлииллэрэ харыйаны, иирэни. Соноров Петр, Евсеев Петр буолан ʏлэлииллэрин аҕабытыгар баран ыраахтан кɵрɵн турааччыбыт.

    Аҕабыт уу мотуоркалаах этэ.  Эбэ ʏрдʏгэр олорор дьоҥҥо  саамай наадалаах кɵлɵ этэ. Билиҥҥи курдук ыал аайы массыына суох. Аҕыйах ыалга баар этэ. Боротов Лэгэнтэйдээххэ, Аввакумов Арамааннаахха, Евсеев Бʏɵтʏргэ, Ильин Уоһукка, Кириллин Сашаҕа, Индеев Бориска бастаан ити курдук тарбахха баттанар дьоҥҥо баара. Хас биирдии киһи мотуора ураты тыастаах курдук ɵйдʏʏбʏн.  Аҕабыт Нептунун тыаһын эндэппэккэ билэрбит. Бордоҥҥо бардаҕына, бырааттарым Саша, Алеша, балтым Света буолан кʏʏтэрбит.  Илин кытыл тоҕуйттан тыаһа иһиллиннэҕинэ ийэбитин ыҥыран бары дьиэбит (ʏрдʏнэн) туһунан баар ɵрʏс ʏрдʏнээҕи скамейкаҕа олорон кʏʏтэрбит.  Аҕабыт барахсан дьоно кʏʏтэриттэн астынан, тоҥмутун, сылайбытын умнан, дуоһуйа астынан, дьоһумсуйан ʏɵрэн кэлээхтиирэ.

    Аҕабыт сайыҥҥы кэмҥэ кыра эрдэхпитинэ бостууктуура.  Доҕор оҥостубут, ыкса ыаллара, элбэх оҕолоох Зинаида, Николай Индеевтэрдиин Уһун Кʏɵл сайылыгар сайылыыр этибит. Элбэх сайын эбитэ дуу, биир сайын эбитэ дуу, сайылыкка кɵһʏʏ, онно бастакы кɵһɵн кэлэн оонньуур киэһэбит наһаа истиҥ ɵйдɵбʏл хаалан хаалбыт. Чахчы хоһооҥҥо холбоммут, ырыаҕа ылламмыт сайылык сайыҥҥы унаар киэһээлэрэ… Улахан оҕолор тʏптэ бэрийэллэрэ буолуо, биһиги кыралар илин – кэлин тʏсʏһэн кɵмɵ буоларбыт буолуо. Ыраахтан сайдыыр саҥалара иһилиннэҕинэ тʏптэни буруолатан унаарытыы.  Сайылык арҕаа ɵттʏттэн сʏɵһʏ маҥырааһына, сʏɵһʏ кʏрʏ анньан киириитэ.  Аҕаларбыт аттарын миинэн кʏлэ-ʏɵрэ,  кʏɵ-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ кэлиилэрэ наһаа да сʏрэҕи  манньытар истиҥ ɵйɵдбʏл. Онтон киэһэҥҥи нуурал киэһэ, сʏɵһʏлэр бары уоскуйан сыталлара,  тʏптэ буруота сайылыгы сабардыы бʏрʏйбʏтэ, оҕо-аймах кʏлэр-ʏɵрэр кʏлʏʏтэ, дьоннорбут утарыта кɵрсɵн олорон  кэпсэтэ-кэпсэтэ ʏʏттээх чэй иһэллэрэ бу барыта ааспыт олох умнуллубат кэрэ тʏгэннэрэ. Ийэбит бэтэринээр буолан сайылыкка атынан барыы туһунан туспа кэпсээн. Мин улахан киһи буолан акка мэҥэстэрэ мэлдьи кэннигэр олорсобун. Быраатым Саша ыҥыыр таһыгар тэлиэгэҕэ олорсооччу. Мин атын сайылыкка тиийэрбэр кэнним дьуккуруйан, наһаа сылайан хаампыт киһи тʏһэн дии саныырбын ɵйдʏʏбʏн. Оччотооҕу оҕо хаппырыыстыыр диэни билбэппит эбит.  Атынан, ыраах айанныыр дьолбутугар сылайарбытын да умнар эбиппит. Ол Тойон уйатыгар эмиэ сʏɵһʏ сайылыыр быһыылаа5а, онно айанныыр эбиппит. Сʏɵһʏлэргэ ийэбит быһыы биэрэ барар этэ.

    Уһун Кʏɵлгэ оҕо сааһым саамай  кʏндʏ, элбэхтик атахтаппыт,кыһынын куобах быарын, мас кɵтɵрʏн саамай минньигэс эттээх ɵттʏн буһаран кэһии гынан киллэрэр, эһээ оҥостубут киһим барахсан Индеев Ньукулай «Мамыыһай» оҕонньор баара. Икки эһээбит иккиэн сэриигэ баран  тɵннʏбэтэх оҕолорго эһээбитин солбуйбут киһибит этэ.  Саамай ачаалаппыт,  албадыппыт оҕото мин этим. Оҕом ʏɵрэнэригэр тиийбит киһи диэхтиирэ уʏкʏтʏɵтʏм ийэм эдьийэ Егорова Дарья Никитична кэргэнэ, Семенов Прокопий Петрович бостууктаспыта.  Биирдэ куораттан убайбыт  Александр ны кɵтʏппэт, мэлдьи бииргэ сылдьар дьоллооМатросов кʏʏлэйдии кэлбитэ.  Мап – маҥан майкалаах тэлгэһэ отун охсон кɵрɵɵрʏ хотуур тутан турара харахпар хатаммыт. Онно Тэҥкэттэн эдьийбит Ɵкʏлʏʏн, кыыһа Валя кэлсибит быһыылааҕа, Прокопий уола убайбыт Евгений (уһун киэһээни супту)буолан титиик ʏрдʏнэн сʏʏрэккэлэһэн оонньообуппутун, улахаттары кэннилэриттэн, сырсыһарбытын ɵйдʏʏбʏн. Аҕабыт кыра бултка, куска, куобахха наһаа мындыр булчут этэ. Сайынын кустаан, кыһынын сааһыран да баран туһахтаан, илии тутуура суох кэлээччитэ суох. Ону батан биһиги балтыбыт, кырабыт Света, булт диэн муннукка ытаабыт киһи. Отой кыра эрдэҕиттэн ɵрʏскэ киирэн от кʏɵх кууркалаах, чɵкɵллɵн олорон  самыыры самыыр диэбэккэ,  чааһы чааһынан кʏɵгʏлʏʏ олорооччу. Биһиги аатыгар киирэн баран аҕыйахта быраҕаат, ууну тааһынан быраҕаттаан, мэниктээн барар дьоннор этибит, бырааттарбынаан Сашалыын, Ɵлʏɵчʏктʏʏн. Билигин балтыбыт Бордоҥҥо ыал буолан олохсуйан  олорор, наһаа убаастыыр кʏтʏɵппʏтʏнээн Герасим Гурьевтыын биир да балыктааһыны, куобах ʏʏрʏʏтʏн, кустааһых кэргэнниилэр.

    Урукку дьиҥ саха ыаллара Тэҥкэҕэ бааллара.  Сарсыарда аайы сонун-нуомас истэ, кʏннээҕини былааннаһа ыалдьыттаһа киирэллэрэ. Хардары таары  кимиэхэ туох баарынан бэрсиһэллэрэ, хардарыта кэһиилэнэллэрэ.  Истиҥ, дьиҥ сахалыы сыһыан баара.  Оҕолор утуйа сыттахпытына бастаан аҕабыт туран оһох оттон хачыгырыы уматара. Ɵр ɵтɵр буолбакка эдьийбит Ɵкʏлʏʏн киирэр, эрдэһит эбит бу санаатахха. Кʏɵ – дьаа кэпсэтии, кʏлʏʏ, саҥа кʏммʏт саҕаланара. Ɵкʏлʏʏн сайын лууктуу илдьэттии барааччы.  Баҕарбатарбыт даҕаны оччотооҕу оҕо чаас эрдэ, турбаппын, утуйабын диэн боппуруос турбата. Этилиннэ, толоруллара. Санаабар киниэхэ эрэ бытыылкалаах кумаар эмэ баара, Илин тубэҕэ Орто кʏрʏɵнэн эҥин лууктуурбут. Хаһан да быһаҕас иһиттээх аҕалбата, оччолорго таҥас мɵһɵɵччук буолар. Бэйэтэ хомуйара тʏргэнэ да бэрт быһылаах. Саша биһикки гиэммитин толорон  кэлээччибит. Бу санаатахха бырааппытыгар, аҕабытыгар кыайарынан наһаа кɵмɵлɵһɵр эбит.  Биһиэхэ оҕолорго истээх ыстаан, ʏтʏлʏк тигиитэ, барыанньанан хаачыйан кɵрɵн-истэн, бириэмэтигэр  биһигини кɵрʏссэн.  Дьоммут иккиэн партиялаах буолан, мунньахха кэлэллэрэ-бараллара, ийэбит оччотооҕу элбэх сайылыктары кэрийэн ʏлэлииригэр кʏʏс – кɵмɵ буолар эбит этэ. Аҕабыт куоракка баар элбэх оҕолоох быраатыгар идэһэ ɵллɵ да ɵлʏʏлээн, истиҥ бииргэ тɵрɵɵбʏттʏʏ сыһыаннаахтар эбит этэ.

    1976 сыллаахха Тэҥкэ оскуолата сабыллан, быраатым Алеша оскуолаҕа киирэригэр Бордоҥҥо кɵспʏппʏт.  Оччотооҕу кэмҥэ партия тугу ыйарынан, ханна ʏлэһит тиийбэтинэн ʏлэлииллэрэ. Ол курдук биһиги аҕабытын, племенной сʏɵһʏнʏ  ууһатыыга техник осеменаторга ʏɵрэтэн, ʏлэлээн барбыта.  Бордоҥҥо тɵрɵппʏттэрбит тыа хаһаайыстыбатын ʏлэһиттэрэ буолан, эмиэ сайылыктарга сайылыырбыт.  7 кылааһы бʏтэрбит сайыммар «Арҕаа Бэрэҕэ» сайылаабыппыт. Оҕо эрдэхпититтэн Уһун Кʏɵл сайылыганан  Тэҥкэҕэ бииргэ ʏɵскээбит дьʏɵгэбинээн 1 дайаарка 16 ынаҕы солбуйан, аан бастаан хамнастаах ʏлэбит буолбута. Онтон Дулҕа Бэрэ сайылыгар олорбуттара дьонум.  Мин 8 кылааһы бʏтэрэн баран «Сарыал» сайылыгар дайааркалаабытым.  Соҕотоҕун 17 ынахтаах дайаарканы солбуйан ʏлэлээбитим.

    Аҕабыт 1981 сыллаахха чемпион техник-осеменатор буолан, сыралаах ʏлэтэ сыаналанан Москваҕа  ВДНХ-ҕа кʏʏлэйдээн кэлбитэ.

    1981 сыллаахха, кʏһʏн от-мас саһаран, кɵмʏс дуйунан бʏрʏнэн турдаҕына, аҕабыт сир хаалла диэн ойуурга тахсан баран, кэлэн улаханнык ыалдьан сыппыта. Оччолорго ɵр сылларга, Тэҥкэ солбуллубат биэлсэрэ Марфа Васильевна сʏʏрэн – кɵтɵн санрейс Сунтаартан ыҥыран, вертолет кэлбитэ. Кɵмɵ оҥоро биригээдэҕэ врач-терапевт Дохунаева Анна Васильевна инсульт диагнаһын туруорбута. Илдьэ барымаары гыммыттарыгар, харах уулаах кɵрдɵһʏʏ кэнниттэн, эдэр эбит, илдьиэххэ диэбиттэрэ ɵйбɵр хатанан хаалбыт. Аҕабыт барахсан сааһыран баран санаатахха, эдэр да эбит, баара суоҕа 45 сааһа эбит. Ийэбит сонно барсан, кини кыһамньытынан кɵрɵн-истэн, бʏɵбэйдээн атаҕар туруорбута. Ол кэннэ доруобуйатыгар улахан охсууну ылбыта. Ол да гыннар Тэҥкэлэригэр, ийэбит, аҕабыт, быраатым Саша ииттэр сʏɵһʏн кʏр лээн, сылгы ииттэн, оттоон-мастаан олорбуттара.

    Быраатым Саша барахсан аҕатын курдук, кɵнɵ-ʏтʏɵ майгылаах, ʏлэһит, булчут бэрдэ буолан иһэн, баара суоҕа 35 саастааҕар ууга дэҥнэнэн (суорума суолламмыта) биһиги кэккэбититтэн хомолтолоохтук туораабыта. Кʏндʏ тɵрɵɵбʏт Тэҥкэбитигэр тиийдэхпитинэ ʏɵрэ кɵрсɵр аҕабыт барахсан 1998 сыллаахха 62 сааһыгар, ааспат арахпат ыарыыттан кʏн сириттэн барбыта.

    Аҕабыт аатын ааттатар сиэннэр, хос сиэннэр кэлэн удьуору ууһата, тэнитэ, ааттата тураллар.

    Быраатым Сашаттан уол оҕо Гаврил Матросов Мэҥэ-Хаҥалас Лоомтукаттыттан тɵрʏттээх ʏчʏгэйкээн Галина  диэн кийиит кыыһы аҕалан билигин Павловскайга  ньир-бааччы олохтоох ыаллар. Икки кыыс о5олордонон, эдэр ыал ɵссɵ да  эбиллэ туруохтарыгар, сэмээр ʏɵрэ, эрэнэ куутэбит. Игирэчээн кыргыттарга Уляҕа, Юляҕа бу ахтыыттан эһээлэрин туһунан сырдык ɵйдɵбʏл хааллын диэн саныыбын.

    Кыра быраатым Алексей, Уһун Кʏɵлтэн тɵрʏттээх кийииппитинээн Луиза Октябриновналыын 4 оҕону тɵрɵтɵн Сунтаарга олохсуйан олороллор. Снежана, Октябрина,, Николка, Дайаана ʏɵрэхтэнэн, сиэн оҕолору бэлэхтээн эһэлэрин аатын ааттаталлар.

    Yөһээ кэпсээбитим курдук балтыбыт Света, Герасим Гурьевтар Бордоҥ ʏтʏɵ-мааны ыаллара. Тапталлаах оҕолоро Роза ʏɵрэҕин бʏтэрэн  куорат детсадыгар иитээччиннэн ʏлэлии сылдьар.

    Мин Илимнииргэ олохсуйан олорбутум. 5 оҕолоохпун. Мин оҕолорбуттан улахаттарым Денис, Настя, Гоша элбэхтик, эһээлээх, эбээҕэ ачаалаабыт, эһээҕэ салаасканнан соһуллубут, сʏктэрбит дьоллоохтор.  Кыраларым Айсен, Федя истиҥ-иһирэх ахтыылартан истэн-билэн улааппыттара. Билигин ʏлэ-ʏɵрэх ʏɵһʏгэр сылдьар дьоннор. Yс улахан оҕолор Денис, Настя, Гоша ыал буолан  элбэх сиэн бэлэхтээн, олох салҕанар. Аҕабыт Васильев Алексей Егорович Илимниир тɵрʏт олохтооҕо, хомойуох иьин 54 сааһыгар хомолтолоохтук биһигиттэн туораабыта.

    Олох салҕанар…

    Аҕабыт Алексей Николавеич сырдык аата оҕолортон сиэннэргэ,  сиэннэртэн хос сиэннэргэ кэпсэнэ, ахтылла туруоҕар эрэнэбин.

    Просмотров: 270 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]