10:23 Алексей Спиридонович ФЕДОРОВ |
Алексей Спиридонович ФЕДОРОВ (1917-1943)
Федоров Алексей Спиридонович 1917 сыллаахха Сунтаар оройуонугар Куокуну нэһилиэгэр Быйакы алааһыгар Федоров Спиридон Федорович уонна Тихонова Ирина Ефимовна дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. Сунтаар оройуонун, Куокуну Быйакытыттан төрүттээх Тихонова Ирина Ефимовна, Федоров Спиридон Федорович биэс уоллаахтарыттан үс уоллара сэриигэ барбыттар уонна сэрии хонуутугар охтубуттар. Улахан уоллара Кирилл Спиридонович аармыйаҕа барар сааһа ааһан, кыра уоллара Дмитрий Спиридонович, 20 саастаах, Тэҥкэҕэ сүрүн үлэһит, учуутал буолан сэриигэ барбатах. Быйакы Бүлүү өрүс уҥуоргу уҥа кытыла. Бу үтүөкэн өҥ буордаах тоҕойго уонтан тахса хаһаайыстыбалаах ыал баайа-дуола холбоммутуттан отутус сыллар бэтэрээ өттүлэрин диэки «Чкалов» холкуос тэриллибит. Онно Иннокентий Спиридонович Федоров бэрэссэдээтэлинэн, быраата Алексей Спиридонович Федоров суотчутунан талыллан үлэлээн испиттэрэ, бырааттара Никита Спиридонович Федоров нэһилиэгэр налоговай агеннаабыт. 1941 сыл бэс ыйын 22 кунугэр фашистскай Германия биһиги дойдубутугар туох да сэрэтиитэ суох, сэриинэн түөкүннүү саба түспүтэ. Дьэ, итинтэн саҕаламмыта дьон сордоох-муҥнаах олоҕо. Федоровтар 5 уол, 2 кыыс оҕолоохторо. 1941 сыллаахха сэрии саҕаланаатын кытта Иннокентий уонна Алексей Спиридонович Федоровтар маҥнайгы ыҥырыкка бараллар. Онтон 1942 сыл сайыныгар Никита Спиридонович Федоров ыҥырыллар. Өр-өтөр
буолбатаҕа куһаҕан сурах-садьык кэлитэлээн барбыта. 1942 сыллаахха Иннокентий
Спиридоновичка, 1943 сыллаахха Алексей Спиридоновичка, эмиэ ити сыл сураҕа суох
сүппүт Никита Спиридоновичка «хара суруктар» кэлбиттэрэ. Хара барыахтарыттан
күннэри-түүннэри кэтээн, кэлиэхтээхтэрин кэтэһэ сылдьыбыт Ирина эрэйдээх өйүгэр да оҕустарбатах
иэдээнигэр түбэспитэ. Күндү көмүс чыычаахтара, тапталлаах оҕолоро сэриигэ баран
сүппүттэригэр аһара аймаммыта. Уйа-кэйэ суох ытаабыта-соҥообута. Өйүттэн-санаатыттан
ол хараастабыл арахпакка, кэлин уһугар мэнэрик буолан хаалаахтаабыта. Ирина
Ефимовна үс уолун күүтэ сатаан баран улам мөлтөөн барбыта. Сытан тахсара, ардыгар
олорон эрэ мэнэрийэн барара. Оччоҕо дьиэ
иһэ наһаа ыарахан буолара. Мэнэрийдэр эрэ ыалдьан хаалара. Арыычча
буолбут бириэмэтигэр ампаарыгар тахсан үс этэрбэс ыйанан турарын нарыннык – намчытык
имэрийтэлиирэ уонна мас уһаакка ортотунан
симиллибит араас кумааҕыны туппалаан, таптайан көрөрө. Сиэнигэр «Тоойуом, бу кумааҕылары тыыппат буол. Бу
убайдарын дьыалалара. Кинилэр сотору кэлиэхтэрэ», -диирэ. Уолаттара үйэ–саас
тухары сүппүттэрин өлүөр диэри итэҕэйбэтэҕэ. Ирина Ефимовна 1948 с. бу орто
дойдуттан барбыта. Федоров Алексей Спиридонович суотчутунан
үлэлии сылдьан балаҕан ыйын 1 күнүгэр 1941 сыллаахха фроҥҥа ыҥырыллыбыта уонна 1943
сыллаахха муус устар ыйга сураҕа суох сүппүтэ. Ханна көмүллэ сытарын хомойуох
иһин билиҥҥэ дылы билэ иликпит. Никита Спиридонович кыыһа Полина Никитична элбэх
үлэнэн аҕатын уонна Лэгэнтэй ханна көмүллэ сытарын булла, Өлөксөй да ханна
көмүллэ сытара көстөр ини диэн эрэнэ саныыбыт.
Федоров Спиридон Кириллович ахтыытыттан ылылынна
|
|