06:20 Анастасия Егоровна, Василий Павлович САЛДИГРАСОВТАР |
Тыыл, үлэ ветераннара Анастасия Егоровна, Василий Павлович САЛДИГРАСОВТАР, Ефрем Васильевич МАРТЫНОВ тустарынан кыыстара Иванова Федора Ефремовна: Ийэм Илимниир Спировтарыттан төрүттээх, 1912 с. төрүөх. Мартынов Ефрем Васильевичтыын ыал буолан Киирэп колхозка көһөн кэлбит. Ефрем Васильевич колхоз председателинан үлэлээбит. Бурдук үрдүк үүнүүтүн ылан 1940 с. Москва куоракка Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар бара сылдьыбыт. Биэс оҕоломмуттарыттан мин соҕотох хаалбыппын, атыттара бары кыраларыгар ыалдьан өлбүттэр. Аҕа дойду сэриитэ буолбутугар аҕабар бронь биэрэн хаалларбыттар, ол эрээри сотору тымныйан өлбүт. Аҕам өлбүтүн кэннэ икки сыл буолан баран ийэм Өлүөхүмэттэн кэлбит Василий Павлович Салдиграсовка кэргэн тахсыбыт. Василий Павлович 1896 с. Өлүөхүмэ Нөөрүктээйитигэр төрөөбүт. Сэрии сылларыгар колхоз бирикээһинэн Сунтаарга сылгы аһатар үлэҕэ кэлбитэ. Колхозка кыһын кадровай булчут, сайын от үлэтигэр сылдьыбыт, уһанар идэлээҕэ. Колхоз, совхоз буолбутун кэннэ болуотунньугунан, столярынан үлэни кыайбат буолуор диэри уһаммыта, Сунтаарга кытта киирэн тутууга үлэлиирэ. Ийэм кыһын субай сүөһүнү көрөрө, маачаха аҕам бултуура, онон тыаҕа кыстыыр этибит. Иккиэн стахановец үлэһиттэр, “1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэ иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыттар. Ийэм өр кэмҥэ бырабылыанньаҕа остуораһынан үлэлээбитэ. Төһө да икки кылаас үөрэхтээх буоллар, ийэм оройуоҥҥа биллэр күүстээх дуобатчыт этэ. Аҕабыныын биир уол оҕоломмуттара, радист үөрэҕин бүтэрбитэ.
|
|