12:26 Анастасия Гаврильевна ЕГОРОВА |
Тыыл, үлэ ветерана Анастасия Гаврильевна ЕГОРОВА: Мин 1932 с. төрөөбүтүм. Былыргы миитэрэпкэм сүтэн төрөөбүт күммүн-дьылбын билбэппин. Ийэм Гуляева Матрена Никитична, Мотурууна дииллэрин өйдүүбүн, сирэйин-хараҕын субу диэн өйдөөбөппүн. Дьонум кэпсииринэн түөрт бииргэ төрөөбүттэрдээх эбиппин, бары кыра эрдэхтэринэ өлбүттэр. Ийэм кыра эрдэхпинэ өлбүт, ол иһин киһини өйдүөхпүттэн олус мааныланан эбэлээх эһэбэр иитиллибитим. Эһэм аата Данилов Никита – Татаар Никиитэ. Хойукка диэри кини атаҕар утуйар этим, ону оскуолаҕа киирэр сылбар олох атаҕыттан үүрэн кэбиспитэ, “саатар биирдэ илдьэ сытыый” диэн көрдөһөрбүн өйдүүбүн. Эһэм эрэйдээх онтон сотору өлөөхтөөбүтэ, билигин санаатахпына баҕар ыарытыйарын билэн тэйиппитэ буолаахтыа. Биһигини кытта таайым Егоров Василий Никитич кэлэ-бара, ыал буолан барыар диэри олорсубута. Эдьиийим Егорова Дарья Никитична сэбиэккэ сэкиритээринэн дуу, тугунан дуу үлэлиирэ. Киэһэ хойукка диэри мунньахтыы барбыт дэһэллэрэ эһэм аах. “Били кыыс эмиэ хойутаата” диэн буолара. Эһэм котоку кыыһа төһөҕө да кэллин, күүтэн, атын аһатан, бэрийэн утуйаахтыыра. Эбэм, эһэм мөхпүттэрин өйдөөбөппүн, арай эдьиийиҥ Даарыйа кэлиэ, мөҥүө дииллэрин өйдөөн хаалбыппын. Кырдьык саҥаран-иҥэрэн, кэлэн -баран дохсун сырыылаах, үлэни кыайыгас, санаатын этэр, быһата иннин солонор быһыылааҕа. Олох хойукка диэри эдьиийбин кытта сылдьан улаатан, ыал буолбутум. Аҕам Гуляев Гаврил Никитич сэрииттэн эргиллибэтэҕэ, сураҕа суох сүппүтэ. Кини 1942 дуу, 1943 с. дуу барбыта. Оччолорго сайылыкпытыгар Куоҕастаахха олоробут. Сарсыарда эбэм ытыыр, былаатын уһугунан хараҕын уутун соттор. Соторутугар атынан аҕам кэлбитэ, чэйдии киирэн баран, миигин сыллаан ылбыта, туох диэбитин өйдөөбөппун, атын миинэн бара турбутун оҕуруокка өйөнөн көрөн хаалбыппын өйдүүбүн. Кини колхозка бэрэссэдээтэллии сылдьыбыт, сайынын ыһыахтарга оһуокайдыыр эбит. Ыһыахха Марбаҕа эһэм батыһыннаран, ардыгар сүгэн, ардыгар сатыылаан илдьэ барара, онно ыһыахха аҕаҥ оһуокайдыы сылдьар дииллэрэ. Мин, хомойуох иһин, кини хайдах этэ сылдьарын, куолаһын өйдөөбөт эбиппин. Сэрии сылларыгар Куҕ5астаахха олорбуппут. Сунтаардыыр суол айаҕа буолан дьон элбэхтик сылдьара. Ааһан иһэр аччык дьон бааллара, хата турар бурдуктан ытыһан ылан бэрсэрбин өйдүүбүн. Улахан дьону кытта оҕолор бурдук куолаһа сиргэ тохтубутун хомуйарбыт. Бурдук мэлийэргэ ат үүрэрим, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри күн уһуна, сылаалаах үлэ этэ. Балаҕаммытыгар мас кытыылаах тимир лиис быаҕа ыйанан турарыгар бурдук куолаһын хатараллара. Оччолорго ыал аайы суоруна баара. Тардан бурдуктанарбыт. Оччотооҕу саха ыалын сиэринэн сүөһү иитэрбит. Сүөһү барахсан баар буолан саха ыала быстыбакка-ойдубакка төһөлөөх ыалы абыраабыта буолуой. Эһэм тыыннааҕар куобахха сохсолуура, саа сэбэ хантан кэлиэй, куска тиргэлээн син аһаан-сиэн олорбуппут. Аҕам бииргэ төрөөбүттэрэ Николаев Ион Никитич эмиэ сэриигэ ыҥырыллан барбыта, онтон эргиллибэтэҕэ. Балта Николаева Наталия Никитична сэрии кэнниттэн уһаабакка сэллик ыарыыттан өлбүт, сэрии аас-туор олоҕо таайдаҕа буолуо. Дьи ити курдук сэрии кэмигэр тулаайах хаалбыт оҕо эбэлээх, эһэлээх, аймахтардаах буоламмын син оҕо курдук 8-9 саастаахпар Марбаҕа бастакы кылааска үөрэнэ киирбитим. Онно аан бастакы учууталым, убайым Петров Александр Платонович, оскуола директора Герасимов Моисей Иванович, учууталлартан Петр Романович диэни өйдүүбүн. Марбаҕа 4 кылааһы бүтэрбитим, үөрэнэ сылдьан ыллыыр этим, 5-с кылаастан эдьиийбэр Немчинова Дарияҕа Сунтаарга киирэн үөрэммитим. Биир үтүө күн Сергей Афанасьевич Зверев -Кыыл Уола ансаамбылга оҕолору талар үһү диэн буолла, онно миигин ыллатан баран “мин ансаамбылбар киириэҥ дуо?” – диэбитин дьүөгэбиниин күлэн бычыгырастыбыт, куолаһын улаатыннаран буойталаата, мөҕүллэ үөрэммэтэх киһи тириим таһынан ылынным уонна аккаастаатым. Баҕар Кыыл Уолун аатырбыт ансаамбылыгар сылдьыах киһи хаалбытым буолуо. Улаатан да баран ыллыыр, туойар, оһуохайдыыр да этим, ону утумнаан билигин кыыһым Саргылаана оһуохайдыыр, кыра кыыһым Светлана ыллыыр. Дьэ ити курдук Сунтаартан 5-с кылааһынан уурайбытым. Ол кэннэ Бордоҥҥо ол-бу быстах үлэлэргэ үлэлээбитим, оччолорго ветсанитар Алексеев Иван диэн мас атахтаах киһи баар этэ, мин күтүөтүм Егоров Василий Никитич кыыһа Ылдьаана кэргэнэ. Кини батыһыннара сылдьан сүөһү эмтииргэ үөрэппитэ. 1957 с. Сунтаарга ветсанитардары үөрэтэр кууруска колхоз салалтата үөрэттэрэ ыыппыта. Уйбааны батыһа сылдьан үөрэммитим көмөлөспүтэ быһыылааҕа, чэпчэкитик ылынан ветсанитар буолбутум. 1958 с. Тэҥкэҕэ ветсанитарынан ананан тиийбитим, ити сылтан ыла Тэҥкэ мин иккис төрөөбүт дойдум буолбута. Манна олоҕум аргыһын Алексей Николаевич Матросовы көрсөн ыал буолан 4 оҕону төрөтөн дьоллоохтук олорбуппут. Тэҥкэҕэ оччолорго фермалар Оторууһунан, Бэттиэмэнэн тарҕанан олороллоро, үүт бөҕө ыанара, сүөһү бөҕө уотуллара. Бу кэмнэргэ сатыы, атынан үлэлииргэ ыарахан кэмнэр этэ, аны Оторуус ферматыгар бруццеллез сыстыганнаах ыарыы туран элбэх ынах өлөрүллүбүтэ, сайынын Саҥа күөлүнэн, Уһун-күөлүнэн, Бэттиэмэнэн, Булгунньахтааҕынан элбэх сайылыгынан тарҕанан сүөһүлэр сайылыыллара, оҕолорбун акка мэҥэстэ сылдьан үлэлиирим, аҕабыт сүөһү бостууга этэ. Оччолорго эдэр буолан ыарырҕаппакка дьон сиэринэн үлэлээн-хамсаан сылдьыллыбыта. Коммунист партия кэккэтигэр киирэн үчүгэй үлэһит буолан оройуон, колхоз хайҕал суруктарынан, бэлэхтэринэн бэлиэтэнэр этим. Сэрии кэмигэр түөрт оҕоттон соҕотох хаалан баран, син киһи буолан оҕо-уруу төрөтөн, удьуорбун ааттата сылдьар оҕолордоохпунан, сиэннэрдээхпинэн киэн туттабын дьоллооҕунан ааҕынабын. Улахан кыыһым Васильева Саргылаана юрист үөрэхтээх, кэргэниниин Васильев Алексей Егоровичтыын 5 оҕолоох, элбэх сиэннэрдээх, Илимнииргэ олохсуйбута 30-тан тахса сыл буолла. Уолум Саша хомойуох иһин эдэр сааһыгар күн сириттэн хомолтолоохтук туораабыта, оҕом аатын ааттатар Матросов Гаврил Александрович диэн уол хаалан куорат таһыгар ыал буолан олорор, 2 кыыс оҕолоох. Үһүс оҕом Матросов Алексей Алексеевич кэргэниниин Луиза Октябриновналыын Сунтаарга ыал буолан олороллор, 4 оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр. Кыра кыыһым Гурьева Светлана Алексеевна детсадка үлэлиир, кэргэнэ Гурьев Герасим Дмитриевичтыын кыыс оҕолоохтор, Бордоҥҥо убаастанар ыаллар. Дьэ ити курдук соҕотох бэйэм силис-мутук тардан удьуору утумнуур ыччаттардаах, дьоллоох ийэ, эбэ, хос эбэ буолан олоробун.
|
|