03:16 Анастасия Гаврильевна ЕГОРОВА |
Анастасия Гаврильевна ЕГОРОВА Үлэ бэтэрээнэ 1932 сыллаахха Сунтаар оройуонун, 2 Бордоҥор, Куоҕастаахха (сайылык түбэтигэр) күн сирин көрбүтэ. Элбэх оҕо төрөөбүтүттэн соҕотох ордон хаалбыт. Ийэтэ Егорова Матрена Никитична 5 саастааҕар ыалдьан өлбүт. Аҕата Гуляев Гаврил Никитич 1942 сыллаахха Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ ыҥырыллан барбыт. Уот сэрии толоонуттан эргиллибэтэх. Сураҕа суох сүппүт саллааттар испииһэктэригэр баар. Аҕата сэриигэ барарыгар 9 саастаах хаалбыт. Сайын ходуһаттан кэлэн сып-сап чэйдээн, атын мииннэн барбытын, бараары туран төбөтүттэн сыллаан ылбытын, күрүөҕэ өйөнөн туран хаалбытын өйдүүр. Тулаайах хаалбытын кэннэ, ийэтин бииргэ төрөөбүт балта Егорова Дарья Никитична ииппит. Сэрии сылларыгар эдьийэ үксүн үлэҕэ сылдьар буолан, эбээлээх эһээтигэр иитиллибит. Отой кыра эрдэҕиттэн ийэтэ да баарыгар эһэтигэр сүктэрэ сылдьарын, атаҕар утуйарын өйдүүр. Эһээ оҕото буолан, сааһыран да олорон саамай истиҥник саныыр киһитэ эһэтэ эбит. Ийэтин аҕата Егоров Никита. Ийэтин бииргэ төрөөбүт быраата, Дарья Никитична, убайа Егоров Василий Никитич элбэх оҕолонон, тымыр-сыдьаан тардан, ыччаттанан, Дьөгүөрэптэр салҕанан бара тураллар. Сэрии сылларыгар оччотооҕу оҕолор курдук малатыылка бурдук ыраастаан, оҕус сиэтэн, оттоһон-мастаһан ааспыта. Сэрии кэминээҕи ыарахаттары этинэн-хаанынан билбитэ. 1957 сыллаахха активнай, сытыы-хотуу, үлэһит кыыс комсомол кэккэтигэр киирбитэ. 1958 сыллаахха Мархаҕа бэтэринээрдэр курстарыгар үөрэммитэ. Ол кэннэ бэтэринээр үлэтигэр практикатын, оччолорго Алексеев Иван (мас атах Уйбааны) батыһа сылдьан элбэххэ үөрэммитэ. Практика кэннэ Тэҥкэҕэ ананан бэтэринээр идэтин үлэтин саҕалаабыта. 40-н тахса сыл идэтигэр бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Элбэх оройуон, совхоз грамоталыран наҕараадаламмыта туоһулуур. Дьон-сэргэ бэтэринээр Настаанан билинэллэр. Оччолорго бэтэринээр үлэтэ чэпчэкитэ суоҕа, ыараханын ааһан, сыстыганнаах ыарыы бруцеллез киһи доруобуйатыгар сыстар кутталлааҕа. Совхоз сүрүн үлэтэ ынаҕы-сүөһүнү, эти-үүтү дэлэтиигэ үлэлиир буолан, Сайылыктарынан ыччат сүөһүнү уотуу, үүтү ыаһыҥҥа эмиэ сайылыктарынан үлэҕэ болҕомто ууруллара. Аҥардас Тэҥкэҕэ Оторуус ыччат – комсомольскай фермата, ыанньык ынах фермата этэ. Бэттиэмэҕэ кыстык фермата үлэлиирэ. Сайылык Уһун Күөлгэ, Сана Күөл, Булгунньахтаах, Толон Уйата сайылыктарга ыычат сүөһүнү төлөһүтүүгэ үлэлииллэрэ. Баларга аныгы курдук техника суох кэмигэр оҕус көлөнөн үүт анна, уу таһыыта, атынан бостууктааһын, бэтэринээргэ анал ат көрүллүбэт, түбэстэҕинэ ат уларсан, сатыылаан сайылыктары кэрийэр этэ. 1962 сыллаахха коммунист партия кэккэтигэр киирэн, партия тугу ыйарынан үлэлээн, олоҕун олорбута. 1993 сыллаахха Советскай Союз ыһыллыар диэри, биир да партийнай мунньахтары көтүппэккэ коммунистическай партия активнай чилиэнэ этэ. Эмиэ бу сыл 1962 сыллаахха олоҕун аргыһын Матросов Алексей Николаевиһы көрсөн, ыал буолан 37 сыл бииргэ олорбуттара. 4 оҕону төрөппүттэрэ, атахтарыгар туруорбуттара. Саргылана, Александр, Алексей, Светлана. Бу оҕолортон элбэх сиэн, хос сиэннэр олоҕу салҕаан ийэлэрин удьуордарын уһата-тэнитэ сылдьаллар. Анастасия Гаврильевна Тэҥкэ, Бордоҥ түбэтигэр оһуохайдьыт, тойуксут быһыытынан биллэр. Кини оһуохайын түһүлгэтэ күүтүүлээх ыһыахтары киэргэтэллэрэ. Кэрэ-чуор куолаһынан, хомоҕой хоһоонунан дьон болҕомтотун, кэрэхсэбилин тардыан тардара. Оройуон киинингэр ыһыахтарга ыҥыра сатыылларын, үлэттэн, дьиэттэн тардыстан барбат, кыттыбат этэ. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр Сергей Афанасьевич Зверев нэһилиэктэртэн талааннаах ыччаттары сүүмэрдиир кэмнэригэр, Сергей Афанасьевич талан, барсаҕын дуо диэбитигэр, дьүөгэлэрин кытта кэпсэтэн, күлэн бычыгыраһа туран, буойталаабытыгар, куттанан барсыбаппын диэн аккаастанан, ыллыы-туойар дьоҕура арыллыаҕа хаалбыт эбит. Билигин ийэтин оһуокайын түһүлгэтин төрүттүү, аатын ааттата сылдьар (билигин) Саха сирин үтүөлээх этээччитэ, Сунтаар Далбар этээччитэ, оһуохайдьыт Саргылана Васильева. Инникитин сиэннэриттэн туйах хатарааччылар тахсыахтара диэн эрэнэ күүтэбит. Анастасия Гаврильевна билигин 88 сааьыгар үктэнэн, оҕолорун тапталларыгар угуттанан, Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүн үөрэ-көтө көрсөргө бэлэмнэнэр.
|
|