Суббота, 28.12.2024, 14:21
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 11
Гостей: 11
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 17 » Анатолий Прокопьевич ИВАНОВ
01:56
Анатолий Прокопьевич ИВАНОВ

Үлэ ветерана

Анатолий Прокопьевич ИВАНОВ

туһунан сиэнэ Семенов Анатолий:

Мин эһэм 1939 с. атырдьах ыйын 31 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. 1947 с. Марбаҕа оскуолаҕа үөрэнэ киирэн 7 кылааһы бүтэрбит. Аҕата Иванов Прокопий Петрович колхозка араас үлэҕэ үлэлээбит, ийэтэ Винокурова Екатерина Абрамовна Хадан нэһилиэгэр сэбиэттээн сылдьыбыт.

Эһэбит 1959 с. училищеҕа биир сыллаах механизатор үөрэҕин бүтэрэн, комбайнерынан, тракториһынан үлэлээбитэ. Кини айылҕаттан техникаҕа олус дьоҕурдаах буолан, сатаабатаҕа диэн суох. Оннооҕор техниканы кытта айан оҥорор. Элбэх үлэтиттэн саамай сүрүннэрин кэпсээтэххэ, 1957 с. Марба бөһүөлэгэр МТЗ-2 тракторынан электрогенераторы эргиттэрэн бастаан Ильич лаампатын умаппыт. Күһүнүгэр Бордоҥҥо кэлэн алтынньы ыйтан кылааттаах бурдук астаппыт. Онтон кэлин Марбаҕа, онтон Бордоҥҥо ДЭС-30 станциянан уот  бэрдэрбит. Бу уотунан фермаҕа эбиискэ аһылык бэлэмигэр дробилка үлэлээбитэ.

1961-1964 сс. ытык иэһин толорон Камчаткаҕа армияҕа сулууспалаабыта. Армияттан кэлэн баран Сунтаарга электростанцияҕа дизелистээбит, эмиэ даҕаны МТС-ка үлэлээбит.

1970 сылтан АТС-ка монтерынан үлэлии киириэҕиттэн пенсияҕа тахсыар диэри сибээскэ үлэлээбитэ. Кини улуус элбэх нэһилиэгэр – дойдутугар Бордоҥҥо, Хадаҥҥа, Хороҕо, Кириэстээххэ о.д.а. саҥа телефон, телевидение станцияларын монтажтаспыта. Онон улуус сайдыытыгар улахан үтүөлээх киһи буолар. Уопсайа сибээскэ 26 сыл үлэлээбитэ.

Билигин Кумакылаахха сылгы базатын оҥостон сылгыларын көрөн үлэлии-хамсыы сылдьар. Уруккута мэччирэҥ сири бэйэтэ элбэхтик үлэлээн тупсаран, элбэх оту оттуур, онно биһиги сайын аайы тиийэн дьиэ кэргэнинэн үлэлиибит, сынньанабыт. Сылгыларыгар анаан араас тутуулары, күрүөнү-хаһааны оҥорор. Дьиҥинэн туох да уота-күөһэ суох, бөһүөлэктэн ыраах сиргэ олорор эрээри, урукку дьоҕурунан айан оҥорон, телевизоры көрөр, уотунан сырдатынар. Биһиги эһэбит дьэ оннук сатабыллаах, хамсаабаты хамсатар, алдьаммыты тилиннэрэр, туһата суоҕу тупсарар мындыр уонна үлэһит киһи. Биһиги кининэн киэн туттабыт.

Просмотров: 327 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]