Суббота, 28.12.2024, 14:48
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 13
Гостей: 13
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 24 » Андрей Дмитрьевич ИГНАТЬЕВ
09:44
Андрей Дмитрьевич ИГНАТЬЕВ

Үлэ бэтэрээнэ Андрей Дмитрьевич ИГНАТЬЕВ

         Игнатьев Андрей Дмитрьевич 1944 сыл балаҕан ыйын 16 күнүгэр Куокуну нэһилиэгэр төрөөбүт. Аҕата- Игнатьев Дмитрий Константинович, ийэтэ- Игнатьева Мария Михайловна. Марба оскуолатын 7  кылааһын үөрэнэн бүтэрбит. 8-с кылааһы Сунтаардааҕы киэһээҥи оскуолаҕа үөрэнэн бүтэрбит. 1966 сыллаахха олоҕун аргыһын Неряева Агафия Степановнаны көрсөн, нөҥүө сыл ыам ыйын 3 күнүгэр ыал буолбуттар. 1967 сылтан “Сунтаар” совхозка тракториһынан үлэтин саҕалыыр. 1968 сыллаахха Элгээйигэ 6 ыйдаах суоппар куурсугар үөрэнэн, суоппар идэтин баһылаабыт. 1968 сылтан Бордоҥ отделениятыгар суоппарынан үлэлээн саҕалыыр. Андрей Дмитрьевич  1992 сылтан 1999 сылга диэри ветеринарнай станцияҕа суоппарынан үлэлиир. Андрей Дмитрьевич – үлэ бэтэрээнэ, Бордоҥ нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина.  Агафия Степановна, Андрей Дмитрьевич 8 оҕону төрөтөн, барыларын үөрэхтээн, 20 сиэн, 8 хос сиэн минньигэс сытын иҥэринэн, үйэ аҥаара бииргэ олорбуттара.

         Улахан уол Семен Андреевич – кэргэннээх, 5 оҕолоох.  Бордоҥнооҕу ЖКХ-ҕа кочегарынан үлэлээбитэ. Кэргэнэ Любовь Николаевна повар идэлээх. Бордоҥ интернатыгар поварынан үлэлиир. Улахан кыыстара Наталья Сунтаардаагы политехническай лицей пансионугар поварынан үлэлиир . Айта уонна Эльза диэн икки кыыс оҕолоох. Айта Сунтаардааҕы политехническай лицей бэһис кылааһыгар  үөрэнэр, кыра кыыс 2 саастаах.   Иккис оҕолоро Артем ЯГСХА-ҕа агроном үөрэҕин бүтэрээт, ытык иэһин толорон армияттан кэлэн баран, ООО «ЭнергоСтарт» диэн чааһынай тэрилтэҕэ электромонтажнигынан үлэлии сылдьар. Алеша уонна Костя диэн икки уол оҕолоох, улахан уол 6 саастаах, кыра уол 1 саастаах. Үһүс оҕо Станислав эмиэ ытык иэһин толорон армияттан кэлэн, Бордоҥҥо «Татыйыына» маҕаһыыҥҥа кочегарынан үлэлии сылдьар, Ванесса диэн кырачаан кыыс оҕолоох.  Төрдүс оҕо Туйаара Намнааҕы техникумҥа повар-кондитер идэтигэр  үөрэнэн бүтэн билигин ХИФУ пединститутугар кэтэхтэн үөрэнэ сылдьар. Кэргэнэ Иван эмиэ Нам техникумугар сварщик идэтигэр үөрэнэн бүтэрбитэ. Дьулустаан диэн 3 саастаах уол оҕолоохтор. Кыра кыыс Сахалина Бордоҥ орто оскуолатыгар 7-с кылааска үөрэнэр.

         Улахан кыыс Мария Андреевна кэргэннээх, 3 оҕолоох.  М.И. Калинин аатынан Благовещенскайдааҕы пединститут физико-математическай факультетын бүтэрбитэ. Маар Күөл орто оскуолатыгар физика, математика учууталынан үлэлиир. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна”  бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Кэргэнэ Соколов Петр Кулагинович  тутуунан дьарыктанар. Улахан кыыс Аина ХИФУ математика уонна информатика институтун бутэрэн, ПАО «Почта банк»  тэрилтэҕэ кредитнэй эксперинэн үлэлиир. Андрей- ХИФУ физико- техническэй институтун 3 куурсун студена. Кыра уол  Алеша Маар-Күөл орто оскуолатыгар 10 кылааска үөрэнэр. Маар Күөлгэ олороллор.

         Иккис кыыс Айталина Андреевна кэргэннээх, 3 оҕолоох, 2 сиэннээх. Благовещенскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрэн экономист- бухгалтер идэлээх. Сунтаардааҕы политехническай лицейга бухгалтерынан үлэлиир. Кэргэнэ Федоров Петр Афанасьевич ООО «Премьер-энерго» тэрилтэҕэ үлэлиир. Сунтаарга олороллор. Улахан уоллара Афанасий ЯГСХА “Лесник” идэтигэр үөрэнэн бүтэрбитэ. Орто уоллара Жорж кэргэннээх, икки кыыс оҕолоох: 2 саастаах София уонна 1 саастаах Настя. Хадаҥҥа олороллор. Жорж  ЯГИТИ “Мастер строительных работ, каменщик, сварщик”  үөрэҕин бүтэрбитэ, билигин ООО «Премьер- энерго» тэрилтэҕэ үлэлиир. Кэргэнэ Лидия Дьокуускайдааҕы финансовай техникуму бүтэрэн УК “Универсал” тэрилтэҕэ бухгалтердаабыта, билигин оҕолорун көрөн олорор. Кыра кыыстара Алина Сунтаардааҕы 1 №-дээх оскуола выпускницата.

             Иккис уоллара Дмитрий Андреевич кэргэннээх, 1 оҕолоох. ЯСХТ охотовед  үөрэҕин бүтэрбитэ. Сунтаардааҕы С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан музейнай комплекска охраннигынан үлэлиир. Кэргэнэ – Альбина Алексеевна Культура уонна  искусство колледжыгар “Культуролог” идэтигэр үөрэммитэ. 2006 сыллаахха Культура и искусство восточносибирскай академиятыгар үөрэнэн “Преподаватель социокультурной деятельности” диэн идэни баһылаабыта. Онтон 2017 сылга АГИКиИ “Менеджмент музейного дела” үөрэҕи кыһыл дипломунан бүтэрдэ. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна” бэлиэ хаһаайына. Билигин  Сунтаардааҕы С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан музейнай комплекс директорынан үлэлиир. Уола Юман Нерюнгритааҕы медучилище 1-гы куурсун студена. Сунтаарга олороллор.

         Үһүс кыыс Сардаана Андреевна  доруобуйатынан инбэлиит буолан үлэлээбэт. Кэргэнэ Рыбников Сергей Громиевич Бордоҥ орто оскуолатыгар рабочайынан үлэлиир.  Бордоҥҥо олороллор.

         Үһүс уол Андрей Андреевич кэргэннээх, 2 оҕолоох. Дьокуускайдааҕы пединститут физкультурнай факультетын  бүтэрбитэ. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин физкультууратын уонна спордун туйгуна” бэлиэ хаһаайына. Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культууратын уонна маассабай спордун управлениетыгар салайааччы солбуйааччытынан улэлиир. Кэргэнэ Наталья Дмитриевна Саха Өрөспүүбүлүкэтин российскай реестр управлениетыгар кылаабынай специалиһынан үлэлиир. Улахан уоллара Дима ХИФУ математика уонна информатика институтун 2-с куурсун студена. Кыралара Вика 7 саастаах, детсад иитиллээччитэ. Дьокуускай куоракка олороллор.

         Төрдүс уол Степан Андреевич кэргэннээх , 4 оҕолоох. Дьокуускайдааҕы пединститут инженерно-техническай факультетын бүтэрбитэ. Билигин В.Г. Короленко аатынан Амма 1 №-дээх оскуолатын директорын үөрэҕэрии чааһыгар солбуйааччытынан үлэлиир.  “Надежда Якутии” бэлиэ хаһаайына. Кэргэнэ Айталина Николаевна Дьокуускайдааҕы пединститут “Дошкольнай обучение” факультетын бүтэрбитэ. Билигин Амматааҕы “Хатыҥчаана” детсадка баспытааталынан үлэлиир. Улахан кыыстара Агаша Амма орто оскуолатыгар 9-с кылааска, Айна  6-с , Айза 5-с кылааска үөрэнэллэр. Кыра уол Ариан 5 саастаах, детсад иитиллээччитэ. Аммаҕа олороллор.

         Кыра уол Константин Андреевич кэргэннээх, 2 оҕолоох. Дьокуускайдааҕы инженерно-техническэй институкка үөрэнэн “электромонтажник” идэтин баһылаабыта. Билигин “ЭнергоСтарт” тэрилтэ генеральнай директорынан үлэлиир. Кэргэнэ Наталья Эдиссоновна ЯГУ филологическай факультетын бүтэрбитэ. Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Бичик” национальнай кинигэ кыһа  сакааһынан тахсар эрэдээксийэтигэр ведущай эрэдээктэринэн үлэлиир. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин Департаменын бочуоттаах грамотатынан наҕараадаламмыта. Уоллара Эдик Саха гимназиҕа 11-с кылааска үөрэнэр. Араас сылларга оскуола иһинэн ыытыллыбыт “Шаг в будущее” научнай кэмпириэнсийэ 1, 2, 3 истиэпэннээх лауреата. Куораттаҕы “Шаг в будущее” научнай кэмпириэнсийэҕэ 2016 сыллаахха 3 миэстэлээх, 2017 сыллаахха 2 миэстэлээх. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Шаг в будущее” научнай кэмпириэнсийэ кытааччыта. “Науки юношей питают” өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай кэмпириэнсийэ дипломана. Кыыстара Анита Саха гимназия 8-с кылааһыгар үөрэнэр. Оскуола иһинэн ыытыллыбыт “Шаг в будущее” научнай кэмпириэнсийэ дипломана. Оҕо дыбарыаһыгар кылааһын оҕолорун кытары ырыа куруһуогар дьарыктанар, 2014 сыллаахха «Главная песня о Родине»  патриотическай ырыа куонкурсугар I истиэпэннээх лауреат дипломунан бэлиэтэммиттэрэ. Маны таһынан кылаас оҕолоро “Олоҥхо оҕото” театральнай студияҕа дьарыктаналлар,  2014 сыллаахха Турцияҕа буолбут оҕолорго аналлаах аан дойдутааҕы «Алтан Гунеш» бэстибээлгэ «Фольклор»  номинацияҕа I истиэпэннээх дьупулуому ситиспиттэрэ. Анита кыра сааһыттан “Айылгы” үҥкүү ансаамбылыгар дьарыктанар, 2014, 2015, 2016 сылларга эрэгийиэннээҕи «Зима начинается с Якутии» (Бриллиантовые нотки) куонкурус-бэстибээлгэ ансаамбыл 1 истиэпэннээх лауреат, дипломант аатын сүкпүтэ. Дьокуускай куоракка  олороллор.

         Билигин Игнатьев Андрей Дмитрьевич Сунтаар улууһун Бордоҥ нэһилиэгэр олорор.

Просмотров: 421 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 5.0/1
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]