03:21 Анна Дмитрьевана ФЕДОТОВА |
Педагогическай үлэ ветерана, Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Анна Дмитрьевана ФЕДОТОВА: Биһиги сэрии иннигэр Таата улууһун Кириэс-Халдьаайы Ударник диэн учаастагар олорбуппут. Ийэм, аҕам сүөһү көрөллөрө, эбэм кырдьаҕас этэ. Бырааппын көтөххө сылдьарын биирдэ эрэ өйдөөн хаалбытым. Сэрии саҕана мин кырабын, 1938 с. төрөөбүтүм, онон быстах-быстах өйдөөн хаалбыппын. Биир куйаас күн оскуола таһыгар элбэх дьон мустубут. Икки байыаннай таҥастаах, саппыкылаах дьон чинэччи туттан хаамаллар. Биирдэстэрэ кумааҕы тута сылдьан тугу эрэ ааҕар. Онно ааттаммыттар атын сиргэ баран туран иһэллэр. Миигин аҕам көтөҕөн турара , аатын ааттаатылар быһыылаах, миигин ийэбэр биэрдэ уонна дьону кытта кэккэлэһэ турда. Ол аата аҕабын сэриигэ ыҥырбыттарын мин хантан билээхтиэмий... Онтон салгыы өйбөр хаалбыта диэн ийэм биһикки дьиэбитигэр баран иһэбит. Ийэм ытыыр. Кыра сибэкки ойуулаах маҥан ырбаахытын тэллэҕиттэн тутуһан иһэбин. Ийэм ытыырын иһин мин эмиэ ытыыбын. Аҕам бу сэриигэ баран туох-ханнык буолуоҕун туһунан өйдөөбөппүн. Оттон ийэм барахсан аны аҕабын хаһан да көрсүбэтин сүрэҕэ-быара таайан ытаабыта буолуо. Оскуолаҕа олордохпутуна сэрэбиэй кэбистэрбит. Онно ийэм аҕабыт армияттан кэлэр үһү диэн сарсыарда ороҥҥо сыттахпына кэпсээбитэ. Аҕам үөрэ5э суох буолан суруйбат этэ. Суругу билэр саха да кинини кытта сулууспалаабатах. Аҕам улэ фронугар түбэһэн Забайкальскай байыаннай уокурукка тиийэн Бурят-Монголиянан сылдьыбыт. Бэйэтэ кэпсииринэн Улан-Удэҕэ, Кяхта, Мальта куораттарга сылдьыбыт. Тас Монголия, Манчжурия сирдэринэн араас тутууга, сылгы көрүүтүгэр үлэлээбит. Кими да кытта бииргэ сылдьыбытым диэн ахтыбат этэ. Араас омуктар бииргэ доҕордоһон бииргэ сулууспалаабыттар. Кими да куһаҕан омук диэбэт этэ. Аҕам сүрдээх үлэһит көнө сүрүннээх, бэйэтин кыанар буолан, кимиэхэ да сирдэрбэтэх буолуохтаах. Арай нууччалыы билбэтэ эрэйдээбит буолуон сөп. Кэлин кыратын кэпсэтэргэ үөрэммит этэ. Ийэм оскуолаҕа үлэлээбитэ, начальнай оскуола оһоҕун отторо, муостатын сууйара, ол иһин оскуолаҕа үрдүгэр кыра хоско олорбуппут. Атын хоско учуутал кыргыттар олороллоро.Оскуола үс кылаастаах уонна улахан коридордаах этэ. Ийэм мас хайыта таҕыстаҕына былаат бүрүнэн тахсан кэтэһэн турарым, дэлби тоҥорум. Тибии-хаар быыһыттан мас хостоон, хайытан киллэрэн оһоҕун отторун уонна сиир лэппиэскэбитин буһарарын кэтэһэрим. Биирдэ кимнээх эрэ сылдьыбыттарыгар ийэм «бурдугум бүттэ, бу эрэ хаалла» диэн бурдук мөһөөччүгүн түгэҕэр сутурук саҕа мээккэ сылдьарын көрдөрбүтүн өйдөөн хаалбыппын. Наһаа аччыктыырбын өйдөөбөппүн, син ону-маны булан сиир этибит. Умуһахха сибиинньэ төбөтүн тириитэ хаалбытын буһаран сиэбиппит, эчи кытаанах да этэ, нэһиилэ ыйыстыбытым. Биирдэ күһүн учуутал кыргыттар куобах буһарбыттар, миэхэ куобах буутун мииннээн миискэҕэ бэристилэр. Ол куобах этин минньигэһэ, сыта үчүгэйэ билигин да биллэр курдук. Бууппутун ийэбиниин үллэстэн сиэтибит. Кэлин ийэм мөлтөх олохтон тыҥата ыалдьан оскуолаттан уурайбыта, атын сиргэ көспүппүт. Онтон сотору елбутэ, мин тулаайах хаалбытым. Ийэм өлбүтүн истэн миигин аҕам убайа Харитонов Конон Семенович диэн биэс оҕолоох огдообо киһи ылан ииппитэ. Үс кыыстааҕа миигиттэн уонтан тахса сылынан аҕ буолан, колхозхка субай сүөһүнү көрөллөрө, сайын оттууллара. Мин саастыы уолаттар бааллара иккиэн ыалдьан өлбүттэрэ. Миигин үс эдьиийдэрим көрөн-харайан улаатыннарбыттара. Абаҕам оҕонньор булчут этэ, кини бултаан-алтаан үссэммит буолуохтаахпыт. Биир ынахтаах этибит, «Миитэрэй ынаҕа» диэн харыстаан харайар этилэр. Ол ынахпын аһара таптыыр, имэрийэр-томоруйар этим. Сүрдээх сымнаҕас, үүттээх ынах этэ. Сайылыкка олорор кэммитигэр мэччийэн кэлэн баран дьиэбит аанынан төбөтүн уган баран турааччы. Оччоҕуна лэппиэскэбиттэн бэрсэрим . Бу ынахпыт баар буолан тыыннаах орпут буолуохпутун сөп. Аҕам Харитонов Дмитрий Семенович армияттан күһүн кэлбитэ. Арай биир киэһэ саллаат таҥастаах киһи киирэн кэллэ уонна курун сүөрүнэ туран «оҕом ханна баарый?» диэтэ. Онуоха дьонум миигин «аҕаҥ кэллэ, бар» диэтилэр, мин сүүрэн тиийдим. Абаҕам хараҕын уутун сотто олорор,ону аҕам «хайа тоҕо ытыыгын, эргиллэн кэллим дии » диир. Кэлин өйдөөбүтүм Куонаан оҕонньор үөрүүтүттэн хараҕын уута тахсыбыт. Бу алдьархайдаах сэрииттэн быраата ордон, илиитэ-атаҕа бүтүн кэлбититтэн төһөлөөх үөрбүтэ буолуой. Тулаайах хаалбыт кырачаан кыыһы бэйэтин оҕолорун кытта маанылаан ииппитигэр абаҕабар Куонаан оҕонньорго, эдьиийдэрбэр Марыынаҕа, Даайаҕа уонна Ульянаҕа сиртэн халлааҥҥа диэри махталлаахпын. Кыайыы кэнниттэн Кириэс-Халдьаайы Күбээдийэ диэн алааһыттан Ударник оскуолатыгар диэри биэс биэрэстэлээх сиртэн хааман үөрэнэрим. Аһа-таҥаһа кэмчи оҕо тоҥон үлүйэ сыһа-сыһа, ардах, самыыр, уу-хаар ортотунан сылдьан, ыалдьан үөрэхпин көтүтэрим. Ол иһин иккис кылааска үөрэнэр сылбар аҕам оскуола баар сиригэр Ударникка көһөн кэлэн, ыалга дьукаах олорбуппут. Туспа ыал буолан аспын бэйэм астыыбын, лэппиэскэ оҥорорбор остуолга тиийбэппин, олоппоско ыттан туран бурдукпун мэһийэбин. Бурдукпар тымныы, муустаах ууну кутан оҥоро турдахпына, биир эмээхсин сүбэлээн дьэ киһилии лэппиэскэни оҥорор буолбутум. Ийэтэ суох, тулаайах кыыс диэн дьон аһынар, эйэҕэстик сыһыаннаһар, сүбэлиир-амалыыр этилэр. Бэһис кылааска үөрэнэрбэр аҕабыныын Кириэс-Халдьаайыга Баланов Бүөтүр оҕонньордооххо олорбуппут. Бүөтүр кэргэнэ Тополина Анна Федоровна ийэм аҕатын кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар кыыһа буолан, аймахтаһан хас да сыл бииргэ олорбуппут. Үс оҕолоох үтүө ыал этилэр. Орто оскуоланы бутэрэн , биир сыл балыыһаҕа дезинфектордаан, онтон детсадка иитээччинэн үлэлээн, харчы мунньунан Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа иитээччи идэтигэр үөрэнэн 1962 с. бүтэрдим. Бу сыл ыал буолбутум. Кэргэним Василий Данилович Федотов педучилище физкультурнай отделениетын бүтэрбитэ. 1962 с. Бордоҥҥо ананан кэлбиппит, мин детсадка иитээччинэн, Василий физкультура учууталынан уонна күн бүгүнүгэр диэри бу дойдуну сөбүлээн олоробут. Оҕолорбут, сиэннэрбит манна төрөөбүт, үлэһит дьон, сис ыал аатырбыт күндү сирбит буолар. Мин 30 сыл оҕо тэрилтэтигэр иитээччинэн, сэбиэдиссэйинэн, Василий Данилович 17 сыл оскуолаҕа физкультура, саха тылын учууталынан , иитэр үлэ завуһунан, военругунан, 10 сыл олохтоох сэбиэт председателинэн, 5 сыл землеустроителинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Физкультура уонна спорт сайдыытыгар үтүөлэрин иһин элбэх бочуоттаах бэлиэлээх, хапсаҕайга спорт маастара, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, уус-уран самодеятельность активнай кыттыылааҕа. 50-тан тахса сыл бииргэ олорон, түөрт оҕону төрөтөн, иитэн-үөрэтэн, хас да сиэннэнэн, хос сиэннэнэн этэҥҥэ олорон, улуу Кыайыы 70 сыллаах үбүлүөйүн үөрэ-көтө көрсөрбүтүттэн олус үөрэбит. Аны хаһан да аан дойдуга сэрии буолбатын. Оҕо-уруу, ийэ-аҕа тулаайах хаалбатын туһугар киһи-аймах эйэлээхтик айа-тута, үүнэ-сайда турдун. Төрөөбүт Ийэ сирбит силигилии симэнэ, күөҕүнэн чэлгийэ турдун.
|
|