Суббота, 28.12.2024, 14:06
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 4
Гостей: 4
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Анна Федотовна САНТАЕВА
08:34
Анна Федотовна САНТАЕВА

Тыыл, педагогическай үлэ ветерана

Анна Федотовна САНТАЕВА,

2015 с. ыам ыйын 5 күнэ:

Мин 1935 с. ыам ыйын 31 күнүгэр Күндэйэ нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. Аҕам Иванов Федот Андреевич, ийэм Иванова Елена Степановна диэн этилэр. Элбэх оҕо төрөөбүтүттэн, оҕо турбакка, ыалдьан өлөн, бииргэ төрөөбүттэр эдьиийбиниин иккиэйэх этибит. Эдьиийим Иванова Евдокия Федотовна 1932 с. төрөөбүтэ, Күндэйэҕэ детсадка поварынан, завхоһунан пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Кэлин Бордоҥҥо көһөн кэлбитэ, 81 сааһыгар олохтон туораабыта.

Оҕо сааһым Ханча диэн сиргэ ааспыта. Кыһынын силбэһэ хотонноох, саах сыбахтаах балаҕаҥҥа, сайынын синньигэс мастарынан тутуллубут ампаар дьиэҕэ олорорбут, аҕыйах ынах сүөһүлээх этибит. Оччотооҕу саха дьонун олоҕун сиэринэн үүтү, эти үссэнэн, аҕабыт балыктаан, куобаҕы, куһу бултаан эбинэн аһаан-сиэн олорбуппут.

1941 с. Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии саҕаламмыта. Күндэйэ 4 кылаастаах оскуолатыгар 1942 с. үөрэнэ киирбитим. Оччолорго оҕолор бары 5-7 биэрэстэлээх сирдэртэн хааман үөрэнэллэрэ. Алын сүһүөх оскуолаҕа үөрэниим сэрии ыар сылларын кытары арыалласпыта. Төһө даҕаны ааспытын иһин, ол саҕанааҕы өлүү-сүтүү, харах уута аргыстаах, тоҥуу-хатыы, аччыктааһын доҕуһуоллаах аас-туор олоҕу ким умнуо баарай. Дьон үтүөтэ-хорсуна, кыайара-кыанара сэриигэ баран, ас-таҥас тиийбэккэ, тулаайахсыйан, аччыктаан, араас ыарыыга ылларан үгүс оҕо үөрэммэккэ хаалбыта, сорохторо суорума суолламмыттара. Тыылга хаалбыт дьоҥҥо, баһыйар өттө дьахталларга, сэрии саҕанааҕы үлэ фронун ындыыта санныларыгар сүктэриллибитэ. Оҕо үксэ кыратыттан улахан дьону кытта колхозка тэҥҥэ үлэлэһэн олох ыараханын эттэринэн-хааннарынан билэн улааппыта. Ол курдук биһиги тэҥ саастаах оҕолордуун от, бурдук үлэтигэр сылдьарбыт. Сэрии саҕанааҕы оҕолор араас үлэҕэ-хамнаска эриллэн дэгиттэр сатабыллаах, кыайынас-хотугас үлэ дьоно буола улааппыттара, кэлин нэһилиэктэригэр бэриниилээх, колхоз-совхоз төһүү үлэһиттэрэ буолбуттара. Үгүстэрэ нэһилиэк сис ыала буолан, сорохторо араас идэлэри баһылаан, үөрэхтэнэн республика араас муннуктарыгар үлэлээн кэллилэр.

3-с кылааһы бүтэрэр сааспар сэрии бүппүтүн, кыайыы өрөгөйдөөбүтүн туһунан үөрүүлээх сурах кэлбитэ. Дьон бары сүргэтэ көтөҕүллэн сырдаабыта.

Сэрии кэннинээҕи сылларга син биир олох чэпчэкитэ суоҕа. Орто оскуола оройуон киинигэр Сунтаарга баара, ыалга ыһыгынан олорон оскуоланы бүтэрбитим. Дьоннорум икки оҕону ыһыктаан үөрэттэрэр кыахтара суох буолан, эдьиийим салгыы кыайан үөрэммэтэҕэ. Дойдуну сэрии кэнниттэн чөлүгэр түһэриигэ оччотооҕу оҕолор кылааттара улахан. Сайынын оҕуруот үүнээйитин көрөрбүт-харайарбыт, от, бурдук үлэлэригэр үлэлиирбит. Орто оскуоланы бүтэрэн Дьокуускайдааҕы педагогическай институкка саха тылын уонна литературатын салаатыгар үөрэнэн, идэбин баһылаан, үлэбин дойдубар Күндэйэҕэ саҕалаабытым. 1966 с. Сантаев Михаил Ивановичтыын дьолбутун холбоон ыал буолбуппут. Онтон ыла Бордоҥ нэһилиэгэр дьиэ-уот туттан олохсуйбуппут. Пенсияҕа тахсыахпар диэри үлэбин ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ анаабытым. Бордоҥ орто оскуолатыгар интернакка иитээччинэн үтүө суобастаахтык үлэлээн билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун. Үс кыыс, биир уол оҕону төрөтөн, иитэн- үөрэттэрэн, ыал оҥортоотубут, тоҕус сиэннэнэн, хос сиэннэнэн эйэлээх олоххо олорорбунан дьоллоохпун.

 

Просмотров: 241 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]