Суббота, 28.12.2024, 15:30
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 5
Гостей: 5
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 15 » Анна Константиновна ЕГОРОВА
12:18
Анна Константиновна ЕГОРОВА

Тыыл, үлэ ветерана, сэрии огдообото

Анна Константиновна ЕГОРОВА туһунан

сиэнэ Могусова Раиса Егоровна

2015 с. муус устар 8 күнэ, Илимниир:

Биһиги тапталлаах эбэбит, иккис ийэбит кэриэтэ күндү киһибит 1887 с. төрөөбүт. Кыра кыыс эрдэҕинэ Хадан киһитигэр Маҥаас Хабырыыска кэргэн тахса сылдьыбыт. Онтуттан икки уол оҕо төрөөн, кыраларыгар өлбүттэр. Оҕонньоро олус кырыктаах киһи, эбэбитин кырбыыра үһү, тулуйа сатаан баран арахсыбыттар. Ол кэннэ иккиһин Бордоҥ киһитигэр Егоров Алексей Андреевичка кэргэн тахсар. Бэйэлэрэ оҕоломмотохтор, ол иһин 1928 с. биһиги төрөөбүт эбэбититтэн Иванова Анастасия Алексеевнаттан төрөөбүтэ 8 хоммут оҕону - биһиги ийэбитин Татыйыыһы иитэ ылаллар. 1935 с. 2-с Бордоҥ Каганович аатынан тыа хаһаайыстыбатын артыалыгар киирбиттэр. Эбэбит сырдык хааннаах, кугас баттахтаах, сытыы-хотуу, барыны-бары сатыыр, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьар олорон турбат туруу үлэһит этэ.

1941 с. кэргэнэ Алексей Андреевич бэбиэскэ тутан сэриигэ барбыт уонна сураҕа суох сүппүт. Ол хара суругу эбэбэр отой хойут тиксэрбиттэр. Саллаат огдообото тыылга геройдуу үлэлээн «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэ иһин» диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Сэрии кэнниттэн Улгумда Бэрэтигэр Петр Николаевич Степанов дьонун кытта биир дьиэҕэ дьукаах олорбуттар. Эбэм манна сэбиэт дьиэтигэр остуорастаабыт. Ол олордохторуна 1950 с. биһиги аҕабыт Васильев Егор Федорович ийэбитин хопто сыарҕанан Илимнииргэ сүгүннэрэн аҕалар. Эбэбит соҕотох кыыһыттан ханна хаалыай, эмиэ Илимнииргэ кэлэр. Манна кэлэн сүөһү-ас тутан, сайын күөл кытыытын, быраҕыллыбыт дулҕалаах сирдэри бырыһыаҥҥа оттуура, онтон утуу-субуу сиэннэр кэлэн барбыттар. 1968 с. кулун тутар 18 күнүгэр күн күбэй ийэбит ыарахан ыарыыттан бу орто дойдуттан күрэммитэ. Эбэбит хорсун санааны ылынан аҕабытын кытта 8 ыы-кырбас оҕолору ийэбитин суохтаппакка көрөн-харайан үлэһит оҥортоон, билигин бары ыал буолан, үксүбүт пенсияҕа олоробут.

Эбэм табах, арыгы диэни билбэт, үрүҥ аһы сөбүлээн аһыыр этэ. Тар хааһы, суорат, быырпах курдук астары мэлдьи аһыыра уонна наар хамсанан, үлэлээн букунаһан тахсара. Сатыы хамарын ордороро. Сарсыарда ынахтарын тыҥ хатыыта туран ыан баран, куулга кэһии оҕото сүгэн кэбиһэр уонна Бордоҥҥо Өрүүсэлээххэ, таайым Мэхээлэлээххэ, Сунтаарга Аяров Юралаахха баран күүлэйдии охсон киэһээҥҥи ыамыгар эмиэ кэһии бөҕөтүн сүгэн тиийэн кэлэрэ. Эбэм наһаа ыалдьытымсах этэ, мэлдьи чэйэ бэлэм буолара. Бордоҥ дьоно кини чэйин испэккэ быһа ааспат буолаллара. Оҕону олус үчүгэйдик иитэрэ, хаһан да кыыһырбытын көрбөтөҕүм. Элбэх бииргэ төрөөбүттэр бэйэ- бэйэбитин көрсөн улааппыппыт, үлэҕэ түргэнник ылсыһарбыт.

1983 с. аҕабыт эмискэ ыарахан ыарыыттан суох буолбута. Эбэбит - 96 саастаах эмээхсин, сүөһүтүн-аһын, дьиэтин-уотун бэрийэн олорбута. Кини чөл олоҕу тутуспут буолан 104 сааһыгар тиийдэҕэ. Эбэм эмээхсиҥҥэ тылынан кыайан этиллибэт барҕа махталбын этээри, кини үтүө аата үйэтийиэ, биир үйэттэн ордук, амарах майгылаах, хорсун-хоодуот, үлэһит эмээхсин олорон ааспыт эбит диэн кэнчээри ыччаттара кэриэстиэхтэрэ диэн туран ахтыыбын түмүктүүбүн.

Просмотров: 221 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]