Суббота, 28.12.2024, 14:17
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 8
Гостей: 8
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Арьян Степанович СИДОРОВ
10:23
Арьян Степанович СИДОРОВ

Тыыл, үлэ ветерана

Арьян Степанович СИДОРОВ-Уус Арыйаан туһунан

уола, үлэ ветерана Сидоров Иван Арьянович:

Аҕам 1898 с. Хочо улууһун Арыылаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кэргэннэнэн биир кыыс, үс уол оҕоломмута. Эдэр сааһыттан уһанан барбыта. Сэрии сылларыгар 1943с. сааһыгар райком дьаһалынан 2-с Бордоҥ нэһилиэгэр тимир ууһунан ыыппыттара, күһүн алтынньы ыйга дьиэ кэргэнинэн ыалга дьукаах көһөн кэлбиппит. Онтон ыла кыра колхозтары кэрийэ сылдьан ыһыы сэбин, от хомуурун, бурдук быһар-сынньар тимирдэри өрүмүөннээн сылын аайы күн солото суох уһанан барбыта.

Саха хомуһун Уһун-Күөлгэ уһаныаҕыттан оҥорон барбыта. Ол саҕана хомуһу ахсарбаттар этэ. Хомус тыаһа тимириттэн тутулуктаах диэн хатан ыстаал тимириттэн корпуһун оҥороро, тылын пуускап хотуур табаарыттан дьөлөн ылан оҥороро. Оччоҕо тыаһа улахан, этигэн тыастаах буолара. Кэргэнигэр оҥорбут хомуһун, ийэм өрбөххө суулаан илдьэ сылдьан тыаһатар буолара. Ол хомуһун кэлин Федотов Василий Данилович ийэтигэр Марыынаҕа биэрбитин кулуупка концертарга тыаһатар этэ.

ХТЗ тыраахтыр шатунун вкладыһа элэйбитин хоруолдьунан дуйдаан, паабырдаан хас да күн оҥорон бүтэрэр этэ. Трактор охсорун баала тосторун кытардан, уһааран салҕыыра. Былыргы биир айахтаах бөстүөннэй сааны аныгы бөрүлүөҥкэҕэ уларытан оҥороро. Икки уостаах сааны эмиэ ботуруоннаах сааҕа уларытан оҥороро. Улахан маслопуун сэппэрээтэрэ алтан көлүөһэтин тииһэ элэйэн, ытык олорор киинин эргиппэт буолааччы. Ону алтан көлүөһэ ортотунан куоһаахтаан кольцо оҥорон, хорҕолдьунунан иһэрдэн, икки өттүнээҕи тииһинэн сирдэтэн тиис аалан оҥорон үлэлэтэр этэ. Кэлин чаһы арааһа элбээн, алдьаммытын таастаан, иһин өрөмүөннээн оҥорор буолбута.

Токарнай станок кэлбитигэр Сунтаар МТС-гар токарь Николаев Валентиҥҥа киирэн биир нэдиэлэ үөрэммитэ. Инньэ гынан 1967-1978 сс. колхозка, совхозка, киин мастарыскыайга токарынан үлэлээбитэ. Сыбааркаһыт бэрдэ буолбута.

Кини бастаан уһанарыгар күөрдүн, кыстыгын, өтүйэтин барытын бэйэтэ оҥостубута. Маһынан эмиэ уһанара. Түннүк арааматын, остуолу, устууллары, хоптону бэйэтэ оҥорор этэ. онтулара аһара үйэлээх буолара. Итини оҥорор сэбин-сэбиргэлин - устуруустары, чүүччүлэри бэйэтэ оҥостон туттааччы. Түннүк тааһын олох алдьаппакка быһара. Кэлин кирпииччэнэн халааҥкы оһохтору тутар буолбута. Илиинэн от охсуутугар күүлэйдэргэ иннин кимиэхэ да биэрбэтэҕэ.

Дьиэни эмиэ тутара. Онно баһыытын оҥорор анал сүгэ оҥостон туһанара. Ол сүгэни дьоннор хайҕаан уларсан, оҥотторон туһаналлара.

Онон биһиги аҕабыт билбэтэҕэ, сатаабатаҕа, оҥорботоҕо суох. Барытын билэн, оҥорон, айан тутан орто дойду олоҕо сайдарыгар элбэҕи оҥорон бу орто дойдуттан 1979 с. ыалдьан өлбүтэ. Аҕабыт уһанар дьоҕура биһиэхэ, уолаттарыгар барыбытыгар, бэриллэн, баччааҥҥа диэри тимири кытта эллэһэн-эриһэн сылдьабын.

 

Просмотров: 209 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]