Четверг, 09.05.2024, 10:46
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Март 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
          1
    2345678
    9101112131415
    16171819202122
    23242526272829
    3031
    Главная » 2020 » Март » 17 » Демьян Арьянович МАТРОСОВ
    07:59
    Демьян Арьянович МАТРОСОВ

    Демьян Арьянович МАТРОСОВ

     

             Мин Демьян Арьяновиьы Бордоҥ оскуолатыгар үөрэнэ кэлиэхпиттэн билэбин. Оскуоланы бүтэрэн тырахтарыыска үөрэнэн кэлэн үлэтин саҕалаан Сунтаар совхозка, онтон Бордоҥ совхозка тырахтарыыһынан үлэлээн ыһыы үлэтигэр, сайын от үлэтигэр мэлдьи үрдүк үчүгэй үлэни көрдөрөн мэлдьи совхоз чулуу механизаторынан ааттанара. Оройуон, Совхоз механизатордарын слеттарыгар сылдьан элбэхтик хайҕанара уонна Почетнай грамоталары ылара. Кэлин Т-100 тракторы баһылаан онно тырахтарыыстаан Сунтаар Тэҥкэ суолун оҥорбута. Сунтаар суолун оҥорооччулара хас да сылы быһа оҥорон Илимнииргэ дылы оҥорбуттарын Демьян Арьянович Илимнииртэн Тэҥкэҕэ диэри 2-3 сыл иһигэр түүннэри- күнүстэри тохтоло суох үлэлээн 60-ча биэрэстэлээх суолу, үчүгэй хаачыстыбалаахтык оҥорон туттарбыта улахан геройдуу үлэни көрдөрбүтэ. Онон Сунтаар Тэҥкэ суола билигин оройуоҥҥа үчүгэй суолунан биллэр.

             Кэлин мин Тэҥкэ түбэтигэр баран муҥхалыыр буолан Полиналаах Демьянна хоно сытан 2 күн муҥхалаан бэрт элбэх күөллэри муҥхалаан элбэх собону ылан Сунтаар, Бордоҥ, Тэҥкэ дьонун элбэхтик аһатан турабын. Онон Полиналаах Демьянна улаханнык маанылатан хонон биир сыл Усталаах уонна Уулаах эриэнтэн 150- ча куул собону ылан дьоннору соһутан уонна үөрдэн турабын. Онон Демьян Арьянович киһи быһыытынан үөрүнньэҥэ, сэмэйэ, кэпсээнэ- ипсээнэ элбэҕэ, киһини чуҥкуппат үтүө киһи орто дойду олоҕор кылгастык олорон барбыта хомолтолоох. Ол да буоллар улахан үлэни үлэлээн барда. Сунтаар Тэҥкэ суола баарын тухары кини аата үйэлэргэ уһуннук ааттана уонна ахтылла туруо.

     

    Ахтыыны суруйдум Бордоҥ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, механизатора Сидоров Иван Арьянович.

    Кулун тутар 3 кунэ 2020 сыл.

     

     

     

    Просмотров: 248 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]