10:12 Дмитрий Захарович СЕМЕНОВ |
Тыыл, үлэ ветерана Дмитрий Захарович СЕМЕНОВ туһунан улахан кыыһа Уарова Галина Дмитриевна: Биһиги аҕабыт 1910 с. Мөһөөктөр ийэ уустарыгар төрөөбүт. Төрдө Туймаадаттан төрүттээхтэр үһү. Ынахтара сүтэн хаалбытын Көрбүөччү оҕонньортон ыйыппыттарын Бордоҥ таһыгар сыталлар диэбитигэр Туймаадаттан кэлбиттэр. Кэлэн күөлгэ илим түһэрэн собо бөҕөтүн ылбыттар. Ити сири Ымсыы диэн ааттаабыттар. Кинилэри кытта тыла, кулгааҕа да суох киһи кэлсибит. Кини мас ууһа үһү. Биһиэхэ ол киһи оҥортообут устуула, остуола, мас дьааһыга билигин да бааллар. Иистэнэр хаа, улахан ымыйа, шкатулка баарын олохтоох музейга туттарбыппыт. Миитэрэй диэн киһи Захар диэн уолламмыт уонна икки кыыс оҕоломмут. Кыргыттар оҕото суохтар үһү, оттон Захартан биһиги аҕабыт төрөөбүт. Аҕабыт революция иннинэ төрөөн, биир-икки эрэ кылаас үөрэхтэммит. Кини бастакы кэргэнэ Ульяналыын 23 сыл олорбуттар да, оҕоломмотохтор. Ульяна урут бэйэтэ биир оҕолоох эбит, Анатолий диэн. Бу уол оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммит. Активист, комсомол чилиэнэ эбит. Сунтаарга киирэн 10-с кылааһы бүтэрэн баран Москваҕа үөрэнэ сырыттаҕына армияҕа ыҥырбыттар. Черноморскай флотка сулууспалыы сылдьан быара ыалдьан өлбүт. Кини билигин Москваҕа олорор Ленинскэй бириэмийэ лауреата, АЛРОСА АК кэтээн көрөр сэбиэтин секретара Степанов Александр Николаевиһы кытта бииргэ үөрэммит. Аҥар атаҕа кылгас, доҕолоҥ буолан, Аҕа дойду сэриитигэр барбатаҕа. Инньэ гынан колхозка араас үлэҕэ күннэри-түүннэри үлэлээбитэ. Звеньевойдаан, биригэдьиирдээн сылдьыбыта. Сэрии кэмигэр колхоз председателинэн үлэлээн, туох баар күүһүн-күдэҕин ууран фронт туһатыгар диэн үлэни тэрийбитэ. Колхозтаахтары биир өйгө-санааҕа түмэн, үлэ нуорматын толорууга, байыаннай бириэмэ булгуччулаах нолуоктарын хомуйууга, заем суруйуутугар, ичигэс таҥас-сап тигиитигэр үтүмэн элбэх үлэни ыыппыт. Маны таһынан дьоҥҥо өйдөтөр үлэни, агитацияны үчүгэйдик ыытан, оборона фондатыгар харчыны хомуйууга үлэлэспит. Үлэһиттэригэр, нэһилиэнньэҕэ күннэрэ фронт сонуннарын билсиһиннэрэр эбит. Кини партия эрэллээх чилиэнэ этэ. Оҕото суох буолан аҕабыт оҕолору, эдэр дьону сөбүлүүр уонна аһынар этэ. Балыыһаҕа өр сылларга прачканан үлэлээбит Омукова Анастасия Егоровна наһаа долгуйан туран кэпсиир этэ, “оҕо сылдьан сэрии сылларыгар буолаҕа бурдук хомуйа баран иһэн суол кытыытыгар сынньана сыттахпына, арай суол устун биригэдьиир Дмитрий Захарович иһэр эбит. “Хайа, тоҕойуом. Тоҕо сытаҕын, аччыккын дуо?” – диэн баран бэйэтин өйүө килиэбин ылан биэрдэ. Ол килиэп эчи минньигэс да этэ”. Аҕабыт сэрии сылларыгар үчүгэйдик үлэлээбитин бэлиэтинэн «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэ иһин” Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Сэрии кэнниттэн звеноҕа от бөҕөнү оттоон, кыһын фермаҕа көөнньөрбө оҥорон, күөх бурдугу үүннэрэн элбэх үлэни үлэлээбитэ. Үлэтигэр олус эппиэтинэстээхтиксыһыаннаһара. Кэргэнэ, кэлин уола өлөннөр, соҕотох, огдообо киһи курус олоҕун билбитэ. Ийэбин Жданов колхозка үүт тутааччынан үлэлии сырыттаҕына биригэдьиир киһи кэргэн кэпсэппит. Ону ийэм аҕа саастаах, огдообо киһи уонна икки оҕолоох дьахтары тэҥниэ суоҕа диэн аккаастыы сыһан баран дьылҕа-хаан тардан 1959 с. холбоспуттар. Огдообо, чороҥ соҕотох киһи икки оҕолоох, икки ыанар ынахтаах толору ыал аҕатынан буола түһэр. Колхоз бөдөҥсүйэн совхоз буоларыгар аҕабыт оскуолаҕа, балыыһаҕа завхозтаан, кочегардаан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Манна үлэлии сылдьан кини Коммунистическай үлэ ударнига буолбута. Элбэх бочуотунай грамотанан, В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Аҕабыт биһигини бэйэтин оҕолорун курдук көрөрө, таптыыра. Кини ийэбититтэн 20 сыл аҕа этэ. Онон ийэбит киниттэн 3 оҕолонон улаханнык маанылатан, атаахтаан олорбута. Аҕабыт дьиэ ис-тас үлэтин барытын оҥороро. Оскуолаҕа барарбытыгар биһигини туруортаан, таҥыннартаан, сылаас аһы аһаталаан ыытара. Күнү быһа оонньоон, ардахха-самыырга, чалбахха да түһэн сытыйдарбыт-ымыйдарбыт сарсыарда аҕабыт кичэллээхтик куурдубут, ийэбит сууйбут-соппут ыраас, сылаас таҥаһын ылан кэтэрбит. Дьоммут биһиэхэ тапталларыгар биһиги эмиэ сылаас сыһыанынан эппиэттиирбит, куруук көмө-ньыма буоларбыт, дьиэ ис-тас үлэтин барытын тэҥҥэ үлэлэһэрбит. Аҕабыт олус культуралаах, сэмэй, көнө майгылаах этэ. Дьон ытыктаан Дмитрий Захарович диэн эрэ ыҥырыллара. Кини ийэбитиниин 20 сыл олус эйэлээхтик, дьоллоохтук олорбуттара. Ол тухары аҕабыт оҕону мөҥөрү, таһыйары сөбүлээбэт этэ, ийэбит мөхтөҕүнэ куруук көмүскэһэрэ. Кини айылҕаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһара, дьону хаһан да куһаҕаннык саҥарбат, биһигини киһиттэн ордо сатаамаҥ, бу орто дойдуга киһи барыта тэҥ диэн үөрэтэрэ. Төрөппүттэрбит төһө да улахан үөрэҕэ суох буоллаллар, саха киһитин быһыытынан оҕолорун сиэр-майгы, үгэс-туом өйдөбүллэригэр барытыгар үөрэтэр, иитэр этилэр. Ону тутуһан биһиги бары үлэһит, көнө майгылаах буола улааппыппыт. ачаалан да сырыттарбыт, үчүгэйи, куһаҕаны араарар, наадалаах, наадата суох диэн быһаарар этибит. Онон ийэлээх аҕабыт кыһамньыларынан, тапталларын сылааһынан бары киһи-хара буолан, билигин бары ытыктанар үлэһит буола сылдьарбытыгар махталбыт улахан. Билигин биһиги төрөппүттэрбит аттыбытыгар суох да буолбуттарын иһин, кинилэри билэр, өйдүүр дьон куруук үтүө тылынан, истиҥ иэйиинэн иһирэхтик кинилэри ахталларынан, ытыктыылларынан, холобур оҥостоллорунан биһиги, кинилэр оҕолоро, киэн туттабыт уонна маннык эйэҕэс, сымнаҕас, үтүө дьоҥҥо төрөөн, дьоллоох оҕо сааһы билбиппитигэр ийэбитигэр Матрена Алексеевнаҕа, аҕабытыгар Дмитрий Захаровичка тапталбыт сылаас иэйиитин аныыбыт.
|
|