Суббота, 28.12.2024, 15:16
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 6
Гостей: 6
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 15 » Домна Осиповна, Николай Егорович ЕГОРОВТАР
12:18
Домна Осиповна, Николай Егорович ЕГОРОВТАР

 

Тыыл, үлэ ветераннара

Домна Осиповна, Николай Егорович ЕГОРОВТАР тустарынан

кыыстара Максимова Александра Николаевна:

 

Биһиги аҕабыт 1909 с. Ньукуола таҥаратын күнүгэр Бордоҥ нэһилиэгэр төрөөбүт. Кини бииргэ төрөөбүт убайдара Тихонов Иван Никифорович уонна Егоров Митрофан Егорович оҕо-ыччат тэнитэн, уһуннук, дьоллоохтук олорон 70-с сылларга сирдээҕи олохтон туораабыттара. Аҕам Николай Егорович сэрии маҥнайгы сылларыгар фроҥҥа ыҥырыллан барбыта. Иркутскай куоракка тиийэн баран элбэхтик ыалдьан военнай госпитальга өр эмтэммит, ол эрээри кыайан үтүөрбэккэ сыыйыллан төттөрү дойдутугар төннөн кэлбит. Ол кэлиэҕиттэн ыла Жданов колхозка араас үлэҕэ күүһүн харыстаммакка үлэлээбитэ. Хойут сэрии бүппүтүн кэннэ 1947 с. Алексеева Домна диэн кыыһы көрсөн ыал буолбуттара, элбэх оҕоломмуттарыттан сорохторо билигин орто дойдуга суохтар.

Киһини өйдүөхпүтүттэн аҕабыт колхозка хортуоппуй үүннэрэр этэ, Бөһүөлэк уонна Ымсыы (оҕо сылдьан өр олорбут өтөхпүт) икки ардыгар подвал баара. Онно кэлэн аҕабытын кытта сиэмэ хортуоска талсарбыт, оһоххо мас тасыһарбыт, кини хортуоска сөптөөх температуратын чуолкай тутуһара, кыраадыһын баҕанаҕа көхөҕө ыйаан турар буолара. Кэнники сылларга совхоз буолбутун кэннэ мэлдьи бостуугунан, кыһын фермаҕа сүөһү аһатыыга үлэлиирэ, сайыҥҥы өттүгэр хойукка диэри ходуһаны харабыллыыра. Ол курдук хара өлүөр диэри үлэттэн илиитии араарбатаҕа. Аҕабыт 1981 с. олунньу 11 күнүгэр олохтон туораабыта, 72 сааһын аҕыйах ыйынан ситэ туолбатаҕа.

Оттон ийэбит Алексеева (Егорова) Домна Осиповна 1928 с. Алексеев Осип Дмитриевич уонна Мария Никоновна дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон төрөөбүт, кинилэр биэс бииргэ төрөөбүттэр эбит. Аҕалара сэрии маҥнайгы сылларыгар ыҥырыллан барбыт. Онон ийэлэрэ биэс кыра оҕотун кытта хаалбыт, улаханнара Мария 15, Домна 13 саастаахтара. Ийэлэригэр 1943 с. хара сурук кэлбитин олохтоох сэбиэккэ ыҥыран туттарбыттар. Сэрии ыар, аччык сылларыгар дьон барыта күүстээх үлэҕэ туруммуттар. Биһиги ийэбит эмиэ улахан дьонтон хаалсыбакка араас үлэҕэ күүһүн харыстаабакка сылдьыбыт. Таһаарыылаах үлэтин иһин киниэхэ «1941-1945 сс. килбиэннээх үлэ иһин» мэтээли 1945 с. олунньу 23 күнүгэр олохтоох сэбиэккэ туттарбыттар үһү. Биһиги ийэбит колхозка, совхозка мэлдьи арыыһытынан, сайын үүт эрийээччинэн үлэлиир этэ. Кэнники бэрт аҕыйах сыл ыанньыксыттаабыта. Аҕабыт ийэбититтэн төһө эмэ элбэх сыл аҕа буоллар, кинилэр уһуннук уонна эйэлээхтик олорбуттара, саҥарса, этиһэ олороллорун хаһан да истибэтэҕим.

Аҕабыт олус аһыныгас киһи этэ. Ыалбыт кыыһа Иванова Наталия Васильевна «Ньукулай оҕонньор биһиэхэ мэлдьи аһылык, Домна таҥас киллэрэр этэ» диэн миэхэ мэлдьи кэпсиир, махтанар этэ.

Ийэбит Домна Осиповна 81 сааһыгар сылдьан олохтон туораабыта. Дьоммут ааттарын ааттатар элбэх ыччаты тэниттибит. Сиэннэр бары үрдүк, сорохторо иккилии үрдүк үөрэхтээхтэр, үөрэнэ сылдьааччылар эмиэ бааллар. Кинилэр үлэни үҥэр таҥара оҥостубут эбэлээх эһэлэрин утумнаан дьон бастыҥа, үлэһит үтүөтэ буолан, дойдуларын туругурдуохтара турдаҕа.

Просмотров: 227 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]