10:12 Ефрем Григорьевич СЕМЕНОВ |
Тыыл, үлэ ветерана Ефрем Григорьевич СЕМЕНОВ туһунан кыыһа Иванова (Семенова) Евгения Ефремовна, СР үөрэҕириитин туйгуна, үлэ ветерана: Биһиги аҕабыт 1916 с. Бордоҥ нэһилиэгэр Бүгүйэх диэн сиргэ элбэх оҕолоох дьадаҥы ыалга күн сирин көрбүтэ. Ыалга саамай кыра оҕолоро эбит. Төрөөбүт сирин наһаа ахтара-саныыра, ордук Сунтаарга көһөн баран, наар биһиэхэ кэпсиир буолара. Биир сайын балта Иванова (Семенова) Матрена Михайловналыын анаан-минээн бара сылдьыбыттара. Марбаҕа оскуола хойут аһыллан, сааһа ааһан хаалан, үчүгэйдик үөрэммэккэ хаалбытым диирэ. Ол эрээри ликбезкэ үөрэнэн ааҕар-суруйар буолаат, идэ ылар баҕата батарбакка, эбии бэйэтэ ахсааҥҥа дьарыктанан барбыт. Ону бэлиэтии көрөннөр эдэр уолу Ньурбаҕа бухгалтер үөрэҕэр ыыппыттар. Ити сэрии иннинэ буолуо, ол саҕана кыра куурус да үөрэхтээх киһи аҕыйаҕа биллэр. Онон Ефремы кэлээтин кытта оройуон киинигэр үлэҕэ ылбыттар, төрөөбүт сириттэн өр кэмҥэ тэйдэҕэ ол. Дьон-сэргэ олоҕо тупсан, үөрэ-көтө үлэ үөһүгэр сырыттаҕына, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии сэрии алдьархайа саҕаламмыта. Биһиги аҕабыт, ол кэмҥэ сүүрбэччэлээх уол, фроҥҥа барарга бэбиэскэ кэтэһэ сылдьыбыт. Ол эрээри кинини, оройуоннааҕы үп салаатын биир тутаах үлэһитин, бронь биэрэн туран, сэриигэ ыыппатахтар. Ити кэмҥэ киһи барыта кыайыы туһа диэн күнү-түүнү аахсыбакка, сылайары-сынньанары умнан туран үлэлиирбит диэн ахтара. |
|