Суббота, 28.12.2024, 14:40
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 13
Гостей: 13
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Ефросинья Васильевна СПИРИДОНОВА
10:17
Ефросинья Васильевна СПИРИДОНОВА

Тыыл, педагогическай үлэ ветерана,

РФ үөрэҕириитин туйгуна

Ефросинья Васильевна СПИРИДОНОВА:

Мин аҕам Спиридонов Василий Николаевич 1941 с. ыалдьан сырыттаҕына сэрии буолбута биллибитэ, аҕам оччотооҕу хамыыһыйанан дьиҥэ доруобуйатын туругунан сыыллыбытын үрдүнэн күүһүнэн барбыта. Ол эрээри икки дуу, үс дуу сыл буолан баран ыарыыта бэргээн төннөн кэлэн биир сыл буолан баран өлбүтэ.

Мин аҕабын өйдөөбөппүн, аҕам сэриигэ сылдьыбыт докумуона олох суох этэ. Кэлин улаатан баран хаартыскатын булбуппут, онно кини полевой суумкалаах, галифе бүрүүкэлээх икки буолан түспүттэр этэ. Ол хаартысканы эдьиийим Игнатьева Ксения Филипповна улаатыннарыам диэн илдьэ барбыта, да төннүбэтэҕэ. аҕабыт сэриигэ барбытын кэннэ, ийэм Спиридонова Евдокия Филипповна биэс кыра оҕолордоох соҕотоҕун хаалбыт. Аҕа дойду сэриитэ саҕаланыаҕыттан дьон-сэргэ олоҕо лаппа ыараан барбыта. Биһигини иитээри ийэбит колхозка ыанньыксыттыы киирбитэ, ол иннигэр субай сүөһүнү көрүүгэ үлэлээбитэ. Оччотооҕу ыанньыксыттар үлэлэрэ олус ыарахан этэ, хотон, күрүө-хаһаа тутуута мөлтөх буолан ардах-самыыр курдары хоторо,мэлдьи сииктээх, инчэҕэй, тымныы буолара диэн кэпсиирэ ийэм. Мин улаатан баран ону барытын эппинэн-хааммынан билбитим, ийэбэр көмөлөһөн атах-бытах үлэлэри толорорум. Улахан убайдарым Володя уонна Уйбаан улаатан оскуолаҕа үөрэнэ барбыттара. Биһиги ийэбиниин уонна икки кыра бырааттарбыныын Угут Күөлгэ үлэ үөһүгэр хаалбыппыт. Оскуола биһиги олорор сирбититтэн 7 км тэйиччи, Элгээйигэ баар этэ.

Аһыыр аспыт олох суох кэриэтэ быһыылааҕа, онон олус аччыктыырбытын өйдүүбүн. Мин оскуолаҕа хойутаан киирбитим, наар ыалдьан тахсар этим, оччотооҕу бириэмэҕэ таҥнар таҥас да суох этэ. Биир үтүө күн ийэм киирэн: “чэ, киирэн ороҥҥо сыт, сапта оҕус диир”. Мин суорҕанынан саптан, кирийиэхпинэн кирийэн сытабын, ол эрээри суорҕаммын кыратык сэгэтэн уоран көрөбүн. Онно көрдөхпүнэ икки киһи киирэн ийэбиттэн: “оҕоҕун тоҕо оскуолаҕа ыыппаккын?” дииллэр. Ийэм барахсан “ити ыалдьа сытар” диирин өйдүүбүн, кырдьыгын эттэххэ оскуолаҕа кэтэрдэн ыытар таҥаһым суох этэ. Онуоха ол киирбит дьоннор “оҕоҕун үтүөрдэ даҕаны булгуччу ыытаҕын” диэт тахсан барбыттара Ол дьон кэлэн барбыттарын ферма дьоно бары истибит этилэр. Уһуннук-киэҥник уталыппакка эрэ бииргэ үлэлиир дьоно көмөлөөн таҥас тикпиттэрэ быһыылааҕа. Ол курдук мин дьэ оскуолаҕа барар буолбутум. Элгээйигэ бастаан оскуолаҕа тиийбиппэр оҕолор таҥастара-саптара үчүгэйэ бөҕө этэ. Кылааска миигин бастакы учууталым Римма Иннокентьевна сиэтэн киллэрбитэ уонна оҕолорго бэйэҥ ааккын билиһиннэр диэбитигэр “мин аатым Ефросинья Спиридонова” диэбиппэр кылаас оҕолоро күлүү бөҕө буолбуттара, ол да саҕана, билигин да сэдэх аат эбит. Римма Иннокентьевна оҕолорго туһаайан: “тоҕо күлэҕит оҕолор? Кини улааттаҕына Ефросинья Васильевна диэн буолар онтон билигин Фрося диэн ыҥыраҕыт” диэбитэ. Оскуоланы кытта бастакы билсиһиим ити курдук этэ.

Маҥнайгы сылбар ыалга олорон үөрэммитим. Ыалым аҕалара аһара кырыктаах киһи этэ. Аһаары гыннылар да миигин мэлдьи хаҥас бар диирэ. Онно олордохпуна ийэлэрэ лэппиэскэ тоһутан аҕалан биэрэрэ. Хата эһиилигэр интернакка ылан абыраабыттара. Онно үстэ аһаталлар, остолобуойга уһун остуолга тэриэлкэҕэ хааһы, биир быһыы килиэп ол үрдүгэр биир куһуок саахар, арыт арыы баар буолара. Кэнникинэн аһыыр аспыт өссө тупсубута, Дария диэн повар баар этэ, кини нуучча лэппиэскэтин, арыт бэрэскини оҥорон аһаталыыра, минньигэс да буолара. Кэлин интернат оҕолоругар өссө таҥас биэрбиттэрэ. онон интернат баар буолан биһиги үөрэхтэнэн киһи-хара буолбуппут.

Кэлин ийэм 1957 с. үүт ыамыгар үрдүк ситиһиитин иһин дойду тэбэр сүрэҕэр - улуу Москва куоракка Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар баран кэлбитэ.

Маҥнайгы учууталым эппитин курдук, Ефросинья Васильевна диэн ытыктанар аатынан үгүс көлүөнэ оҕону иитэр-үөрэтэр үлэҕэ сыралаһан үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа оҕолорум далбардарыгар, сиэннэрим аттыларыгар олоробун. Биһиги дьоммут уонна бэйэбит аччык аҥардаах, сатамматы салҕаан, тиийбэти тириэрдэн олохтообут олохпут үчүгэйэ бэрт, өссө да тупсан иһиэ буоллаҕа диэн кырдьаҕас киһи сиэринэн ыччаттарым туһугар баҕа санаабын ситэрэн этэбин.

 

Просмотров: 204 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]