02:01 Егор Егорович ЛУКИН |
Тыыл, үлэ ветерана Егор Егорович ЛУКИН туһунан аймахтарын ахтыыта: 1933 с. ахсынньы 15 күнүгэр, Хадан бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Лукина Дарья, аҕам Лукин Егор Егорович диэннэрэ, оҕолоро эрдэхтэринэ, сэрии-сут дьылларыгар аччыктаан өлбүттэрэ. Дьон кэпсииринэн, ийэлэрэ Дьегүөрү уонна Өкүлүүнэ диэн балтын илдьэ утуйа сытан бараахтаабыт. Ол кэмтэн оҕолор үрүө-тараа тутуллан, ийэ-аҕа диэни билбэккэ, олох уһун, унньуктаах, эрэйдээх суолугар туруммуттар. Салгыы Егор Егорович тыыннааҕар бэйэтэ суруйбут ахтыытыгар маннык кэпсиир: “Миигин ийэм өлөөтүн кытта балтым Өкүлүүнэни кытта Өлүөхүмэнэн Тойбохой детдомугар көһөрбүттэрэ. Балтым аһара ыарыһах этэ, онон кинини Илимниир детдомугар көһөрбүттэрэ эрээри уһаабатаҕа, туберкулеһунан ыалдьан өлбүтүн убайым Лэгэнтэй ылан харайбыта.
1952 с. Сунтаарга киирэн трактористар курстарыгар алта ый үөрэммитим. Маһынан оттуллар урукку трактордарга үлэлээбитим. Үс сыл ытык иэспин толорон Приморскай кыраайга танковай чааска сулууспалаабытым. Армияттан кэлэн баран Бордоҥҥо тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитим. 1957 с. күһүн өрүскэ кырдьымах турбутун кэннэ Кириэстээхтэн төрүттээх армияҕа бииргэ сулууспалаабыт табаарыһым Яковлев Зиновийдыын сатыы Мирнэй куораты туттууга барбыппыт. Суолбутун Зиновий аҕата ыйан кэрдэн карта оҥорон биэрбитинэн үс күн айаннаан тиийбиппит. Тиийэн аҕыйах хоноот, бастаан ону-маны хомуйарга, ыраастааһыҥҥа үлэлии сылдьан баран, тутуу үлэтигэр киирбитим. Мирнэй куорат 2-лии квартиралаах мас дьиэлэрин, онтон 2-лии этээстээх дьиэлэри тутан барбытым. Бастаан палаточнай городоктарга, онтон бараахтарга олорон, сарсыарда 9 чаастан киэһэ 7-8 чааска диэри бэрэбинэлэри көтөҕөлөөн үлтү сылайарбыт. Манна 10 сыл үлэлээбитим. Онтон дойдубар төннөн Бордоҥҥо убайым Лэгэнтэйгэ олорон, үлэ- хамнас үөһүгэр түспүтүм. Убайым совхоз сүүһүнэн сылгытын көрөн ыйы ыйдаан баран хаалара. Мин дьиэ ис тас үлэтигэр көмөлөһөн, балыстарбын, бырааттарбын атахтарыгар тутуорсан, ыал буолан дьиэ-уот тэринэллэригэр күүс-көмө буолбутум, идэбинэн тутууга үлэлиирим. Сунтаарга райком дьиэтин тутуспутум. Бордоҥҥо туох баар тэрилтэлэр, фермалар, ыаллар дьиэлэрин, Хадаҥҥа кулуубу, Илимнииргэ хотоннору, Кэппэндээйигэ 2-лии, 4-түү квартиралаах дьиэлэри тутан, кулууптарын өрөмүөннээн, онтон да элбэх тутуулары тутуспутум. Билигин сыта-олоро олохпун ырытан, тэҥнээн көрдөхпүнэ, олох балысханнаах уларыйар эбит. Биһиги оҕо, эдэр сааспыт тыыннаах хаалар туһугар мөксөн, үлэлээн-хамнаан олоруу эбит». Лукин Егор Егорович 2012 с. сэтинньи 7 күнүгэр бу сиртэн барбыта. Ыараханнык ыалдьа сытан бииргэ тутууга үлэлээбит табаарыстарын ыҥыртыыра. Дьөгүөрбүт майгыта сымнаҕаһа, үлэтигэр эппиэтинэстээҕэ биһигини барыбытын үөрдэрэ. Бэйэтэ оҕоломмоттор да биһиэхэ кини күндү киһи - эһэбит, хос эһэбит быһыытынан биһиги сүрэхпитигэр мэлдьи хаалыаҕа. |
|