Суббота, 28.12.2024, 15:17
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 5
Гостей: 5
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 15 » Егор Григорьевич ЕВСЕЕВ
12:26
Егор Григорьевич ЕВСЕЕВ

Тыыл, үлэ, сцена ветерана

Егор Григорьевич ЕВСЕЕВ-Сындыыс туһунан

сиэнэ, 4-с кылаас үөрэнээччитэ Евсеев Егор:

Эһэм 1934 с. кулун тутар 3 күнүгэр Тойбохой нэһилиэгэр төрөөбүт. Ийэлээх аҕата эрдэ өлөннөр, Тойбохойдоо5у детдомца иитиллибит. Улахан убайа Данил Кэппэндээйигэ туус собуотугар үлэлии сылдьан 1942 с. тууска баттатан өлбүт. Иккис убайа Петр 1941 с. Аҕа дойду улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыт уонна Ленинград куоракка өлбүт. Кыра убайа Прокопий ыал буолан элбэх ыччаттардаах.

Эбэм Эмилия Афанасьевналыын 1964 с. ыал буолбуттар, үс оҕолоохтор, элбэх сиэннэрдээхтэр. Хомойуох иһин, мин эһэм билигин суох, оттон эбэм Элгээйигэ кыра кыыһыгар олорор. Мин эһэбин бэркэ өйдүүбүн. Кини хаһан да кыыһырбат, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьар киһи этэ. Миигин биирдэ да мөхпөтөҕө.

Эһэм Егор Григорьевич 1956 сылтан 34 сыл устата культура эйгэтигэр үлэлээн-хамсаан, айан-тутан кэлбитэ, ол иһигэр 30-ча сыл устата Бордоҥнооґу культура дьиэтин бастакы дириэктэринэн олус айымньылаахтык үлэлээн ааспыта. Эбэм Эмилия Афанасьевна уус-уран салайааччы этэ. Кинилэр үлэлиир кэмнэригэр нэһилиэкпит уус-уран самодеятельноһа оройуоҥҥа эрэ буолбакка, республикаҕа кытта киэҥник аата ааттаммыта.

Өр сыллаах эҥкилэ суох үлэтин иһин Егор Григорьевич Евсеевкэ 1969 с. Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ үрдүк аат иҥэриллибитэ. Билигин даҕаны эһэм 1966 с. маһын кэрдиититтэн саҕалаан, тутуутугар, үлэҕэ киириитигэр тиийэ чэрдээх илиитинэн үлэлэспит, сүүрбүт-көппүт кулуубун аана сабыллыбат, үлэтэ күөстүү оргуйар. Кини мемориальнай дуоската «Айыллаан» культура киинин эркинигэр ыйанан турар.

Республикаҕа национальнай оскуола концепцията олоххо киирэр кэмигэр 1990 с. ол кэмҥэ бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор эһэбин Бордоҥ орто оскуолатыгар төрүт культура учууталынан ыҥыраннар, олус айымньылаахтык үлэлээбитэ. Кини уруоктара кыракый спектакль кэриэтэ буолаллара диэн ахталлар үөрэнээччилэрэ. Оскуола аттыгар оҕолор үөрэнэллэригэр анаан балаҕан туттарбыта. Онно Саха бастакы Президенэ М.Е. Николаев, оннооҕор ЮНЕСКО делегацията кэлэн ыалдьыттаабыт. Оскуолаґа сайыны көрсө Хотой Айыы ыһыаґын ыыталлара, улууска биллэр драмкуруһуок үлэлиирэ, оҕо барыта оһуокай тылын этэр, дэгэрэҥ ырыаны ыллыыр, хомуска оонньуур этилэр.

Эһэм Егор Григорьевич норуот тылынан уус-уран айымньытын (фольклору) бары жанрдарын үчүгэйдик билэрэ. Бэйэтэ үҥкүү тылын этээччи, тойуксут, чабырҕахсыт, норуот ырыаларын толорооччу, остуоруйаһыт, олоҥхоһут этэ. Ону таһынан хомуһуннаах хоһоон айааччы, үрдүк айыылартан этитиилээх алгысчыт. Айар үлэтин саамай үрдүк чыпчаала – «Оҕо Туйгун» олоҥхону суруйбута. Хоһоону суруйуунан кини кыра сааһыттан дьарыктаммытын билэбин. Ол курдук Тойбохой детдомун 1940-2010 сс. иитиллээччилэрин «Тойбохой детдома – оҕо сааспыт биһигэ» диэн ахтыы кинигэлэригэр «Гоша Евсеев» диэн илии баттааһыннаах мин эһэм оҕо сылдьан суруйбут кэпсээнэ киирбит.

Эһэм эдэриттэн дэгиттэр талааннаах, чуор куоластаах тойуксут, уус тыллаах оћуохайдьыт, ааттаах артыыс этэ. Кини Сергей Афанасьевич Зверев ансаамбылыгар дьарыктаммыт, Сунтаар народнай театрыгар артыыһынан, режиссерынан үлэлии сылдьыбыта.

Кини айар үлэтин чыпчаала - «Оҕо Туйгун» олоҥхо туспа кинигэ буолан тахсыбытын харыстаан уура сылдьабыт.

Үтүө киһи аата үйэлэргэ сүппэт диэн норуот бэргэн этиитэ баар. Мин эһэм Егор Григорьевич Евсеев-Сындыыс Бордоҥ нэһилиэгин историятыгар өлбөт-сүппэт суолу хаалларбыт киһи буолар. Кинини дьон «хаама сылдьар энциклопедия», «Сир түннүгэ», «Дьөгүөр Барахсан» диэн ааттыыллар, билигин даҕаны сылаастык-сымнаҕастык ахталлар. Мин эһэм курдук дьоһуннаах, улахан олоҕу олоруохпун баҕарабын.

 

Просмотров: 231 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]