06:24 Егор Николаевич ПЕТРОВ |
Тыыл, үлэ ветерана Егор Николаевич ПЕТРОВ туһунан быраата Петров Владимир Николаевич-Бордоҥ Болуодьата, 2015 с. кулун тутар 21 күнэ: Биһиги убайбыт 1934 с. кулун тутар 20 күнүгэр Улгумда диэн киэҥ-куоҥ сыһыыга Петрова Ульяна Егоровна, Петров Николай Терентьевич колхозтаах дьиэ кэргэнигэр үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кыра оҕо эрдэҕиттэн бэйэтин кыанар, сытыы-хотуу, бэйэтин саастыылаахтарыгар бас-көс киһи буола улааппыта. Эдьиийэ Ксения Николаевналыын Каганович колхозка кыра саастарыттан үлэлээбиттэрэ, сэрии ыарахан тылларын этэҥҥэ туораабыттара. Колхозтар бөдөҥсүйэннэр Марбаҕа көһөн киирэннэр Жданов колхоз буолбуттара. Оҕо сааһа Улгумдаҕа, эдэр эрчимнээх саастара Марбаҕа ааспыттара Улгумдаттан Марбаҕа хааман үөрэнэн 7 кылааһы бүтэрбитэ. Кини сүрдээх үлэһитин туһунан оччотооҕу Кагалович, Жданов колхоз ытык кырдьаҕастара, үөлээннээхтэрэ хайҕаан, сөҕөн-махтайан кэпсииллэрэ, күн бүгүнүгэр диэри ахталлар. Улгумда улуу сыһыытын барытын атынан аҕыйах күн оҕустарара диэн Владимир Егорович Григорьев кэпсээччи. Колхоз бастакы трактористарыттан биирдэстэрэ этэ. 1960 сылтан коммунистическай үлэ ударнига диэн бэлиэлээх. “Кыым” хаһыакка хаартыскалаах кини туһунан суруллубут “Бастыҥ тракторист” диэн ыстатыйа баар (1961) Улгумадаттан Токойоҕо диэри киһи батыллар бадарааннаах сирин үлэтин кэнниттэн түүн тракторынан астаран бэртээхий суол оҥорбута. Сөҕүү-махтайыы бөҕөтө буолбута, кырдьаҕастар уолларын хайҕаабыттара. «Нэһилиэккэ бастакынан суолу оҥорбут киһи Дьөгүөр буолар...” диэн биллиилээх кинооператор Николай Маркович Сантаев мэлдьи ахтар. 50-с сс. Марбаҕа электричество уотун Иванов Анатолий Прокопьевичтыын биһиги киллэрбиппит диэн суруйбута баар. Марбаттан Сардаҥаҕа көһүү буолбутугар элбэх ыал көтүрүллүбүт дьиэлэрин маһын түүннэри тракторынан таспыта. Саҥа оскуола, кулууп мастарын эмиэ кини таһаттаабыта. Кыратыттан сылгыга сыстаҕас киһи этэ. Ааттаах сүүрүк аты – Ньукулай Харатын баайсара, илии-атах буолара. Тойбохой ыһыаҕар бараары Иванов Бүөтүрдүүн (Тосту) хонууттан сылгы тутан сонно айааһан барбыттарын, оҕонньоттортон сэмэлэммиттэрин кэпсиир буолара. Аттара хайдах сүүрэрин көрөр баҕаттан биир акка куоттаран иккис испит, онно Дьөгүөр хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэн киирбитин көрөөт Ньукулай Харата билбит уонна эмискэ уһулу ойон тахсан биэтэккэ бастакынан тахсыбыт. Оннук өйдөөх дьөһөгөй оҕото диэн долгуйан олорон кэпсиирэ. Бордоҥ аттарыттан Борокуруору уонна Ньукулай Харатын хайгыыра. Бордоҥҥо спорду тэрийээччи Данилов Емельян Алексеевич “Эһиги убайгыт аҥар да атаҕар да тиийбэккит Дьөгүөр бэйэтин лаппа кыанар киһи этэ, бэйэтин үрдүн саҕа быаны үөһэнэн көтөрө, тустууга даҕаны үчүгэй буолуоҕун аҕата боборо...” диэн миэхэ кэпсиирэ. Мэҥэ-Хаҥаласка олорон бордоҥнорго элбэх сүүрүк аттары ыыталаабыта, мин биир эрэ аты өйдөөн хаалбыппын - Чүүйэ диэн ааттаах аты. 1958-1959 сс. С.А. Зверев-Кыыл Уолун ансаамбылыгар киирэн Дьокуускайынан, Иркутскайынан сылдьыспыта, үҥкүүлүүр, туойар да этэ. Бордоҥтон Михайлов Михаил (Сулус), Федорова Елена Николаевна (кэлин биллиилээх врач) буолан сылдьыбыттара. 1960 с. СГУ саха тылын салаатын бүтэрбит Клавдия Николаевна Дмитриева Марба 7 кылаастаах оскуолатыгар ананан учууталлыы кэлбитэ. Эдэр дьон билсиһэн, таптаһан, сүрэхтэрин холбоон ыал буолбуттара, уруу тэрийбиттэрэ. Клавдия Николаевнаны дьон-сэргэ, оҕо-аймах сөбүлүүрэ, нэһилиэккэ улахан авторитеттаах кийиит буолбута. Оскуола оҕолоругар драмкуруһуогу тэрийбитэ, элбэх сценкалары, постановкалары туруорбута. Спортивнай күрэхтэһиилэргэ хайыһарга сүүрэрэ, нэһилиэк общественнай үлэлэригэр активнайдык кыттара. 1962 с. Клавдия Николаевна дойдутугар Мэҥэ-Хаҥаласка олохсуйа көспүттэрэ. Бастаан утаа Балыктаахха, Төхтүргэ үлэлээбиттэрэ. Егор Николаевич интернакка иитээччиннэн, үлэ учууталынан үлэлээбитэ. Оҕолорго бастакынан көҥүл тустуу секциятын аспыта. Үөрэнээччилэрэ ол туһунан билигин истиҥ-иһирэх тылынан ахталлар. 1965 с. Клавдия Николаевна төрөөбүт сиригэр - Чүүйэ бөһүөлэгэр олохсуйбуттара. Тапталлаах кэргэнэ Клавдия Николаевналыын үс оҕолонон элбэх сиэннэнэн дьоллоохтук, соргулаахтык олорбуттара. Нэһилиэк, улуус социальнай, экономическай, общественнай, культурнай олоҕор көхтөөхтүк кыттара. Чүүйэҕэ 1969с. “Дьулуруйар Ньургун Боотур”, “Үчүгэй Үөдүйээн” диэн олоҥхо-спектаклы тус баҕатынан туруорталаабыта. Оччолорго олоҥхо өрө тутуллубат, умнулла быһыытыйбыт кэмигэр бу улахан ис хоһооннооҕо. Чүүйэҕэ өр сылларга киномеханигынан, олохтоох партийнай тэрилтэ секретарынан, сылгы иитиитигэр племучуоччугунан тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Россия кинофикациятын бочуоттаах ветерана, Чүүйэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Улахан уола Владимир Егорович – судпристав майора, кыыһа Ольга Егоровна врач, кыра уола Александр Егорович юрист, бары үрдүк үөрэхтээхтэр. Убайбыт төһө да ыраах олордор, төрөөбүт дойдутун кытта ситимин быспатаҕа. Күрэхтэһиигэ тиийбит биир дойдулаахтарын дьиэтигэр аҕалан маанылаан хоннороро. Төрөөбүт дойдутун ордук Улгумданы ахтара.манна кэллэҕинэ хоноот ат үрдүгэр түһээт Марбанан, Улгумданан, Нээлбиктэнэн кэрийэ барара. Эдьиийэ Ксения Николаевналыын батысыһа сылдьан ыалларга бараллара, эдьиийин аһара убаастыыра. Сэрии сылларыгар тиф ыарыыта турбутугар оҕолор бары өлбүттэр. Аҕата, ийэтэ, Ксения уонна кини эрэ ордубуттар. Ийэм, эдьиийим Сунтаарга балыыһаҕа киирэннэр быыһаммыттар. Аҕабыт Дьөгүөрдүүн дьиэлэригэр эмиэ ыалдьан сыппыттар, ол гынан баран Айыы Таҥара кинилэри тоҕо эрэ араҥаччылаабыт. Степан Егоров (Бөчүгүрэс) диэн киһи, оччолорго эдэр уол, ааһан иһэн күүлэ маһын быһыта сынньан түннүгүнэн быраҕан биэрэр эбит. Аҕам нэһиилэ туран, сыылла сылдьан оһоҕун оттон, ас астаан уолунуун тыыннаах хаалбыттар. Ол киһини аҕабыт сүрдээҕин убаастыыра, Тойбохойтон кэллэҕинэ маанылаан хоннороро, кэһии биэрэн ыытара уонна «кинини умнубат буолуҥ!” диэн өрүү этэрэ. Уолаттарын Виссарионы, Вилиандры билэттиибин, улаханнара учуонай, физико-математическай наука доктора Егоров Валерий Степанович. Онон үтүө санаалаах киһи оҕолоро үчүгэй үлэһит, ыал буолан олороллоруттан биһиги Бөтүрүөптэр бары үөрэбит. Убайбыт байанайдаах булчут этэ. Чүүйэҕэ олорон чугас эргин сылдьан тайах бултуура, киис ылара. Үчүгэй ыттардаах буолааччы. Сүүрүк аттары, булчут ыттары дойдутун дьонугар ыытара. Улуу үлэһит убайбытын хаһан да умнуохпут суоҕа. Эн сырдык кыраһыабай мөссүөҥҥүн үйэлэр тухары өйбүтүгэр, санаабытыгар истиҥ тапталынан илдьэ сылдьыахпыт! |
|