12:18 Егор Петрович, Мария Ивановна ИВАНОВТАР |
Тыыл, үлэ ветераннара Егор Петрович, Мария Ивановна ИВАНОВТАР тустарынан уоллара Иванов Николай Егорович, 2015 с. муус устар 29 күнэ: Биһиги аҕалаах ийэбит колхозтаахтар этэ. Сэрии сылларыгар куһаҕан наар-аанньа диэбиккэ дылы, сир-дойду, ойуур уотунан уһуурар этэ. Ходуһаҕа от отой үүммэтэҕэ, ол иһин дьону күрүгүөмүнэн үксүн тыаҕа, үрэх сиргэ окко ыыталлар этэ. Бурдук да тахсыбат, оннооҕор ходуһаҕа кииһилэ да үүммэт, аччыктаан өлө сыспыппыт. Ийэм бараан көрөр этэ. Түүлэрэ ситтэ да кыптыыйынан түүтүн кырыталыыр уонна тэлиэгэлээх атынан Сунтарга киллэрэр. Бараан түүтүн кырыйыы аһара үлэлээх этэ, ийэм илиитэ хабыллан тахсара. Кыһыҥҥы өттүгэр уута-хаара кыайтарбат этэ, ийэм таммах оҥорон көмүлүөк оһох иннигэр ыйыыр буолара. Мин ийэбэр көмөлөһөн барааны бостууктаһар этим. Оччолорго даҕаны ыттар барааннары сойуолаһан туталлара, ол этиттэн кыраны тук гыналлар этэ. Хаһан эмит мурукулаан, күтэрдээн сиир буоларбыт. Ийэм өссө ыалларга тирии имитэр этэ. Кыһалҕаттан, аччыктаабат туһуттан ыаллар сүөһү тириитин үөллүү аҕалан биэрэллэрин, куйахаан сиир этибит. Оттон аҕабыт күһүн буолла да чугаһынан булт суох буолан, ыраах Өлүөхүмэ диэки тыаҕа бултуу барара. Барыан иннинэ оттор маспытын кэрдэн, тиэйэн бэлэмниирэ. Бу сылларга аҕабыт бастыҥ булчут аатын ылбыта. Бултуулларыгар туох да тэрил, усулуобуйа суох этэ. Ол бу салабаар сибиниэһин уулларан тэрилин оҥостор этэ. Балааккалара да суоҕа, кэлин ийэбит американскай куулунан балаакка тикпитэ. Мин син улаатан баран колхозка үлэлиир буолбутум. Көлөһүн күнэ диэн ааҕар этилэр. Онон дьоммор көмөлөөх киһи буолбутум. |
|