12:26 Елена Николаевна, Гаврил Петрович ДМИТРИЕВТАР |
Тыыл, үлэ ветераннара Елена Николаевна, Гаврил Петрович ДМИТРИЕВТАР тустарынан сиэннэрэ, 4-с кылаас үөрэнээччитэ Маппарова Карина: Эһэм Гаврил Петрович 1927 с. Тэҥкэ үрэҕэр Араҥастаах диэн сиргэ, эбэм Елена Николаевна билиҥҥи Мирнэй оройуонугар Садын диэн сиргэ төрөөбүтэ. Дойдуларыгар улахан ГЭС тутулларын иһин дьонноро бу диэки 1944 с. көһөн кэлбиттэрэ. Манна кэлэннэр булдунан, таба иитиитинэн дьарыктаммыттара. Бу сылдьан эбэм 15, эһэм 16 саастаахтарыгар көрсөн, таптаһан ыал буолбуттара. Эһэм эрдэ тулаайах хаалбыта. Инньэ гынан кыратыттан бултуур буолан аччык аас-туор сылларга улаханнык хотторбокко айаҕын булунан, киһи буолбутум диэн кэпсиирэ. Улахан убайдара иккиэн сэриигэ барбыттара, Өндөрүөй сэрии бүппүтүгэр этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ, оттон Дьөгүөр госпитальга сытабын диэн бүтэһик суругун суруйбута. Ол кэнниттэн сураҕа суох сэрии толоонугар охтубута. Өндөрүөй сэриигэ барарыгар үс кыра оҕото хаалбытын эбэлээх эһэм көрөн-харайан олорбуттара. Эһэбин сэриигэ ыҥыра сылдьыбыттар эбит, онно биир үтүө санаалаах нуучча быраас дьахтар: «Эдэриҥ бэрт уонна улуу булчут оҕо эбиккин, элбэх ыччаттардаах киһи буолсугун»,- диэн ыыппатах. «Төннөҥҥүн бултаан-алтаан суттан, хоргуйууттан дьоҥҥун быыһаа», - диэбит. Оннук даҕаны буолбут. Сэрии саҕана кадровай булчуттарга биир тииҥи өлөрдөхтөрүнэ, биир немеһи өлөрбүт курдук сананыҥ диэбиттэр. Ол иһин эһэм элбэх күндү түүлээҕи бултаан государствоҕа туттарбыт. Оттон эбэм Дьэлиэнэ уран тарбахтаах иистэнньэҥ этэ. Ону билэннэр сэриигэ сылдьар саллааттарга сылаас үтүлүк, кээнчэ тиктэрэллэрэ. Ол барыта фроҥҥа ыытарга хомуллара. Эһэм бултаабыт күндү түүлээҕин эбэм барытын таҥастаан бэлэмнээн биэрэрэ. Тыаҕа сылдьан табаларын аһатаары сиртэн сиргэ көһө сылдьаллара. Ол сылдьан алаастарынан олорор ыалларга таарыйан хонон ааһаллара. Онно дьэ көрөллөрө элбэх оҕолоох ыаллар, кырдьаҕастар хоргуйан бүтэһик ынахтарын өлөрөн сиэн баран, аччыктаан олороллорун. Кинилэргэ кэрийэ сылдьан бултарыттан, бурдуктарыттан бэрсэн ааһаллара. Инньэ гынан эбэлээх эһэм аччык дьыл саҕана элбэх дьоҥҥо көмөлөспүттэрэ. Кинилэр үтүө санааларын иһин уһун олоҕу олорбуттара дии саныыбын: 70 сыл бииргэ олорон, уон оҕону төрөтөн, 31 сиэннэнэн, 26 хос сиэннэнэн, 4 хос-хос сиэннэнэн, кинилэри харайсан, ситиһиилэриттэн үөрэн, хомолтону да билэн иккиэн 80-нарын ааһа түһэн баран бу олохтон барбыттара. |
|