06:40 Елисей Игнатьевич ПОПОВ |
Тыыл, үлэ ветерана, генерал -лейтенант Елисей Игнатьевич ПОПОВ туһунан Николай Егоров: Билигин Елисей Попову билэр киһи бука ахсааннаах буолуо, суох да буолуон сөп. Елисей Попов 1928 с. Сунтаарга көмүс лааппытын атыыһытын Кынаачай Попов дьиэ кэргэнигэр (Эбиэн Уолугар) төрөөбүтэ. Эмээхсинэ өлбүтүн кэннэ мин ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийин Егорова Дарияны кэргэн ылбыта. Елисей бастакы кэргэниттэн оҕото суох этэ. Елисей Федор Попов диэн чаҕылхай талааннаах, Сунтаар орто оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит убайдаах этэ. Кини мэтириэтэ Сунтаар оскуолатыгар күн бүгүҥҥэ диэри саамай көстүүлээх миэстэҕэ ыйанан турар. Елисей оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн баран Москваҕа үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ. Сэрии иннинэ Бордоҥтон Сунтаарга киирэ сылдьан мин кинилэргэ түһэр этим. Кини саар тэгил, ортону үрдүнэн, дьырайбыт көнө уҥуохтааҕа, бэйэтигэр сөрү-сөп, уурбут-туппут курдук эттээҕэ-сииннээҕэ, тонолуччу көрбүт сытыы, уоттаах харахтааҕа. Үөрэҕин бүтэрээт Челябинскай уобаласка, Красноярскай кыраайга байыаннай собуоттарга эппиэттээх үлэлэргэ сылдьыбыта. онтон үрдэтиллэн Москваҕа көһөрүллүбүт. Ол кэнниттэн суола-ииһэ сүтэн, сураҕа иһиллибэт буолбута. Убайа Федор Попов миэхэ хоргутан кэпсииринэн, Советскай Союз Оборонатын, Тас дьыалаларын министерствотын салайааччыларыгар, ССРС Правительствотыгар тиийэ быраатын туһунан хаста да ыйытык оҥортолообут. Эппиэт мэлигир. 1962 с. советскай-американскай сыһыаннаһыыларга тыҥааһыннаах балаһыанньа үөскээбитэ, сэрии буолар куттала илэ-бааччы суоһаабыта. Америка сэбилэниилээх күүстэрэ социалистическай Кубаны утары Карибскай муораҕа кими да киллэрбэт-таһаарбат гына байыаннай блокаданы биллэрбиттэрэ. Советскай Союз Кубаны сүтэрэр кутталламмыта. ССРС Правительствотын баһылыга Н. Хрущев Оборона министерствотын дьиэтигэр штабтанан үлэлээбитэ. Хрущев быһаччы дьаһалынан модун күүстээх кынаттаах ракеталарынан ыга сибэлэммит советскай байыаннай хараабыллар Карибскай муораҕа ыытыллыбыттара (ол кэмҥэ оннук ракеталар Америкаҕа суох этилэр). Карибскай кризис буолуон иннинэ правительство дьаһалынан үрдүк кылаастаах разведчиктар бөлөхтөрө Кубаҕа ыытыллыбыттара. Кубаҕа куттал суох буолуутун хааччыйыыга, улахан алдьатыылаах сэрии уота төлө тардылларын бопсууга советскай разведчиктар оруоллара улахан этэ. Разведгруппаны Елисей Игнатьевич Попов салайан үлэлэппитэ биһиэхэ, сахаларга, улахан үөрүүлээх дьыала, кининэн киэн туттабыт. Ол туһунан Оборона Министерствотын үрдүк сололоох бэрэстэбиитэллэрэ убайыгар Федор Поповка биллэрбиттэрэ, “Бырааккынан киэн тутун, генерал-лейтенант диэн байыаннай званиелаах”, диэн суруйбута. Дьэ ити кылгас биллэриинэн дьыала бүттэҕэ ол. Кини туһунан күн бүгүҥҥэ диэри сурах иһиллибэт, аймахтара тугу да билбэттэр. Бэйэтэ дойдутун, аймахтарын кытта туох да сибээһэ суоҕа киһини сөхтөрөр. Саха сиригэр Мирнэй оройуонугар алмааһы хостуур промышленность үөскээн, сайдан барар, аан дойдуну соһутар, дьиктиргэтэр. Мирнэйгэ үһүс байытар фабрика (третья обогатительная фабрика) кыахтаахтык үлэлээн дойдуга сыаналаах бородууксуйаны өлгөмнүк биэрэн аатырыаҕын аатырар. Нууччалыы эттэххэ, ити фабриканы “флагман алмазной промышленности страны Советов” диэн ааттыыллара. Оччолорго фабрика инженерынан Москватааҕы көмүс уонна өҥнөөх металлар институттарын (“Институт золота и цветных металлов”) бүтэрбит биһиги биир дойдулаахпыт Александр Николаевич Степанов үлэлиирэ. Итиннэ үлэлии сылдьан Ленинскэй бириэмийэ лаурета буолбута. Оччолорго, мин алҕаһаабыт буоллахпына, сахалартан бастакынан итинник үрдүк наҕараадаҕа тиксибитэ. Кини Елисей Попов табаарыһа этэ. Сунтаар оскуолатыгар бииргэ үөрэммитэрэ. Арай биирдэ алмааһы тиэммит самолет Мирнэйтэн көтөн иһэн сүтэн хаалбыт. Кистэлэҥинэн дойду үрдүнэн соһуйуу бөҕө буолбут. Кини миэхэ кэпсээһининэн, Москваттан улахан хамыыһыйа кэлэн иһэрин билбит. Ол хамыыһыйа салайааччытынан биир дойдулааҕа, урукку табаарыһа Елисей Попов буолбутуттан улаханнык үөрэ санаабыт. Дьэ, кинини көрсүөм, кэпсэтиэм диэн эрдэттэн күөһүн өрүммүт. Хамыыһыйа чилиэннэрэ түспүт дьиэлэрин саамай улахан саалатыгар бааллара. аан икки өттүнэн толору сэбилэммит харабыл саллааттар чиккэһэн туралларын көрбүт. Фабрика кылаабынай инженерын чугаһаппаттар. оччотугар кини тас ааҥҥа маныырга быһаарыммыт, эбиэккэ тахсыахтарын кэтэһэн. Оруобуна биир чаас саҕана саала аана аһылла түһэр да, дьон бөҕө күргүөмүнэн тахсаллар. Саамай инникинэн икки өттүттэн арыаллаах Елисей Попов иһэрин көрөр. Көрдөҕүнэн кыһыл көмүс кылдьыылаах ачыкыта күн уотугар чаҕылыйан көстөр. Бары кэриэтэ саас ортолоох дьон, гражданскай таҥастаахтар. Тутталлара-хапталлара эрчимнээҕэ, түргэн баҕайытык хаамсаллара, туох эрэ дириҥ толкуйга ылларбыт сирэйдэрэ-харахтара манаан турар киһи хараҕар дьиктитик быраҕыллыбыттара. Инники иһэр Елисей Попов чугаһаан кэлбитигэр Александр Николаевич саҥа аллайбыт, эҕэрдэлээбит, анарааҥҥыта, биллэ быһыылаах, ол гынан баран кыратык тоҥхох гынан баран ааһа турбут. Александр Николаевич хомойбута чахчы, ол туһунан миэхэ бэйэтэ кэпсээбитэ. Ити курдук Елисей Игнатьевич төрөөбүт дойдутугар элэс гынан ааспыта, эгэ дьонугар, төрөппүттэригэр таарыйыа баара дуо! Биллэн турар, кистэлэҥ сулууспаҕа сылдьар үрдүк сололоох байыаннай киһи, оччотооҕу тоталитарнай режим ирдэбилинэн мээнэ дьону кытта сэлэһэрэ көҥүллэммэт буолуохтаах. (“Сунтаар сонуннара” хаһыат 1997 с. от ыйын 11күнэ). |
|