Суббота, 28.12.2024, 15:32
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 3
Гостей: 3
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 15 » Евдокия Ильинична ИВАНОВА
12:18
Евдокия Ильинична ИВАНОВА

Тыыл, үлэ ветерана

Евдокия Ильинична ИВАНОВА туһунан

хос сиэнэ Петрова Надежда Афанасьевна:

Элбэх оҕо эйэҕэстик эбэбит, хос эбэбит, хос-хос-хос эбэбит диэн ааттыыр күндү киһибит Иванова Евдокия Ильинична 1895 с. тохсунньу томороон тымныытыгар Өлүөхүмэҕэ Кыыллаах Арыыга төрөөбүтэ. Өлүөхүмэҕэ олорон 2 кыыс, 2 уол оҕолонор. 1932 с. Сунтаар оройуонугар көһөн киирэригэр 2 уола аара суолга тымныйан ыалдьан өлбүттэр. Манна кэлэн Жданов аатынан колхозка ыанньыксытынан үлэлиир. Урукку ыанньыксыттар ынахтарын ыан, аһатан баран, отторун-мастарын бэйэлэрэ тиэйэн, түүннэри оҕолоругар таҥас тигэн, абырахтаан "харахпытын барбах тымнытан ыларбыт” диэн кэпсиирэ.

1942 с. сэрии кэмигэр Кэппэндээйигэ туус хостооһунугар киһи тиийбэт диэн колхозтартан үлэһиттэри ылбыттар. Бордоҥтон үс ыанньыксыт барбыт, кинилэр ортолоругар биһиги эбэбит Евдокия Ильинична эмиэ баара. Күннээҕи килиэп нуормата кыра буолан дьиэ кэргэнин аһатар туһуттан икки улахан кыргыттара тэбис-тэҥҥэ сылдьан үлэлэспиттэрэ.

Туус хостооһуна – ыарахан үлэ. Ол саҕана (билигин даҕаны) барыта илии үлэтэ, туустарын кыһыннары, сайыннары хостууллар, оргуталлар. Ас тиийбэтиттэн, үлэ ыараханыттан үлэһиттэр, оҕолор өлөллөр эбит. Эбэбит үлэҕэ мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьара, бэйэтин өлүүтүн бүтэрэн атын дьахталларга көмөҕө барара, атын үлэһиттэр кыра нуормаҕа сылдьан хайдах маннык күүстээҕин, үлэтигэр кыахтааҕын, атын дьоҥҥо көмөлөһөрүн сөҕөллөр эбит.

Үлэлии сылдьан эбэбит оргуйа турар тууска сирэйин улаханнык сиэтэн Сунтаарга өр кэмҥэ балыыһаҕа сыппыт. Кыргыттара киэһэ аайы көрдөһөн балыыһаҕа киирэн ыт сыатынан биһэллэр, бүтэ оһон хаалбатын диэн айаҕар ньуосканы угаллар, оннук эмтээн соторунан үтүөрдүбүттэр. Ийэлэрэ салгыы туус собуотугар үлэлии барар, кыргыттара - газогенераторнай диэн маһынан оттуллар тракторга анаан мас кэрдиитигэр. 1944 с. "Кыым” хаһыат атырдьах ыйын 9 күнүнээҕи 158 нүөмэригэр «Үлэҕэ өрө көтөҕүллүү...» диэн ыстатыйаҕа кини аата бастыҥнар кэккэлэригэр ааттаммытын булан көрдүбүт. Ол курдук туус сыаҕын үлэһиттэрэ от ыйынааҕы сорудахтарын ырааҕынан аһара толорбуттарын иһин «ССРС аһылыгын Промышленнаһын туйгуна» бэлиэнэн наҕараадаламмыттар. Кинилэр ааттара бу баар: Аммосова Анастасия 140%, Федорова Мария 143%, Николаева Ксения 139%, Иванова Евдокия 158% , Степанова Варвара 135%, Винокурова Екатерина 164% , Пахомова Мария 157%, Сымытова Варвара 147%, Тирская Анна147 %, Степанова Дария 138%. Ити сыл тууһу буһарар оһохтор үс сменаҕа үлэлииллэрин тэрийии түмүгэр собуот үрдүнэн от ыйыгар тууһу буһарыы былаана 110 бырыһыан туолбут. Ити курдук ыарахан үлэҕэ ситиһиилээхтик үлэлээн, үһүөн үлэ фронуттан Марбаҕа 1946 с. «1941-1945 сс. А5а дойду улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэт иһин” Сталин төбөлөөх мэтээллээх кэлбиттэрэ. Ити курдук боростуой үлэһит дьон бэйэни харыстаммат үлэлэринэн бу кыайыыны чугаһатыспыт өлбөт-сүппэт өҥөлөөхтөр.

Сэрии да бүппүтүн кэннэ колхозка үлэ аҕыйаабатаҕа, эбэбит салгыы ыанньыксыттаан барбыта. Мэлдьи бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта, ону туоһулуур элбэх наҕараадалардаах.

1990 с. туус собуотун 350 сыллаах үбүлүөйүгэр эбэбит 95 сааһыгар хос сиэнэ арыалдьыттаах кыттыыны ылан кэлбитэ. Төһө да ыарахан олоҕу олордор, үлэҕэ миккилиннэр, кини уһун, дьоллоох олоҕу олорон, элбэх сиэни харайсан, хос сиэннэрин көрөн 100 сааһыгар алта ыйынан тиийбэккэ улахан олоҕун түмүктээбитэ. Киһи сөҕүөн уонна дьиктиргиэн иһин "олорбут олохпун ыараханынан, куһаҕанынан санаабаппын” диирэ кини.

Эбэбит Евдокия Ильинична баай, халыҥ аймаҕы хаалларда. Ол курдук үс кыыһа уонна уола – 18 сиэни бэлэхтээтилэр, ол 18 сиэн – 60 хос сиэни, бу 60 хос сиэн – 57 хос-хос сиэни уонна 2 хос-хос-хос сиэни бэлэхтээтилэр. Биһиги эбэбитигэр махталбыт муҥура суох, кинилэр кыайыыларынан эйэлээх олоххо дьоллоохтук олоробут.

Бордоҥ нэһилиэгэр ыытыллыбыт конференцияҕа эбэбит Евдокия Ильинична аатын үйэтитэргэ Кыайыы 70 сылыттан саҕалаан оскуоланы бүтэрэр оҕоҕо, эбэбит курдук күүстээх-уохтаах, үлэһит, хоһуун үөрэнээччигэ, сыллааҕы үөрэх түмүгүнэн сиэнэ, элбэх оҕолоох герой ийэ Петрова Галина Егоровна дьиэ кэргэнин аатыттан стипендияны олохтоото.

Кыайыы 70 сыла туолар сылыгар биһиги аймахха өссө биир үөрүүлээх түгэн сатыылаата. Ийэбит Галина Егоровна бу кэмҥэ диэри сэрии толоонугар сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕылла сылдьыбыт аҕатын өттүнэн эһэтин Васильев Григорий Данилович (1906 с. төрүөх) көмүллэ сытар сирин Кэппэндээйи музей-библиотекатын үлэһитэ Татьяна Ивановна Местникова көмөтүнэн буллубут! Хаһан да харахтаан кеөрбөтөх эһэбит, хас да төгүллээх хос эһэбит, саха буойуна Григорий Васильев иккис хомуурга 1943 с. Сунтаар оройуонун Каганович колхозтан сэриигэ ыҥырыллыбыт. Кини 1945 с. тохсунньу 14 күнүгэр Польша сиригэр сэрии толоонугар геройдуу охтубут. Кини көмүс уҥуоҕа Польшаҕа Храбен диэн куорат братскай могилатыгар көмүллэн сытар. Кини туһунан өссө да элбэҕи билиэхпит-көрүөхпүт турдаҕа.

Просмотров: 223 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]