Суббота, 28.12.2024, 16:03
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 2
Гостей: 2
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Январь 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    2728293031
    Главная » 2020 » Январь » 27 » Евсеев Павел Васильевич
    09:46
    Евсеев Павел Васильевич

    ЕВСЕЕВ Павел Васильевич

    (1918-1979)

    Наҕараадалара: “Хорсунун иһин» мэтээл. РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.

    1918 с. Аллаҥа нэһилиэгэр Евсеевтэр дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. 1944 с. Советскай армия кэккэтигэр ыҥырыллан Япония империалистарын утары сэриигэ кыттыбыта. Сэриигэ сылдьан контузияланан 1946 с. демобилизацияланан дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.

    1946 с. олоҕун аргыһын Ляшеева Христина Петровнаны кытта холбоһон биэс оҕону күн сирин көрдөрбүттэрэ. 1949 с. Сунтарга көһөн киирэн олорон кадровай булчутунан тыаҕа тахсара. Булт сырыытын биир түгэнин туһунан биир дойдулааҕа М.И. Сантаев «Тыаҕа сылдьан Павел Васильевиһы кытта алтыһан турардаахпыт. Биир сарсыарда туран «Байанай тойугун туойабын дуо?» диэн баран туойбута. Ол туойа олордоҕуна үрэх нөҥүө хара улар кэлэн олорбута» диэн сөҕөн кэпсиир этэ.

    Кэлин Марбаҕа олорбуттара. «Жданов» колхозка уһуннук уус быһыытынан үлэлээбитэ. С.С. Попов ахтыытыгар суруйарынан, 1958 с. хаар эмискэ ууллан, ходуһалар ууга барбыттара. Ол онно Павел Васильевич этии киллэрэн уу отун охсор агрегат оҥорон Улгумдаҕа үлэлэппиттэрэ. 30 сантиметр дириҥтэн саҕалаан киһи киирбэт үөһүгэр киирэн охсор, ону таһааран, куурдан, кэбиһэн иһэллэрэ. Ол сыл 75 тонна оту күрүөлээбиттэрэ. Онтон өрүс катерын оҥорорго толкуйдаммыттара. Жатайтан 20 ат күүстээх судовой двигатели булан, катер куорпуһун мастарыскыай үлэһиттэрин көмөлөһүннэрин 1,5 тонна уйуктаах карбааһы бүтэрэн сүүрдүбүттэрэ. Тэҥкэҕэ көһөн киирэн баран. тимир ууһа куукунаттан сибиинньэ хотонугар аһылыгы тарҕатар тэрили оҥорбута. Мас хоптолор роликовай көлүөһэлээхтэр, бэйэлэрин икки ардыгар тимир тиһилэхтэринэн холбоммуттар, кинилэр былаахынан оҥоһуллубут холлороонунан сүүрэллэр. Ити уонна да атын үлэлэри айан оҥорон рационализатор аатын ылбыта.

    Уһанар дьиэтигэр оһоҕунан уота өрө сирдьигинээн, кып-кыһыл буолбут тимирдэри кытаҕаһынан тутан эргитэ сылдьан тугу оҥороругар сөп гына охсо, балтылыы турар буолара. Ол курдук үлэлээн колхоз араас сакааһын барытын бириэмэтигэр түргэнник бүтэрэн-оһорон иһэрэ.Бөһүөлэк ыалларын сакаастарын аан күлүүһүттэн саҕалаан салабаарыгар, баахыла тимиригэр тиийэ оҥороро. Бурдук ыһар, быһар, ыраастыыр техникалар араас чаастарын тимиртэн собуот оҥоһуутугар маарыҥныыр гына оҥороро.

    Сэрии кыттыылааҕа, дэгиттэр уус Евсеев Павел Васильевич 1979 с. күн сириттэн барбыта.

    Просмотров: 261 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]