02:01 Фатина Осиповна МАКСИМОВА |
Тыыл, үлэ ветерана Фатина Осиповна МАКСИМОВА туһунан улахан уола Максимов Алексей Николаевич: Биһиги ийэбит 1932 с. төрөөбүтэ, халыҥ аймах Тиҥкий аҕатын ууһуттан төрүттээх хаҥаластар эбит. Төрөппүт ийэтигэр, аҕатыгар бэһис оҕонон төрөөбүт. Кини иннинээҕилэр бары кыргыттар эбиттэр, ол иһин кинини икки саастааҕар биир оҕото суох сулумах Настаа диэн дьахтарга ииттэрэ биэрбиттэр. 4-5 саастааҕар ийэтэ Настаа Максимов Осип диэн оҕонньорго кэргэн тахсыбыт. Уоһук оҕонньор уон оҕолоох огдообо эбит. Бэйэтэ саҥа тэриллибит колхозка сылгыһыттыыра, онон оҕолорун иитиитигэр табыллыбакка кэргэн наада буолан ылбыт буолуохтаах. Ийэм оҕо-оҕо курдук кииринньэҥ убайдарын, бырааттарын, эдьиийдэрин, балыстарын кытта тута бодоруһан, бииргэ улааппыттар. Ордук тэҥ сыһа саастаах кыра убайын уонна балта Кларалыын ордук тапсарын, дьиэ ис-тас үлэтигэр бииргэ сылдьалларын туһунан кэпсиирэ. Уонча ынахтаахтар үһү. Улахан оҕолор бары уолаттар уонна икки эдьиийэ буоланнар аҕаларын кытта оту кыайа-хото оттоон, итиччэ элбэх ынахтарын бэрт эрэйэ суох тутан олорбуттар. Ийэм сэрии буоларыгар уончалаах оҕо буоллаҕа. Убайдара утуу-субуу армияҕа ыҥырыллан барбыттар, аны туран ииппит ийэтэ улаханнык ыалдьан хаалбыт. Ол иһин оҕону муннарымаары буолуо, өлүөн иннинэ ийэбитин төрөппүт дьонугар илдьэн биэрбит. Ити бука таайдахха 1943 с. диэки буолуо, кинилэр колхозтарыгар хоргуйуу буолан барбыт. Аҕалара колхозтан таһаҕас таһыытыгар барсыбыт уонна төннөн кэлбэтэх. Бүтүн колхоз үрдүнэн аччыктааһын саҕаланар. Атын сиргэ иитиллибит буолан, дьиҥнээх дьоно таһырахтатар эбиттэр, ас-үөл да тиийигэннээбэт. Ол иһин төттөрү иитиллибит дьоммор барабын диэн, кыайан тиийбэккэ суолга охтубутун кыра убайа Өндүрэй саҥа армияҕа ыҥырыллан Балык Хатарбыкка аҕатын аахха баран иһэн, суолтан булбут. Аҕатыгар илдьэн кыыскын көр диэн хаалларбыт. Сэрии кэмигэр аҕатыгар Уоһук оҕонньорго олорор. Сэрии бүппүтүн кэннэ икки убайа сэрии хонуутугар хаалаллар, үс убайа утуу-субуу дойдуларыгар төннөн кэлэллэр. Ийэм мэлдьи «ол ыарахан кэмнэргэ иитиллибит дьоммор кэлбэтэҕим буоллар, киһи буолбат этим» диирэ. Учуутал буолбут убайа Андрей Осипович ийэбитин оскуолаҕа үөрэттэрэ сатыыра да үөрэммэтэх, били аччыктаабытын санаан уонна дьоммуттан араарыахтара диэн куттанан сөбүлэспэт эбит. Туруктаттан үс убайа Сиэйэҕэ көһөллөр. Кини аҕатыныын Андрей Осиповичтааҕы батыһан Бордоҥ нэһилиэгэр Марбаҕа детдом баар эрдэҕинэ көһөн кэлэр. Манна убайа саҥаһа Тамаралыын детдом эстиэр диэри учууталлаабыттар. Мин Марбаҕа үс саастаахпар кэлбиппин, ийэм манна Василий Никифорович Алексеев диэн сэриигэ сылдьыбыт, бэйэтиттэн 30-ча сыл аҕа, икки оҕолоох киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. «Баһылайы кытта миигин эн холбообутуҥ» диирэ. Ол курдук Баһылайы сиэтэн киллэрэн, чэйдэтэр үһүбүн. Кииринньэҥ убайдарым Емельян уонна Володя диэннэр. Ийэм Василий Никифоровичтыын түөрт уол, түөрт кыыс оҕоломмуттара, олох тыйыс сокуонунан билигин үс уол, икки кыыс баарбыт. Саша 5-с кылааска үөрэнэ сылдьан, Альбина уонна Августина улаатан баран бу дойдуттан суох буолбуттара. Ийэбит колхоз саҕана Куруҥ Балаҕанынан, Мычыыттанан фермалары кэрийэн олорбута, үлэлээбитэ. Кэлин Сардаҥаҕа көспүппүт кэннэ пенсияҕа тахсыар диэри кулуупка остуорастаабыта. Билигин санаан көрдөххө, биһиги ийэбит бастакы предприниматель эбит диэххэ сөп. Улахан түмсүүлэргэ, ыһыахтарга хорчуоппалаан харчы киллэринэн биһиги үөрэхтээх дьон буоларбытыгар улаханнык көмөлөспүтэ. Аҥардас остуорас хамнаһыгар үс-түөрт оҕону биир кэмҥэ сыһа үөрэттэрэр диэн кытаанах буолуохтаах. Ийэбитин билэр дьон кини минньигэс алаадьытын, чэйин, киһи иһиттэр-истэ олоруох курдук көрдөөх сэһэнин өрүү сылаастык саныыллара, ахталлара биһиэхэ, оҕолоругар, олус күндү. Саамай үөрүүлээҕэ ийэбит сиэн минньигэс сытын билэн, улахан сиэннэрин барыларын харайсыбыта. Онон биһиги оҕолорбут эбэлэрин сылаастык саныыллар-ахталлар. Сэрии ыарахан сылларыгар аччыктыыр муҥун билэн, суолга охтон өлө сыспыт, сааһын тухары ыарахан үлэҕэ миккиллибит, элбэх оҕону иитэр кыһалҕаттан бииртэн биэһи оҥорон олоҕун устата эриллибит ийэбит барахсан 63 сааһыгар бу орто дойду олоҕуттан букатыннаахтык барбыта. Кини үтүө аатын түһэн биэрбэт курдук ыччаттара олоробут, үлэлиибит, удьуор утумун салгыыбыт. |
|