09:43 Федора Кирилловна ГЕРАСИМОВА |
Тыыл, үлэ ветерана Федора Кирилловна ГЕРАСИМОВА туһунан хос сиэнэ Слепцов Степа (2010 с.): Мин хос эбэм 1918 с. сэтинньи 14 күнүгэр Тэҥкэ түбэтигэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Бу дьиэ кэргэҥҥэ уопсайа сэттэ оҕо төрөөбүтүттэн үстэрэ эрэ ордон хаалбыт. “Былыр хантан да эмп-том ылар кыахтара суох этэ, олохпут да ыарахана бэрдэ” диирэ эбэм. Бииргэ төрөөбүттэриттэн биирдэстэрэ Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Герасимов Афанасий Кириллович буолар. 1931 с. Тэҥкэҕэ оскуола аһыллыбытыгар эбэм үөрэнэ киирбитэ. Ол саҕана латынскай букубаары үөрэтэр эбиттэр, дьоно салгыы үөрэттэрэр кыахтара суох буолан эбэм 4-с кылааска эрэ диэри үөрэммитэ. 1936 с. Тэҥкэҕэ Ойуунускай аатынан колхоз тэриллибитэ, сэттэ ыаллаах, онтон 1938 с. сылгы нолуога түһэн элбэх ыал колхозка киирбит. 1936-38 сс. сайын колхозтарга Алексей Стаханов ыҥырыытынан стахановтыы хамсааһын диэн саҕаламмыт. “Ол саҕана барыта илии үлэтэ” диир этэ эбэбит. 18 саастааҕар ол хамсааһыҥҥа от мунньуутугар 130 бугулга диэри туруоран, бурдук ыһыытыгар бастыҥын иһин стахановка аатын ылбыт уонна бириэмийэнэн наҕараадаламмыт. Кэлин «стахановскай хамсааһын 50 сылыгар анаммыт бырааһынньыкка сылдьыбытым” диэн үөрэ-көтө саныыра эбэм. 1938-40 сс. ол колхоһугар эбэм суоччуттуу сылдьыбыт. Куокуну нэһилиэгэ эрдэҕинэ 1935-51 сс. икки төгүл сэбиэт депутатынан быыбарданан үлэлээбит. 1941 с. сэрии саҕаламмытыгар үлэни кыайар-хотор эр дьон бары сэриигэ барбыт буоланнар, икки колхоз холбоһон «Пионер» диэн ааттаммыттар. Онно эбэм ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, сайынын от үлэтигэр 2-3 киһи үлэтин толорор эбит. 1942 с. комсомолга киирбит, онон уопсай улэ туһугар ноҕорууската элбээбит: ыанньыксыттаабыт, атыыһыттыы да сылдьыбыт, сайынын от үлэтигэр сылдьаллар эбит. 1948 с. партияҕа киирбит. 1959-62 сс. колхозка сибиинньэ иитиитигэр бастыҥ үлэтин иһин Дьокуускайга бастыҥнар мунньахтарыгар кыттыыны ылбыта. Кэлиҥҥи сылларга оройуон сэбиэтигэр икки төгүл, Бордоҥҥо үс төгүл депутатынан талылла сылдьыбыт. «Бу үлэлэрбин сыаналаан Сталин төбөлөөх мэтээлинэн, 1975 с. Кыайыы 30 сылыгар анаммыт мэтээлинэн, 1982 с. үлэ бэтэрээнин мэтээлинэн, 1985 с. Кыайыы 40 с. мэтээлинэн наҕараадаламмытым», - диэн үөрэ-көтө кэпсиир эбэм Федора Кирилловна. Эбэм үс оҕо амарах ийэтэ, оҕолоро бары сааһырдылар. Ольга Руфовна уонна Анатолий Руфович Дьокуускайга олороллор, Борис Егорович Сунтаарга Улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлинэн үлэлии-хамныы сылдьар. Хос эбэм, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Федора Кирилловна быйыл 92 сааһын туолуохтаах, кини өссө да доруобайдык, үөрэ-көтө уһуннук олороругар, сүбэ-ама биэрэ сылдьарыгар баҕарабын. |
|