Суббота, 28.12.2024, 14:03
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Апрель 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    27282930
    Главная » 2020 » Апрель » 13 » Галина Никифоровна ЕГОРОВА
    05:56
    Галина Никифоровна ЕГОРОВА

     Галина Никифоровна ЕГОРОВА

    (1944-2012)

     Биһиги эдьиийбит, биһиги аймах саамай тумус туттубут күндү киһибит Галина Никифоровна Степанова (Егорова) 1944 сыллаахха муус устар 4 күнүгэр туруу үлэһит, иллээх-эйэлээх Мария Романовна, Никифор Еремеевич Степановтар дьиэ кэргэттэригэр бэһис оҕонон күн срин көрбүтэ. Сэрии аас-туор, ыарахан сыллара буолан кини иннинэ төрөөбүт оҕолор бары төннөн иһээхтээбиттэр. Галина да төрүү иринньэх оҕо эбит. Ол эрээри, бэрт кыра сааһыттан олоххо, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах, улахан киһилии дьоһуннааҕа, боччумнааҕа.

     
    Галина ийэтин Мария Романовнаны,
    аҕатын Никифор Еремеевиһы кытта

     Галина оскуола кэнниттэн оччотооҕу үгэһинэн, хомсомуол ыҥырыытынан икки сыл пиэрмэҕэ арыыһытынан үлэлээн баран, Саха судаарыстыбаннай университетын омук тылын (французскай) факультетын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн, соҕотох хаалбыт аҕатын, үс балтын, быраатын сүрдээҕин үөрдүбүтэ (ийэтэ Мария Романовна Галина бастакы кууруска үөрэнэ сырыттаҕына, ыарахан ыарыыттан суох буолбута). 

    Иванова Ирина, Галя уонна Саввинова Маруся ыһыахха,
    1960-нус сыллар

     Галина Никифоровна учуутал быһыытынан үлэтин Ньурба улууһун Өҥөлдьө аҕыс кылаастаах оскуолатыгар саҕалаабыта. Кини төрөппүттэрин утумнаан туруу үлэһит, үрдүк ирдэбиллээх этэ. Эппитин, ылыммыт дьыалатын бүтэрэн-оһорорн, тиһэҕэр тириэрдэн тэйэрэ. Дьоҥҥо ураты эйэҕэс, истиҥ сыһыаннаах буолан элбэх доҕоттордооҕо, дьүөгэлэрдээҕэ. Өҥөлдьөҕө үлэлии сылдьан, олоҕун аргыһын көрсөн, ыал буолан олоруох буолбуттара даҕаны, Дьылҕа Хаан ыйааҕа атын, тыйыс буолбута. Ол курдук, тапталлаах кэрэнэ оһолго түбэһэн сырдык тыына быстыбыта. Ол эрээри, Дьылҕа Хаан уол оҕону бэлэхтээн хаалларбыта.




    Иван Иванович ийэтин дойдутугар
    Тэҥкэҕэ кустуу сылдьар. 2020 сыл күһүнэ
    Иван Иванович
     кыыһа Галина


    Галина Никифоровна оҕом туһа диэн олоҕу салгыы олорорго, үлэлииргэ күүстээх санааны  ылынан дойдутугар көһөн кэлэн, улуус биир саамай улахан, Сунтаар 1 №-дээх оскуолатыгар, үлэҕэ киирбитэ. Соҕотох, кыра оҕолоох аҥардас ийэни утары баран үлэҕэ ылбыттарыгар, улуус  үөрэҕин  салаатын оччотооҕу сэбиэдиссэйигэр  И.С. Ивановка, оскуола дириэктэригэр С.А. Зедгенидзевка мэлдьи махтанар, истиҥник саныыр этэ. Кинилэр итэҕэллэрин түһэн биэрбэт курдук ис дууһатыттан кыһаллан туран үлэлиирэ. Ол курдук икки кылааһы выпустаабыта. Кылаас салайааччытын быһыытынан төрөппүттэрин, төрөппүт кэмитиэтин кытта ыкса сибээстээхтик  үлэлиирэ. Биир идэлээхтэрин кытта  бэйэтин уопутун үөрэ-көтө үллэстэрэ. Эдэр учууталларга өрүү сүбэ-ама биэрэрэ. Үөрэппит оҕолорун ситиһиилэриттэн аһара үөрэрэ, астынара, кинилэринэн  киэн туттара. Кини үөрэппит оҕолоро омук тылын араас таһымнаах олимпиадаларыгар наар инники күөҥҥэ сылдьаллара. Сорох оҕолоро Туниска, Парижка, Бельгияҕа, Швейцарияҕа баран стажировкалана, сынньана сылдьыбыттара. 1989 сыллаахха Франция улуу Эйфелевай башнятын 100 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах куонкуруска кини үөрэтэр, дьарыктаабыт биэс оҕото инники бириистээх миэстэлэргэ тиксибиттэрэ.

    Орто оскуоланы бүтэрэн баран 1962 сыл.

    Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кыргыттар-Дьокуускай куорат  студенткалара 1968 сыл

    Бииргэ үөрэммиттэр көрсүһүүлэрэ. 1987 сыл. Сунтаар

    Истиҥ иһирэх көрсүһүү, ааспыт кэми ахтыһыы киэһэтэ.
    2006 сыл. Сунтаар

     Галина Никифоровна отуттан тахса сыл устата биир оскуолаҕа, Сунтаар 1 №-дээх оскуолатыгар, улуу француз омук тылын биһиги оҕолорбутугар үөрэтэн баран, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Кини үүнэр көлүөнэни иитиигэ сыралаах үлэтэ сыаналанан араас элбэх Бочуотунай кырааматаларынан, 1977 сыллаахха социалистическй куоталаһыы кыайыылааҕа бэлиэнэн наҕараадаламмыта. 1986 сыллаахха старшай учуутал, 1991 сыллаахха методист-учуутал ааттарын ылбыта. 1997 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна буолбута. Бу сыл Сунтаар 1 №-дээх оскуолатын Бочуотун кинигэтигэр, кэлин өрөспүүбүлүкэ педагогическай энциклопедиятыгар киллэриллибитэ. 2004 сыллаахха Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах гражданинын аатын ылан үөрбүтэ-көппүтэ.

     Эдьиийбит Галина Никифоровна олоххо олус муударай сыһыаннааҕа. Балтыларын, быраатын үөрэхтэтэлээн, ыал оҥортоон, олоххо чиҥник үктэнэн киһи буолалларыгар күүс-көмө, эрэллээх тирэх буолбута. Дьон-сэргэ кинини олус ытыктыыра. Ол биир туоһутунан,  кини ылыннарыылаах тылын-өһүн быһа гыммакка, балтылара, быраата үлэҕэ киирэн испиттэрэ да буолар. Галина Никифоровна балта, быраата буоллахтарына, эдьиийдэрин курдук үлэһит, бэрээдэктээх, дьоһуннаах буолуохтара дииллэрэ. Кэлин оҕолорбут дьыссаакка, оскуолаҕа, үлэҕэ киирэллэригэр эдьиийбит дьоҥҥо оҥорбут үтүөтэ-өҥөтө эмиэ оруоллааҕын билэбит. Кини дьиэтигэр өрүү минньигэс,  баай-талым астаах  остуоллаах буолара. Ханнык баҕарар ыалдьыты истиҥник, үөрэ-көтө көрсөрө.

     1988 сыллаахха барыбытын соҕотоҕун атахпытыгар туруортаабыт, үйэтин тухары арыгы, табах диэҥҥэ букатын сыстыбатах туруу үлэһит аҕабыт Никифор Еремеевич бу орто дойдуттан арахсаары сытан кэриэһин эппитэ. Бу олоххо соҕотоҕун үйэни моҥооһун диэн олус куһаҕан, эдьиийгит тэҥнээҕин булан, олоҕун оҥосторо буоллар диэн бүтэһик баҕа санаатын эппитэ. Эдьиийбит аҕатын кэриэһин толорон, дьүөгэлэрин үтүө сүбэлэринэн, соҕотох уола Уйбаан  олоххо бэйэтин суолун булуммутун  кэннэ аҕатын курдук туран баран олорбот, барыга-барытыгар бүгүрү, бэйэтин бириэмэтигэр хоһуун үлэһит, үрдүк култууралаах, үтүө-мааны киһини көрсөн ыал буолбуттара.

    Галина Никифоровна кэргэнэ Ефоний Дмитриевичтыын

    Ефоний Дмитриевичтыын сүүрбэттэн тахса сыл эйэ дэмнээхтик, дьоһуннаахтык, дьоллоохтук олорбуттара. Күндү дьоммут уолларыгар ханыы кыыс оҕону ииттэн, Ефоний Дмитриевич бэйэтин аатын биэрбитэ. Кинилэр кэлин оҕолорун иккиэннэрин ыал оҥортоон, дьиэлээн-уоттаан, сиэн оҕо бөҕөнү бүөбэйдэһэн,  иитиһэн олорбуттара. Онон эдьиийбит Галина орто дойду олоҕун толору дьолун, сиэн оҕо минньигэс сытын билэн, аҕабыт Никифор Еремеевиич муударай сүбэтэ, баҕа санаата туолбутутттан биһиги испитигэр сэмээр астынабыт. Эдьиийбит иннигэр ытык иэспитин толору төлөөбүт курдук сананабыт.

     Билигин кинилэр уоллара Иван Иванович үс оҕолоох. Сунтаар улууһун тутууга управлениетын начаалынньыгынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Кини бастаан үлэһит буоларын утаата ыраах Кэбээйи улууһугар таас оскуоланы үрдүк хаачыстыбалаахтык туттарбыт ситиһиитин иһин, оччолорго саҥа олохтонон  эрэр өрөспүүбүлүкэ Бэрэсидьиэнин «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэнэн биир бастакынан наҕараадаламмыта.

     Оттон кыыстара Елизавета Ефониевна Тойбохойго кэргэн тахсан олохсуйан олорор. Ийэтин туйаҕын хатаран омук тылын учуутала. Түөрт оҕолоох. Улаханнара Тойбохой куустатын, улуус дуобакка, тустууга күрэхтэһиилэригэр бириистээх миэстэҕэ тикситэлээн дьоннорун үөрдэр.

               

    Елизавета кэргэнэ Ян Трофимовичтыын           Кинилэр оҕолоро

    Сиэннэр эһээлэрин Трофим Трофимовичтыын, эбээлэрин Астра Иннокентьевналыын, 2020 сыл

    Камила, София, Олеся 2020 сыл, Куокунуга лууктуу сылдьан
    Камила, Мичил улуустааҕы НПК кыайыылаахтара 2019 сыл
    Мичил, Камила, Олеся кыайыы күнүн көрсө 2020 сыл

    Эдьиийбит Галина Никифоровна биһиги аймахха суолдьут сулуспут буоларын курдук кини оҕолоро, сиэннэрэ биһиги оҕолорбутугар эмиэ холобур буолаллар.

                                Балта Маргарита Николаева.

     

     

    Просмотров: 353 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 3.5/2
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]