Суббота, 28.12.2024, 15:21
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 2
Гостей: 2
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Апрель 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    27282930
    Главная » 2020 » Апрель » 12 » Григорий Романович СЕМЕНОВ
    06:27
    Григорий Романович СЕМЕНОВ

     Григорий Романович СЕМЕНОВ

    (1926-1952)

       Григорий 1926 сыллаахха Тэҥкэҕэ Оторуус түбэтигэр Герасимовтар диэн орто сэниэ ыалга төрөөбүт. Аҕата Герасимов Степан Герасимович Гриша кыра саастааҕар сылгыга тэптэрэн өлбүт.  Аҕатын кэргэнэ, ийэтэ  Никитина Евдокия Андреевна түөрт оҕолоох хаалбыт. 1930 сыллаахха Семенов Роман (Арамааскы) диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт. Түөрт оҕотун барытын Арамааскы аннынан суруйбуттар.  Онон Гриша фамилията Герасимов диэн буолбакка Семенов диэн буолбут.

       Гриша кыра сааһыттан сытыы-хотуу, турбут олорбут оҕо эбит.  Биһиги ийэбит, Гриша эдьиийэ Мария Романовна кэпсээбитинэн Гриша барыга бары сыстаҕас, талааннаах эбит. Тэҥкэ начаальнай оскуолатыгар, Тойбохой орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан оскуола олоҕор актыыбынайдык кыттар эбит. Кыра сааһыттан үҥкүү куруһуогар сылдьыбыт, аһара бэрткэ үҥкүүлүүр буолбут. Концертарга үҥкүүлээн тибийэрэ көрүөххэ үчүгэйэ олус үһү. Дьон үҥкүүһүт да оҕо диэн сөҕөллөр, махтайаллар этэ диирэ ийэм.  Балалаайкаҕа оонньуу үөрэнэн баран, араас ырыаны барытын тыаһатар буолбут. Биир да концерт, гастроль кини кыттааһына суох ааспата үһү. Саахымакка оонньоон оскуолатыгар наар бастыыра. Дьонугар кыайан хотон бириис бөҕө аҕалан үөрдэр эбит.

      Сэттис кылааһы бүтэрбитин кэннэ 1941 сыллаахха бэс ыйыгар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаланар. Ол сайын уоттаах кураан түһэн от даҕаны, бурдук даҕаны үүммэккэ сут дьыл саҕаланар. Дьонноро Гришаны салгыы  үөрэттэрэр кыаҕа суох буоланнар, сэттис кылаастан уурайарга күһэллэр. Ииппит аҕата Арамааскы Куокунуттан төрүттээх  буолан, билэр дьонун кэпсэтэн, уолу Куокунуга сельсовекка үлэҕэ киллэрэр. Оскуолаҕа ахсаан уруогар туйгуннук үөрэммит буолан суоччутунан үлэҕэ киирэр. Үлэтигэр толоругас, сатабыллаах буолан наар хайҕалга сылдьыбыт.

       1944 сыллаахха 18 сааһын туолан аармыйаҕа ыҥырыллан бэбиэскэ тутар. Муоратааҕы байыаннай флотка ананан бэрт уһун сындалҕаннаах айан кэнниттэн Владивосток куоракка тиийэн эскадреннай миноносец хараабылга сулууспалыыр.

      1945 сылга Японияны утары сэрии буолбутугар, аан дойду биир саамай күүстээх флоттаах милитаристскай Япония хараабылларын кытары сэриилэһиигэ кыттар. Порт Артуру сэриилээн ылааһыҥҥа кыттыбыт. Сэрии бүппүтүн кэннэ салгыы сулууспалаан баран 1950 сыллаахха кыайыы хотуу көтөллөнөн төрөөбүт дойдутугар, ахтылҕаннаах Тэҥкэтигэр тиийэн кэлэр.

      Аармыйа кэнниттэн Сунтаарга ДОСААФ тэрилтэтигэр үлэҕэ киирэр. Бириэмэ көһүннэр эрэ Тэҥкэтигэр тахсан сынньанарын сөбүлүүр эбит. Бүлүү өрүһү төттөру таары харбаан оонньуур эбит. Ону ийэм сөбүлээбэккэ «ууга түһүөҥ нокоо» диэн буойа сатыырын күлэн эрэ кэбиһэрэ үһү. «Оннооҕор байҕалга харбанар этэ, өрүс диэн уу үһү дуо» диэн тыллаах эбит. Хомойуох иһин эдьиийэ эппитэ уот харахха түбэспит. 1952 сыллаахха бэс ыйыгар Гриша табаарыһынаан Сунтаар аннынан сөтүөлүү сылдьан өрүс ортотугар тымныы ууга атахтарын иҥиирэ тардыбыт.  Ыксаан хаһыытаабыттарыгар тыылаах дьон көрөн устан кэлбиттэригэр «табаарыспын бастаан быыһааҥ» диэн баран доҕорун тыыга анньан биэрбит. Ол киһитин тыыга соһон таһаарар кэмнэригэр бэйэтэ уу анныгар барбыт.

       Ийэм ол бириэмэҕэ Куокунуга кыыһын Ританы оҕолонон сытар кэмэ эбит. Быраатын туһунан ыар сураҕы истээт хаана баран өлө сыспытын балыаһа үлэһиттэрэ нэһиилэ өрүһүйбүттэр. Онон Гриша баара суоҕа 26 сааһыгар күн сириттэн олус хомолтолоохтук баран турар.

       Биһиги ийэбит ууһугар биир чаҕылхай киһи тахсыахтааҕа ити курдук кэрэгэй дьылҕаламмыт.

        «Ким да умнуллубат, туох умнуллубат». Тиихэй акыйааннааҕы байыаннай флот мотуруоһа Семенов Григорий Романович сырдык аата төрөөбүт, үөскээбит Тэҥкэтигэр үйэтитиллэрэ буоллар үчүгэй буолуо этэ.

         Ол быстах үс эрэ сыл үлэлээбит Куокуну сэбиэтиттэн бэбиэскэ тутан сэриигэ барбытын иһин Куокуну киһитэ буолан хаалбат. Кини туох баар төрүттэрэ бары төрүт уус Тэҥкэлэр. Онон төрөөбүт сиригэр Өйдөбүнньүк обелиска аата суруллара наадалаах. Улуу сэриигэ кыттыбыт байыаннай моряк сахаларга ахсаннаах буолуохтаах. Сунтаартан соҕотох да буолуон сөп.

        Онон Тэҥкэтин дьоно сэргэтэ, кэнэҕэски ыччата ахта-саныы, киэн тутта сылдьалларын курдук кини олоҕо сырдатыллара, умнууга хаалбата буоллар диэн баҕа санаабын этэбин.

    Суруйда быраата Степанов Валерий Никифорич

          

     

    Просмотров: 289 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]