03:20 Гуринов Семен Филиппович |
Семен Филиппович ГУРИНОВ Гуринов Семен Филиппович аҕата Гуринов Филипп Васильевич, ийэтэ Гуринова Дарья Прокопьевна. Элбэх туруу үлэһит кытаанах майгылаах уолаттардаах, сэниэ ыал. Тэҥкэттэн 5 км Тойбохойдуур суол диэки олохтоохтор эбит. Ол сир "Силиип маара” диэн ааттанар. Колхозка киирбэккэ өсөһөн олорбуттар бэйэлэрэ олус үлэһит буолан аҕыйах ынах сылгы сүөһүлээх ыал. Ону Советскай Армияҕа дэлби нолуок түһэрэн эспиттэр. Сэрии буолбутугар улахан убайдарын былааһы үөхтэ диэн сымыйанан үөҕэн хаайыыга ыыппыттар. Оннук үҥсүүнэн дьарыгырар киһи баара үһү, Советскай былааска бэрт буола сатаан. Гуриновтар эһэлэрэ улууска кулубалыы сылдьыбыт. Туох да оһуобай ыраас кэрэ буочардаах ахсааҥҥа сылдьар суруксут эбит этэ, архыыпка көрдөххө. Бииргэ төрөөбүттэрэ Андриан, Семен, Николай, Петр, Ульяна өссө биир кыыс, Тойбохой Федотовтар ийэлэрэ. Миимээн диэн киһи кэргэнэ. Соторутааҕыта кинигэ таһаарбыттара киэҥ ийэ ууһа. Биир уоллара Гуринов Николай Филиппович Тойбохойго олорбута сэрии бэтэрээнэ, Тойбохой Совхоз экономиһа, бэйэтэ айылҕаттан өйдөөх олус мындыр, принципиальнай эппитин толорор, да толотторор да киһи этэ. Биир уол ити Сэмэн Ильмэҥҥэ өлбүт, Бүөтүр Тойбохой сельпотугар былыр атыыһыт этэ. Ону кристалл таас курдук чиэһинэй эдэр оҕону итэҕэстэнниҥ диэн дьыала оҥорон хаайыыга ыыппыттара элбэх сылга. Барытын олорон дэлби тостон-эстэн кэлэн өлбүтэ. Ылдьаана Тойбохойго олорон Жирковтары тэниппитэ. Ити курдук дьылҕалаах ыалга төрөөбүтэ Семен Филиппович. Сэриигэ ыҥырыллан хорсуннук сэриилэһэ сылдьан Ильмень күөлгэ сырдык тыына быстыбыта. Семен Филиппович сырдык аата үйэлэргэ холобур буола турдун. Ахтыыны суруйда Галина Гаврильевна ыам ыйын 3 күнэ 2021 с. Дьокуускай |
|