Четверг, 09.05.2024, 10:21
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Май 2021  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
         12
    3456789
    10111213141516
    17181920212223
    24252627282930
    31
    Главная » 2021 » Май » 25 » Ильин Иннокентий Гаврильевич
    16:12
    Ильин Иннокентий Гаврильевич

    Иннокентий Гаврильевич ИЛЬИН

     тыыл, үлэ бэтэрээнэ

    Аҕам Ильин Иннокентий Гаврильевич сэттэ оҕолоох Ильин Гаврил Иванович, Марфа Степановна дьиэ кэргэнигэр бэһис оҕонон 1915 сыллаахха атырдьах ыйын 26 күнүгэр күн сирин көрбүт. Оҕо, эдэр сааһа Тэҥкэ Оторууһугар ааспыта.

    Колхуостаах буолуоҕуттан хойут сааһырыар диэри колхуос, сопхуос үлэтигэр сыратын-сылбатын биэрбит киһи. Сэрии саҕаланарыгар аҕам 26 саастаах эбит. Армияҕа сайын 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыт буолуохтаах, ол гынан баран бэйэтэ кэпсииринэн Иркутскайга тиийэн баран ис тиибинэн ыалдьан төннөн кэлбит. Кэлэн "Пионер” колхуоска кыайыыны уһансан тыыл күүстээх үлэтигэр умса-төннө үлэлээбитэ. Үлэһит илии тиийбэт кэмигэр, кыһыҥҥы тостор тымныыга тоҥон-хатан, сайынын өҥүрүк куйааска буһан-хатан үлэ үөһүгэр сылдьан, дьон киэнэ кытаанахтара буолан тулуйдахтара. Бу үлэтэ сыаналанан 1947 сыллаахха "Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Бу мэтээли бочуоттаан "Сталин төбөтө” мэтээл диэн норуокка ааттанара. Колхуостаахтар үлэнэн эрэ буолбакка, бэйэлэрэ аччыктааталлар да бурдук, эт, арыы туттаран, нолуок төлөөн,байыаннай заемҥа суруттаран барыта кыайыы туһугар диэн салайтаран фроҥҥа улахан көмөнү оҥордохторо.   1938-1939 сылларга стахановскай хамсааһын тэнийбитэ. Аҕам хас сыллаахха стахановец аатын ылбытын билбэппин эрээри, ону туоһулуур докумуон баарын өйдүүбүн. Онон стахановец этэ диэн өйдөбүл хаалбыт. Наҕараадаларын көрөр, сороҕор оонньуур да этибит, ол иһин сороҕо сүтэн-иҥэн хаалбыттар. Эрдэтээҥҥи наҕараадалара суохтар. Кэлин "Кыайыы 30 сыла”, ”Кыайыы 50 сыла”, "Үлэ бэтэрээнэ” мэтээллэринэн, "Тыыл бэтэрээнэ” знагынан наҕараадаламмыта. Атын юбилейнай знактар элбэхтэр этэ.

    Грамоталар тустарынан этэ да барыллыбат, грамота бөҕөтүн ылбыта. Сыалай кыра чымыдааҥҥа угулла сылдьаллара.

     Мин өйдүүрбүнэн кини куруук кыладыапсык, хонуу биригэдьиирэ, от үлэтигэр звеньевой уонна биригэдьиир эмиэ буола сылдьыбыта. Мин сөҕөрүм диэн түөрт кылаас үөрэхтээх эрээри суруйара, буочара үчүгэйэ. Араас үлэ күнэ, ханнык сиргэ төһө от оттоммута онтон да атын сибидиэнньэлэри толороро. Колхуоска от-мас, ферма, ыһыы, от үлэтэ күннээҕи түбүктэр. Маны таһынан ол-бу тутуу, оҥорооһун тиһигин быспакка бара тураллар. Аҕам КПСС чилиэнэ буолбута. Коммунистическай үлэ ударнигын аатын ылбыта. Кэлин тыа хаһаайыстыбатын улэһиттэригэр Москваҕа Бүтүн Союзтааҕы норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар путевка биэрэн ыытар буолбуттара. Аҕам онно баран ханна да сылдьыбатах киһи сөҕөн-махтайан кэлбит буолуохтаах.

    Пенсияҕа да тахсан сопхуоһугар үлэлии сылдьыбыта. Араас улэлэргэ улэлиирэ. Ол да буоллар от улэтэ кинитэ суох сатаммат этэ. Үйэтин тухары төһөлөөх от оттоммута буолла. Кэлин кыһынын бултуур буолбута. Кусчут, кыһын тииҥниир, андаатаралыыр, киис да бултаан ылара.  Аҕам хааман-сиимэн, ырааҕынан тэлэһийэн кыанар киһи этэ. Эдэр сылдьан ыһыахтарга сүүрүүгэ, атах оонньууларыгар кыттар эбит. Холобур, дьон ахтыытыгар Кыайыы миитинин кэнниттэн сүүрэн хоппут эбит. Кэлин оройуон хаһыатыттан урукку суруйуулартан быһа тардан таһаарбыттарын көрөн аһарбытым. Онно эмиэ суурэн хоппут диэн аахпытым.

    Сылайары билбэккэ күүскэ үлэлиир киһини кытаанах иҥиирдээх киһи диэччилэр. Аҕам оннук киһи. Атыттартан эмиэ оннугу ирдиирэ. Аат эрэ харата үлэлиири, сүрэҕэлдьиири олох сөбүлээбэтэ. Сарсыарда эрдэ баҕайы туран дьиэтин ис-тас үлэтин бүтэрэн, аны ыалларын кэрийэ барара. Колхуос, кэлин сопхуос үлэтин быһаарыллыахтаах боппуруостара ол кэрийэригэр быһаарыллара. Ону дьон Лэгэнтэй сүгүн утуталаабат дэһэллэрэ. Дьэ оннук үлэлээн-хамсаан ааспыта Ильин Лэгэнтэй, кэлин көннөрү Ильин оҕонньор диэн ааттанара.

     Дьоннорбут үлэлээн ааспыт кэмнэрэ, дойдубут туһа диэн үлэлээбит үлэлэрэ, хара көлөһүннэрин тохпуттара умнуллубакка кэлэр көлүөнэҕэ үтүө өйдөбүл буола туруохтун.

    Ахтыыны суруйда кыыһа Муза Иннокентьевна

    Просмотров: 199 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 5.0/2
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]