Суббота, 28.12.2024, 14:38
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 13
Гостей: 13
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Сентябрь 2021  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    27282930
    Главная » 2021 » Сентябрь » 30 » Ильин Иннокетий Гаврильевич уонна Алексеева Евдокия Яковлевна оҕолоро
    04:01
    Ильин Иннокетий Гаврильевич уонна Алексеева Евдокия Яковлевна оҕолоро
    Ильин Иннокетий Гаврильевич уонна Алексеева Евдокия Яковлевна оҕолоро

    Ильин Иосиф Иннокентьевич


    Убайым Иосиф 1948 сыллаахха алтынньы 8 күнүгэр Тэҥкэҕэ Оторуус түбэтигэр олорон төрөөбүтэ. Онон кыра эрдэҕиттэн эһэлээх эбэтигэр бастакы уол сиэн буолан мааныланан хаалбыт буолуохтаах. Ийэм эһэтигэр атаахтаабыт уол диирэ.
    Убайым Тэҥкэ оскуолатын, онтон Бордоҥ аҕыс кылаастаах оскуолатын, ол кэннэ Бүлүүчээн орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Армияҕа ыҥырыллан Алтайга ракетнай байыаннай чааска сулууспалаабыта. Армия кэнниттэн Челябинскай тыа хаһаайыстыбатын механизациялыыр уонна электрификациялыыр институтугар инженер-электрик испэсилииһигэр үөрэммитэ.

    Үөрэҕин кэнниттэн Бордоҥҥо, Тэҥкэҕэ электрик-механигынан үлэлээбитэ.    
    Уоһук, бары итинник ааттыыллара, наһаа көрсүө-сэмэй, аҕыйах саҥалаах, туох да куһаҕан иҥэ-дьаҥа суох оҕо этэ. Хаһан да этиһэ-охсуһа сылдьарын өйдөөбөппүн.  Барыны бары билэ-көрө сатыыр, биһиги дьиэ кэргэн оҕолоруттан саамай өйдөөхпүт, талааннаахпыт кини диэххэ сеп. Дьиэ таһыгар биир кэмҥэ чыычаах тутан килиэккэҕэ иитэ сылдьыбыта. Мэлдьи туох эмит дьарыктаах буолара.  Оскуолаҕа ордук математикаҕа үчүгэйдик үөрэнэрэ, ол оннугар тыл үөрэҕэр мөлтөөн биэрэрэ. Ол да буоллар, элбэхтик ааҕара. Тэҥкэҕэ дьиэтигэр художественнай, техническай, ону-маны оҥорорго аналлаах кинигэ библиотекатыгар син элбэх этэ. Тарбаҕар талааннааҕа кыра кылаастартан биллэрэ, ол курдук, уруһууй, черчение уруоктарыгар уһулуччу үчүгэй буолара.  Арыый улаатан баран маһынан бэстилиэт, автомат арааһын кыһан, кырааскалаан оҥороро. Ол "сэрии сэбинэн” сэбилэнэн, оннооҕор биһиги кыргыттар эмиэ, төһөлөөх оонньообуппут буолла. Дэриэбинэ оҕолоро мустан, улахан "сэрии” барара. Бүлүүчээҥҥэ үөрэнэригэр, студент сылдьан фотографиянан үлүһүйбүтэ. Онон биһиэхэ кини түһэрбит хаартыската элбэх этэ. Челябинскайтан үчүгэй фотоаппараттары аҕалтаабыта. Киниттэн үөрэнэн Борис уонна Люся эмиэ фотографиянан дьарыктана сылдьыбыттара. Түһэрбит хаартыскалара үчүгэй хаачыстыбалаах буолара. Кэлин оннооҕор цветной пленкаҕа түһэрэр буолта, ол эрээри түһэрбит пленкаларын атын куоракка ыытан бэчээттэппэккэ хаалбыта. Убайбыт каникулугар кэлэн биһигини дуобат, шахмат, хаарты уустук партияларыгар үөрэтэрэ да, мин оннукка мөлтөх этим. Үлэһит буолан баран, Тэҥкэҕэ олорон саха быһаҕын оҥороро, онтукатын угун араастаан кыыл төбөтүн ойуулаан кыһара. Ийэтиттэн ылбыт талаана быһыылаах, тугу сатаабатай диэх курдук. Тэҥкэ дьонугар электроприбордарыттан саҕалаан массыыналарыгар тиийэ өрөмүөннүүрэ. Кини оҥороро барыта уурбут-туппут курдук тупсаҕай, олус диэн аккуратнай, технически толкуйдаммыт буолара. Душ оҥостубутун мин кэргэммэр пример гынарым, маннык оҥоруохха наада диэн. Оннооҕор дьахталларга бэйэтэ айан миксер онорон, биир кэмҥэ туорт оҥорор идэлэммиттэрэ. Доҕотторугар Игнатьевтарга теплица  оҥорбутун миэхэ хайҕаан кэпсээбиттэрэ.
    Онтон өссө биир эмиэ үчүгэй хаачыстыбатынан дьоҥҥо сыһыана буолар. Ол кыра эрдэҕиттэн быраатыгар, доҕотторугар сыһыаныгар көстөрө. Быраатым Бориска убайа улахан аптарытыаттааҕа. Мэлдьи илдьэ сылдьара. Ол иһин да буолуо от үлэтигэр убайын сырсан эмиэ эрдэттэн көлө сиэтэ барбыта. Ол саҕана үлэ күнүн аахсаары оҕолору кыраларытттан үлэлэтэллэрэ. Онон убайдаах быраатым алта саастарыттан көлө сиэтэн барбыттара. Өҥүрүк куйааска кыра оҕоҕо оҕус сиэтэр абытай үлэ. Бу курдук убайым үлэһит, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах, дьон көрдөһүүтүн быһа гыммат үчүгэй майгылаах киһи. Уоһук элбэх доҕоттордооҕо. Убайым да, быраатым да аҕаларын кытта кыра эрдэхтэриттэн бултуу үөрэммит буолан, бултуулларын, балыктыылларын сөбүлүүллэрэ. Байанайдаах булчуттар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Тэҥкэҕэ убайбар доҕотторо кэлэн бултаан-алтаан сынньанан барааччылар этэ. Мин эмиэ сайын, оҕолорум кыра эрдэхтэринэ, Тэҥкэҕэ сынньанарбытын сөбүлүүр этибит. Оҕолор убайбар, эһэлэригэр атаахтаан, онно-манна сылдьан, үчүгэй балык, кус этэ сиэн, дуоһуйа сынньанан барарбыт. Биирдэ улахан бил балык аҕалбыттарыгар, кыра кыыспытыгар Ираҕа тэҥнээн, кини саҕа диэн хойукка диэри сөҕөн-махтайан кэпсииллэрэ. Уоһук оҕолорго аһара үчүгэй сыһыаннааҕа, бырааттара, балтылара да бары кинини сөбүлүүллэрэ.     
    Убайым үлэтин туһунан суруйар буоллахха, эмиэ наар үчүгэйи эрэ кэпсиэххэ сөп. Бэйэтин идэтинэн да буоллар араас үлэлэри толороро: дизелист, сопхуос фермаларыгар эбии аһылыгы бэлэмниир АВМ-ҥа, үрдүк күүрүүлээх линия подстанциятын көрөөһүҥҥэ, электрик, ыалларга уот тардааччы. Дэриэбинэ иһигэр техбезопасность өттүн үчүгэйдик хонтуруоллуура. Тус бэйэтин эбээһинэһин эҥкилэ суох толорорун сопхуос салалтата бэлиэтээн, Днепропетровскай санаторийыгар сынньана барарыгар путевка биэрбиттэрэ. Ол саҕана, боростуой үлэһиттэри салалта путевкалары биэрэн наҕараадалыыра. Онон син чиэс бочуот курдук буолара.
    Убайбыт бу сиргэ оҕо-уруу тэнитэн барбатаҕа хомолтолоох. 1992 сыллаахха олус хомолтолоохтук, баара суоҕа 44 сааһыгар күн сириттэн барбыта. Уһуннук олорбута буоллар, дьиэ-уот тэриниэ эбитэ буолуо.
    Ол да буоллар, убайым Уоһук кылгас олоҕор олорон ааспыт кэмэ дьон өйүгэр-санаатыгар үтүө эрэ өйдөбүл буолан хааллаҕа. Барахсан үтүө майгылаах, сайаҕас санаалаах киһи этэ.    










    Ильин Борис Иннокентьевич,
    Ильина Люция Иннокентьевна


    Быраатым Борис, балтым Люся игирэлэр. Олунньу 1 күнүгэр 1954 сыллаахха төрөөбүттэрэ. Ийэм кинилэри Сунтарга киирэн оҕоломмута. Аны санаатахха сүрдээх да эбит, тохсунньу-олунньу тымныытыгар Сунтаар курдук ыраах баҕайы сиргэ оҕолоно киирээри, онтон кыһыл оҕолору таһаараары  атынан айанныыр диэн. Кып-кыра ыйааһыннаах оҕолору ийэм ким да көмөтө суох киһи хара гынаттаан, син оҕолортон итэҕэһэ суох улааппыттара. Оҕо сылдьан Борис син сытыы, онно-манна оонньуу элэстэнэр уол, оттон Люся симик, аҕыйах саҥалаах кыыс этилэр. Борис оҕо сылдьан уол буолан дьиэҕэ көстүбэт этэ. Уолаттардыын оонньуур, тэлэһийэн сылдьар сирдэрэ ыыра ыраах быһыылааҕа. Ордук Тихонов Радомиры, Иннокентьев Гошаны кытта бииргэ сылдьара.
    Арыт бу эргин кыргыттар, уолаттар бииргэ оонньоон ыларбыт. Өрүскэ киирэн уһун күнү супту сылдьарбыт, таҥас сууйа-сууйа сөтүөлээн да көрөрбүт. Оннук сылдьан Николаев Петябыт ууга бара сыспыта. Хата икки эдэр кыргыттар уу баһаары түбэһэ түһэн быыһаан таһаарбыттара. Арыт ыраах Ыксаан анныгар барарбыт. Онно кумахтаах, уу өтөн киирэр сирдээх буолан, хата бэркэ харбыырга үөрэммиппит. Мин балтыбыныын, эбиитин дьиэм таһынаанааҕы кыра оҕолору илдьэ онон-манан кэрийэ баран хаалабыт. Кыралары сүгэбит эҥин. Ол аата көрөр оҕолорбут. Син көрөн-истэн илдьэ сылдьарбыт. Люся наһаа сэмэй, миигин кытта мөккүспэт, куруук батыһа сылдьара. Саамай чугас дьүөгэлэрэ Тихонова Римма, Степанова Валя этилэр.
    Тэҥкэ оскуолатыгар Ксения Арьяновнаҕа үөрэммиттэрэ. Учууталларын аһара сөбүлүүллэрэ. Саҥа үлэлии кэлбит эдэр учуутал, Люся кэпсииринэн, уруоктарын, кылаас таһынааҕы үлэни интэриэһинэйдик ыытара. Борис да, Люся да шахмакка оонньуу үөрэммиттэрэ. Кэлин убайдарыттан үөрэнэн бэртээхэй хаартыскалары түһэрэр буолбуттара. Люся, уопсайынан, ону-маны сатыырынан миигиннээҕэр ордук этэ.   
    Тэҥкэ начальнай оскуолатын бүтэрэн баран, иккиэн Тойбохой оскуолатыгар баран үөрэнэн бүтэрбиттэрэ. Оскуола кэнниттэн Тэҥкэҕэ кэлэн сопхуоска үлэлээбиттэрэ. Борис араас үлэлэргэ, трактористаабыта, Люся фермаҕа субай сүөһүнү көрбүтэ. Борис үчүгэй үлэһит буолан, Германия Демократическай Республикатын көрөр чиэскэ тиксибитэ. Кэлин Туапсе курордугар путевка биэрэн сынньанан кэлбитэ. Люся эмиэ бороон көрүүтүгэр үрдүк көрдөрүүтүн иһин Тэҥкэттэн үс буолан ВДНХ-ны, Москва куораты көрөн кэлбиттэрэ. Онон производствоҕа хаалан үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ.
     Мин убайбыныын үрдүк үөрэххэ үөрэнэ барбыппыт, оттон Люсялаах Борис оҕо-уруу төрөтөр ыйаахтаах буолан, үөрэнэ барбакка кэргэннэнэн, дьиэлэнэн-уоттанан, үстүү оҕолонон төрөөбүт Тэҥкэлэригэр үлэлии хаалбыттара.
    Дьылҕа-хаан ыйааҕа кытаанах даҕаны, киһи олоҕо түргэнник да быстар буоллаҕа. Быстахха былдьанан эдэркээн саастарыгар бу орто дойдуттан барбыттара. Ол да буоллар, ситим быстыбат. Борис үс оҕото эмиэ бары ыаллар, оҕолоохтор, үөрэхтээх үлэһит дьоннор. Бу туһунан сиһилии дьонноро ахтыы суруйбуттара.
    Балтым Люся Искаков Элеман Казбекович  диэн казах киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. Элеман 1945 сыллаахха Хотугу Казахстан уобалаһын Смирново дэриэбинэтигэр төрөөбүт. Араас рабочай специальностары ылан дойдутугар, Киргизияҕа, онтон Саха сиригэр үлэлээбит. Тэҥкэҕэ үлэлии кэлэн Люсяны көрсүбүтэ.






    Кинилэр  үс оҕоломмуттара: Айсен от ыйын 21 күнүгэр 1979 сыллаахха, Юлия тохсунньу 14 күнүгэр 1981 сыллаахха, Гена от ыйын 16 күнүгэр 1982 сыллаахха төрөөбүттэрэ. Люся ыараханнык ыалдьан оҕолоро кыраларыгар суох буолбута. Элеман онон 1985 сыллаахха бэйэтин дойдутугар, чугас урууларыгар көһөн барбыта.  Дойдутуттан чугастыы Тюменскай уобаласка Когалым куоракка олохсуйбута. Хата ол кэмҥэ тэрилтэтэ үчүгэй буолан, квартира биэрбиттэрэ. Соҕотох аҕа да буоллар, оҕолорун улаатыннаран, үөрэтэлээн, үлэһит дьон гынаттаабыта. Оҕолор үһүөн орто анал үөрэҕи бүтэрэн анал идэлээхтэр. Улахан уол Айсен ПТУ-ҕа үөрэнэн массыына онорор слесарь идэтин ылан собуокка, онтон ЖКХ-ҕа слесардаабыта. Билигин ыалдьан инбэлиит. Кэргэннээх.
    Юлия колледжы бүтэрэн товаровед идэтин, онтон Южно-Уральскай професиональнай институтка үөрэнэн менеджер идэтин ылан, Когалымҥа үлэлээн баран,  Ялта куоракка олохсуйан олорор. Кыра уол Гена ПТУ-ну  повар идэтин ылан дойдутугар үлэлээн баран, билигин Санкт-Петербург куоракка үрдүк үөрэҕи бүтэрэн технолог идэтин ылан үлэлии сылдьар.
    Дьэ бу курдук, Люсялаах Борис ситэ олорботох олохторун оҕолоро салҕаан утум салҕанар.    
    Ахтыыны суруйда Муза Иннокентьевна   


    Борис туһунан ахтыы


    Эдэр сааһыгар быһылааҥҥа түбэһэн хомолтолоохтук олохтон туораабыт кэргэним Ильин Борис Иннокентьевич туһунан дьоҥҥо-сэргэҕэ, эдэр көлүөнэҕэ ахтылла сылдьыа диэн кэпсиэхпин баҕардым.
    1971сыллаахха оскуоланы бүтэрэн, сопхуоска эдэр ыччат производствоҕа үлэлии тахсар үгэһинэн, Тэҥкэҕэ Оторуус ферматыгар үлэлии кэлбитим. Фермаҕа эдэр кыргыттар, Кириллина Софья, Матросова Валя буолан тии ынаҕы илиинэн ыан дояркалаабыппыт. Үлэбит ыарахан да буоллар, чугас дьүөгэлэрбиниин, Софьялыын, Валялыын, ахта-саныы сылдьар курдук үчүгэйдик үлэлээбиппит. Бористыын билсиибит бу манна саҕаламмыта. Эдэр ыччат олус көхтөөх этибит, хас субуотаны, бырааһынньыктары, көрсүһүүлэри, субуотунньуктары интэриэһинэйдик атаарарбыт. Мин Бористыын, Валя Гришатыныын Оторуус томторугар төһө элбэхтик күүлэйдээбиппит, Бүлүү өрүһү уҥуор-маҥаар тыынан устубуппут, Ыксаан аартыгынан өрүс биэрэгэр сиэттиһэн баран хаамсыбыппыт буолуой... Билигин кырдьан олорон санаатахпына, олус кэрэ да кэмнэр ааспыттар эбит...
    Икки сыл буолан баран 1973 сыл сааһыгар ыал буолбуппут. Биэс сыл иһигэр дьиэ туттан, сүөһү бөҕө ииттэн, үс оҕону төрөтөн, олус иллээхтик-эйэлээхтик олорбуппут.






    Бориһым барахсан киһи хараҕар быраҕыллар сахаҕа олус кыраһыабай этэ. Элбэх саҥата суох, сэмэй майгылаах, тугу барытын сатыыр, ылсыбыт үлэтин бүтэрэн баран тэйэр, дьоҥҥо көмөлөһөр үтүө майгылаах киһи.  Баҕар кылгас олохтоох буолар быата тардан буолуо, тугу барытын сатыыра, кылгас кэм иһигэр дьиэтин туттан киирбитэ. Кусчут, балыксыт, сир асчыт бэрдэ этэ. Техникаҕа да сыһыаннаах буолан, хонууттан хомуйан шасси трактор оҥорбута, ыһыыга трактор өрөмүөнүн кини эрэ оҥороро, убайа Уоһуктуун ыаллар электроприбордарын оҥорон, саҥардан биэрэллэрэ. Аан бастакынан Тэҥкэҕэ "Крым” телевизоры биһиги холбоммуппут. Ааһа баран, саҥа дьыллааҕы елкабытын эргийэ турар гына оҥорон оҕолорун үөрдэрэ.
    Сүрүн үлэтэ дизелист да буоллар, күнүс сопхуос араас үлэтигэр, от-мас тиэйиитигэр эмиэ үлэлиирэ. Бөһүөлэк общественнай, культурно-массовай үлэтигэр биир саамай активнай, баар суох тутаах киһибит кини буолара.  Сопхуос администрацията үлэһит киһини сыаналаан, баара суоҕа 23 сааһыгар "Коммунистическай үлэ ударнигын” аатын биэрбитэ. Икки төгүл путевка биэрэн, Туапсеҕа курорка сынньаммыта, Германия Демократическай Республикатыгар турист быһыытынан сылдьан кэлбитэ.
    Билигин сааһыран олорон санаатахпына, Бориһым барахсан олох аныгылыы көрүүлээх-истиилээх эбит. Миэхэ уонна аҕатыгар этэр буолара: "Хомунньуустар эчи мунньаххыт да элбэҕэ бэрт. Күнү быһа олороҕут, ити кэмҥэ төһөлөөх элбэх үлэ үлэлэниэ этэй”. Уонна өссө ким сүрэхтээх, ким кыайыылаах, ким таһаарыылаахтык үлэлиир ол байыахтаах диирэ. Барахсаным билиҥҥи олоххо тиийэн кэлбэтэҕэ кыһыылаах... Дьылҕабыт итинник буолуохтаах буоллаҕа диэн ылынарга тиийээхтиибит буоллаҕа...
    Ол эрэн, кини олорботох олоҕун үс оҕото, түөрт сиэнэ, биир хос сиэнэ салгыыллар, кини аатын ааттаталлар. Улахан кыыс Туяра Борисовна икки үрдүк үөрэхтээх Улан-Удэтааҕы культура институтугар педагог-хореограф, Байкальскай государственнай университекка бухгалтерскай учет идэтигэр үөрэммитэ. Билигин Саха Сирин Росгвардиятыгар экономическай отдел начальнигынан үлэлиир, полиция подполковнига. Кыыһа Дайаана Финансовай экономическай колледж студентката, икки саастаах уол сиэннээх.
    Айталина Борисовна ЯГУ-ка химик идэтигэр үөрэммитэ уонна АО ФАПК Якутия тэрилтэтигэр инженер-химигинэн үлэлиир. Икки кыыстаах, Алина быйыл РЛИ выпускницата буолар, Саина ЯГНГ кылааһын бүтэрдэ.
    Евгений Борисович 1997-1999сс Камчаткаҕа Тихоокеанскай флотка сулууспалаан баран, Милиция Үрдүкү оскуолатыгар үөрэнэн уголовнай розыска үлэлээбитэ, МВД пенсионера. Билигин бэйэтин тэрилтэтин ОО ДОН тэринэн бизнеһынан дьарыктанар. Кыыһа Лаура быйыл оскуола выпускницата.
    Бириэмэ ааһар, олох салҕанар...
    Кэлин кэргэннэнэн өссө икки кыыс оҕолоохпун. Оҕолорбун барыларын иитэн-үөрэтэн, атахтарыгар туруоран, ыал оҥортоон, бэйэбин улахан дьоллоох киһинэн ааҕынабын.
    Ахтыыны суруйда кэргэнэ Тихонова Галина Федотовна.
     




    Просмотров: 377 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 5.0/1
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]