03:21 Илья Васильевич СПИРОВ |
Педагогическай үлэ ветерана, норуот үөрэҕириитин туйгуна Илья Васильевич СПИРОВ: Мин 1938 с. бэс ыйын 22 күнүгэр Илимниир сиригэр Чаачахаан диэн алааска элбэх оҕолоох Спиров Василий Алексеевич уонна Кукарисова Матрена Дмитрьевна дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтүм. Үс сааспын туолар күммэр Аҕа дойду улуу сэриитэ саҕаламмыт. Сэрии диэн тугун-ханныгын, ханна буоларын туһунан өйдөбүлэ суох буолуом. Биирдэ өйдөөн улахан убайдарым ханна барбыттарын ыйыппыппар, бары сэриигэ барбыттара диэн судургу эппиэти истибитим. Сэрии хара былаайаҕа биһиги аймаҕы тумнубатаҕа. Ол курдук ийэм бииргэ төрөөбүт быраата Кукарисов Иннокентий Дмитрьевич (1907 с. төрүөх) 1941 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр ыҥырыллан барбыт уонна1942 с. ыам ыйын 13 күнүгэр сэриигэ ылбыт баастарыттан госпитальга өлбүт, Сталинградскай уобалас Черепцово куорат кылабыыһатыгар көмүллүбүт. Улахан убайбыт Спиров Ньукуус Васильевич (1910 с. төрүөх) 1941 с. балаҕан ыйыгар бастакы хомуурга сатыы Туруктанан киирэн барбыт. Икки убайдарым Спиров Андрей Васильевич (1912 с. төрүөх), Спиров Иван Васильевич (1918 с. төрүөх) 1942 сыл бэс ыйыгар Ньурба военкомунан ыҥырыллан барбыттар. Бу дьонтон Андрей 1943 с. сэрии толоонугар охтубут, Москва аннынааҕы кыргыһыыга кыттыбыт, Иван 1944 с. от ыйын 22 күнүгэр кыргыһыы толоонугар охтубут, Кальварийскай оройуон Владиславово дэриэбинэ кылабыыһатыгар көмүллүбүт. Ньукуус Спиров 1943 с. кыһыныгар араанньы буолан, сыыйыллан дойдутугар эргиллэн кэлбитэ, колхознай- совхознай тутуу бэтэрээнэ, уон оҕо тапталлаах аҕата буолан Уһун күөлгэ олохсуйбута. Иккиһин бэбиэскэ тутан Тиксиигэ үлэ фронугар, балыктааһыҥҥа сылдьыбыта. 1999 с. муус устар ыйга бу дойдуттан букатыннаахтык барбыта. Төрдүс убайым Спиров Николай Васильевич 1944 с. бэс ыйыгар 17 сааһын туолаатын кытта ыҥырыллан барбыта. Снайпердар курстарыгар үөрэнэн, 1945 с. олунньу ыйга 1-кыУкраинскай фронт 21-с армиятын 543-с Гадчинскай полкаҕа түбэспит, Польшаны босхолооһуҥҥа кыттыбыт. 1948 с. бэс ыйыгар диэри Чехословакияҕа, Венгрияҕа, Германияҕа араас чаастарга сулууспалаабыт, ити сыл атырдьах ыйыгар дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Колхозка-совхозка тутуу бэтэрээнэ, сэттэ оҕо аҕата, 1996 с. Илимнииргэ олорон өлбүтэ. Оҕо сааһым төрөөбүт алааспар Чаачахааҥҥа ааспыта, олус иринньэх, мөлтөх доруобуйалаах буолан куруук ыалдьан тахсарым. Сэрии сылларыгар ас-таҥас суоҕа, тиийбэтэ элбэх оҕолоох ыалга эрэйи-кыһалҕаны үөскэппитэ. Биһиги аҕабыт туруу үлэһит буолан, сайынын араас оҕуруот аһын олордон- үүннэрэн, кыһынын бултаан биһигин ииппитэ. Биһиги кыра сааспытыттан оҕуруот аһын үүннэриигэ кыттыспыппыт, аҕабыт сайынын хортуоска, хаппыыста, моркуоп, луук, сэбирдэх табаах олордон оҕо аайы өлүүлээн, эн маны харайаҕын диэн быһан-ыйан биэрэрэ, оҕолор куоталаһа-куоталаһа өлүү үүнээйибитин харайарбыт: сыыс отун ыраастааһын, буорун сахсатыы, ууну кутуу курдук үлэлэри толорорбут, күһүнүгэр өлгөм үүнүүнү ыларбыт. Сайын от үлэтэ саҕаланнаҕына дьоммут обургу оҕолорун илдьэ үлэҕэ бараллара, дьиэҕэ биһиги үс кыра хааларбыт - эдьийим Маайа (1935), мин уонна быраатым Прокопий (1942 с. бэс ыйын 23 күнүгэр төрүөх). Күнү быһа кииһилэ хомуйан сиирбит, хаптаҕас хомуйан ууга ньыһан иһэрбит уонна атын астаахпытын өйдөөбөппүн, киэһэ хараҥа буолуута тиэргэммитигэр тахсан куустуһан олорон ытаһарбытын бу баардыы өйдүүбүн. Мин идэбинэн ыалдьан тахсарым, куруук өлө-тиллэ ыалдьабын, ол сэрии саҕанааҕы ыар дьыллар охсуулара буолуо дии саныыбын. 1946 с. күһүнүгэр Хадан начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим уонна биир чиэппэр үөрэнэн баран, хонноҕум анна былчархай буолан уурайан дьиэбэр кыһыны быһа сытан тахсыбытым. Ол саҕана балыыһа, быраас диэн суоҕа, дьонум хайдах сатыылларынан эмтээн үтүөрдүбүттэрэ. 1947 с. хос киирэн үөрэнэн Хадан 7 кылаастаах оскуолатын 1954 с. бүтэрэн Сунтаарга 8-с кылааска киирэн үөрэнэн истэхпинэ, аны муҥурум тэстэн өлө сыспытым. Анисимов Юрий Иванович диэн нуучча хирура быыһаан ылбыта. Киниэхэ үйэлэргэ махтал буолуохтун. 1958 с. бүтүүтэ 10-с кылааска үөрэнэ сылдьан аны туберкулезнай менингиттээн өлө сыспытым. Врачтар Кузнецов Карл Гаврильевич уонна Тарасенко Елена Григорьевна эмтээн-томтоон, үтүөрдэн атахпар туруорбуттара, кинилэргэ улахан махтал-баһыыба этэбин. 1963 с. сааһыгар диэри элбэхтик балыыһаларга, санаторийга эмтэммитим уонна эмтиир бырааһым Тарасенкоттан үөрэнэргэ көҥүл ылан, СГУ физико-математическай факультетыгар үөрэнэ киирбитим. 1968 с. үөрэхпин бүтэрэн Бордоҥ орто оскуолатыгар математика учууталынан ананан, 35 сыл устата үлэлээтим уонна бу дойдуга олохсуйан олоробун. Советскай кэмҥэ үөрэммит-үлэлээбит буолан уонна үгүс ахсааннаах үөрэнээччилэрим махталларынан дьоллоохпун.
|
|