03:51 Иннокентьев Егор Анисимович |
ИННОКЕНТЬЕВ Егор Анисимович(1920-1992)Наҕараадалара: «Берлини ылыы иһин», «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллэр. 1920 с. Арҕаа Андылаахха ыалга үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Биэс саастааҕар дьоно Куокунуга көһөн Бүөр күөл диэн сиргэ олорбуттар, Куокуну 4 кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. Улаатан баран колхоз Элгээн диэн учаастагар кыладыапсыгынан үлэлээбитэ. Сунтаарга киирэн 7 кылааһы бүтэрэн, пищекомбинакка атыыһытынан үлэлии сылдьыбыта. 1940 с. ЯФАШ-ка икки сыл үөрэммитин кэннэ 1942 с. бэс ыйыгар бэбиэскэни тутан фроҥҥа барбыт. Аҕыйах ыйга Беларусскай фронт 38-с ОВСБ саперынан сылдьыбыт. Оччолорго сэриигэ нууччалыы үчүгэйдик билбэт араас омук дьон ортотугар Егор Анисимович балай эмэ үөрэхтээх буолан, кинини отделение командирынан анаабыттар. 1943 с. төбөтүгэр контузия ылан госпитальга киирэн эмтэммит. Үтүөрэн тахсан баран байыаннай чааһыгар төннөн сэрии бүтүөр диэри этэҥҥэ сулууспалаан, ахтылҕаннаах дойдутугар 1948 с. муус устар ыйга эргиллэн кэлбитэ. 1951-52 сс. Тэҥкэҕэ экспедицияҕа мас соҕотуопкатыгар үлэлии сылдьан Мыреева Анна Григорьевнаны көрсөн ыал буолбуттар, түөрт оҕону төлкөлөөбүттэр. Хомойуох иһин, кэргэнэ 1960 с. Тойбохойго үҥкүү тыла этэ сылдьан суох буобута. Онон Егор Анисимович сэттэ оҕону кытта аҥардас хаалбыта. Ыарахан балаһыанньаламмыт уолугар ийэтэ Петрова Мария Сидоровна кэлэн күүс-көмө буолан, иккиһин кэргэннэммэккэ оҕолорун атахтарыгар туруортаабыта. Кини колхозка, совхозка араас үлэҕэ сылдьыбыта, дьоҥҥо сытыары-сымнаҕас, үтүө майгытынан сөбүлэтэрэ. 1985 с. бочуоттаах сынньалаҥҥа олорбута, 14 тапталлаах сиэннэрин көрсүбүтэ-харайсыбыта. 1992 с. балаҕан ыйын 30 күнүгэр ыарахан ыарыыттан бу сиртэн букатыннаахтык барбыта. (Кыыһа Иннокентьева Наталья Егоровна ахтыытыгар олоҕуран сурулунна). |
|