Суббота, 28.12.2024, 14:07
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 4
Гостей: 4
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Апрель 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    27282930
    Главная » 2020 » Апрель » 6 » Иннокентий Спиридонович ФЕДОРОВ
    10:33
    Иннокентий Спиридонович ФЕДОРОВ

    Иннокентий  Спиридонович  ФЕДОРОВ

    (1914-1942)

       Федоров  Иннокентий  Спиридонович  1914  сыллаахха  Сунтаар  оройуонугар Куокуну нэһилиэгэр Чкалов аатынан колхозтаах ыалыгар Спиридон Федорович Федоров уонна Тихонова Ирина Ефимовна дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
      Иннокентий колхоз председателинэн үлэлээбитэ. Омукова Мариялыын холбоһон олорбуттара. 1941 сылаахха  балаҕан ыйын 5 күнүгэр бииргэ төрөөбүт  быраатын Алексей Спиридоновиһы кытта сэриигэ ыҥырыллыбыттара. Кини сэриигэ сураҕа суох сүппүтэ. Туруктаҕа дылы Ленанан сатыы барарга күһэллибиттэрэ, тоҕо диэтэр Бүлүүнэн борохуоттар сылдьыбаттар этэ. Кинилэри кытта биир дойдулаахтара Петров Егор Константинович баара. Инникентий Спиридонович  туспа 2-с стрелковай батальоҥҥа  71-1 стрелковай биригээдэҕэ сэриилэспитэ.
       Муус устар  2 күнүгэр 1942  сыллаахха  Новгородскай уобалас Старорусскай оройуонун Гридино диэн дэриэбинэ диэки сураҕа суох сүппүтэ. Онно көмүллүбүтүн туһунан туоһулар бааллар.
       Питерга олорор Якутскайдааҕы постпредства сотрудниктарыгар Петров Евгенийга уонна Константинов Станиславка кини көмүллүбүт сирин буларга көмөлөһөллөрүгэр көрдөспүтүм. Кинилэр запрос ыыппыттарынан Старая Русса уонна Холм Старорусского куораттар, Холмскай, Парфинскай уонна Поддорской оройуоннар Новгород уобалаһын военнай комиссариата быһаарыытынан, кини уҥуоҕа Рамушево диэн сиргэ баар эбит. 1950-60 сыллардаахха Гридино оройуонуттан  биирдиилээн көмүллүбүт саллааттар уҥуохтарын Рамушевоҕа көһөрөн аҕалбыттар. Саллааттар ааттара суруллубут эргэ билиитэлэри аҕалбатахтар, саҥалары оҥорботохтор ол иһин  могилалар ааттара суох этэ.  2018 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр  олохтоох военкомат сакааһынан Рамушево администрацията саҥа билиитэлэри туруортаабыта.
       Билигин Иннокентий Спиридонович Федоров аата Старорусскай оройуон Рамушево воинскай Захороненияҕа 50№  «Учетнай карточканан» өлбүттэр испииһэктэригэр үйэтитиллэн турар.
       Бастаан утаа Рамушевоҕа мемориальнай билиитэ турбутун кэннэ мин бииртэн сөхпүтүм  - бу олус улахан буойуннар көмүллүбүт сирдэрэ этэ. Онно таксинан кэлэрбэр ардахтаах  күн этэ. Такситтан түһэн баран киирэр сиртэн тутатына тоҕо эрэ уҥа диэкки хаампытым, көрбүтүм сүрдээх элбэх бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаһар тэҥ могилалар бааллара. Атахтарым миигин чопчу убайым Иннокентий Спиридонович көмүллэ сытар сиригэр тиэрдибиттэрэ. Хайдах эрэ кини миигин бэйэтэ сирдээн аҕалбыт курдуга.

    Балта Федорова Полина Никитична

    Сэттэ уон биэс сыл да аастар умнубаппыт,
    Уоттаах сэрии тыйыс тыыннаах кэмнэригэр
    Кыргыһыыга охтубут, кыайыыны уһансыбыт,
    Үйэлэргэ умнуллубат үтүө дьоммутун

    Махтана сүгүрүй
    Кыайыыны айхаллыыр өрөгөй күнүгэр,
    Халҕаһа хаамсыыга- *Өлбөт полк* кэккэтэ...
    Бу күҥҥэ тиийбэтэх күндүттэн күндүлэр,
    Сүрэхтэн сүппэтэх бииртэн биир мөссүөннэр...

    Кыргыһыы толоонун буоругар хаалбыттар,
    Кыайыыны уһансан эргийбит буойуттар...
    Хоргуйуу, сут кураан эрэйин билбиттэр,
    Эйэлээх олохпут оҥкулун уурбуттар...

    Сүһүөхтээх бэйэҕин бокутан эн нөргүй,
    *Өлбөт полк* иннигэр махтана сүгүрүй.
    Кэлэр да кэмнэргэ кэнчээри ыччаккар,
    Киэн тутта кэпсээҥҥин холобур оҥоһун.

    Лидия-Илгийэ



    Просмотров: 317 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 4.0/1
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]