06:20 Ирина Афанасьевна ПОПОВА |
Үлэ ветерана Ирина Афанасьевна ПОПОВА туһунан Иванов Николай Егорович: Бордоҥ нэһилиэгэр Агдаардар диэн улахан дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Мин өйдүүрбүнэн Өрүүнэ мэлдьи фермаҕа ыанньыксыттыыр этэ, кыайар-хотор буолан элбэх ынаҕы тутан үлэлиирэ. Былаанын мэлдьи толорор уонна аһара толорор, колхозка, совхозка чемпион ыанньыксыт этэ. Коммунистическай үлэ ударнига буолбута. Өрүүнэ үлэҕэ олус үлүмнэс уонна кыһаллыгас буолан мэлдьи ситиһиилээх буолара. Ол саҕана Хара-Алданнар ньымаларынан тутуллубут хотон баара, кини онно үлэлээбитэ. Ол хотону аһара хайгыыр этэ, муостата арыттаах буолан сүөһү иигэ- сааҕа курдары түһэн хаалар буолан, сүөһүлэр ыраас буолаллар диирэ. Өрүүнэ кэргэнэ Тимофей эмиэ үлэһит киһи этэ. Кинилэр түөрт уол, икки кыыс оҕолоохторо кыраларыттан дьонноругар көмөлөһөн үлэлииллэрэ. Уолаттар бары техникаҕа сыһыаннаах буолан тракторист этилэр. Ирина Афанасьевна ситиһиилээх үлэтин иһин Москваҕа Норуот хаһүаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар сылдьан кэлбитэ. Онно дьэ сөҕөн-махтайан кэлбитин, үгүс кэпсээнин өйдүүбүн. Хаһан да кыыһыра сылдьыбат, мэлдьи. күлэн-үөрэн, дьээбэлэһэн, көрүдьүөһү кэпсээн күллэртиир буолара. Уопсайынан үчүгэй, сымнаҕас майгылаах үтүөкэн киһи этэ. |
|