09:43 Ирина Алексеевна ИВАНОВА, Егор Григорьевич ВАСИЛЬЕВ |
Тыыл, үлэ ветераннара Ирина Алексеевна ИВАНОВА, Егор Григорьевич ВАСИЛЬЕВ тустарынан уоллара Васильев Виталий Егорович: Тапталлах ийэбит Иванова Ирина Алексеевна 1929 с. төрүөх. Мин билэрбинэн, сэрии буолуор диэри ийэтэ Иванова Евдокия Ильиничнаны уонна эдьиийэ Зоя Алексеевнаны кытта колхоз ферматыгар ис-тас үлэҕэ сылдьыбыттара. Төһө үөрэхтээҕин билбэт эбиппин. Сэрии кэмигэр Кэппэндээйигэ туус собуотугар колхоз садаанньатын толоруутун суотугар ийэлээх эдьиийин кытары үһүөн үлэлээбиттэрэ. Эбэм Дьэбдьиэ: «Кыыһым эр дьонтон олох хаалсыбат этэ. Нуорманы таһынан инчэҕэй тууһу таачыкалыыра, оччолорго оҕо буоллун, улахан киһи буоллун, күннээҕи сорудаҕын толорор эрэ киһи нуорма килиэпкэ тиксэрэ, онон үһүөн тыыннаах хаалбыппыт. Ыарахан үлэҕэ доруобуйатын "сиэттэ” диэн олус хомойоро. Сэрии бүтэригэр үһүөн Сталин төбөлөөх мэтээллээх колхозтарыгар эргиллибиттэрэ. Бу олоххо сэдэх түбэлтэ. Бука бу мэтээллэринэн буолуо, кыра сылдьан оонньуурбутун өйдүүбүн. Аатырбыт булчут Хабый Хабырыыс-Гаврил Дмитриев: "Өрүүнэ окко бугулдьута бэрт этэ. Туттара түргэнэ, бугула элбэҕэ мээнэ киһи тэҥнэспэт кыыһа буолара” диэн ахтар этэ. Сэрии кэмиттэн детдомҥа, интернакка, детсадка наар поварынан үлэлээбитэ. Үлэтинэн сирдэрбит диэни истибэт этибит. Сэрии ыарахан усулуобуйата дьайан доруобуйата айгыраан, биһигини, биэс оҕону, тулаайах хааллартаан, баара эрэ 37 сааһыгар бу сиртэн бардаҕа. Эдэр да эбит... Аҕабыт Васильев Егор Григорьевич 1929 с. от ыйын 17 күнүгэр төрөөбүт. Ийэтэ эрдэ өлөн аҕатыгар соҕотох хаалбыта. Аҕата Васильев Григорий Данилович, норуокка биллэр аата Көөһөй Киргиэлэй, Каганович колхоз үлэһитэ. Биригэдьиир буолан броньнаах сылдьан 1943 с. уолун детдомҥа хаалларан баран, тылланан сэриигэ барбыта. Ол туһугар улуу героизм диэн сыаналыыбын. Сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕылла сылдьан баран, бу быйыл Кыайыы 70 сылын көрсө көмүс уҥуоҕа көһүннэ, аата тилиннэ. Ыраах Польша сиригэр Храбен (Храбеж) куоракка буойун суола өссө да чуолкайданар. Бу Көөһөй Киргиэлэй Каганович колхозка үлэлии сылдьан бааһынаҕа туора ыһыы диэни киллэрбит киһинэн буоларын умнар табыллыбат. Бу туһунан оччотооҕу колхоз биригэдьиирдэрэ Анисия Павлова, Семен Егоров бэрт иһирэхтик ахталлара, кэмигэр сыаналамматаҕа дииллэрэ. Киргиэлэй бииргэ төрөөбүт быраата сахалыы аата Хаһыыдьа эмиэ ити колхозка сылгыһыттаабыт. Сылгыны хамсаппат, харса суох киһитэ үһү. Эдэригэр быстах өлүүгэ былдьаммыта. Аҕабыт барахсан игирэ аҥара киһи, төрүү мөлтөх доруобуйалаах буоллаҕа, 5 кылааһы эрэ бүтэрбитэ. Колхозка үлэлээн баран, сэрии кэмигэр детдомҥа үлэ уруогун инструкторынан үлэлээн айаҕын булунар. Айылҕаттан дэгиттэр уус буолан аҕата бараатын утаа «сураҕа суох сүттэ» диэн биллэрии тутан, урукку детдом иитиллээччилэрэ оҕонньоттортон үгүс да махтал тыллаах ахтыылары истэрим. Ол бэйэлэрэ билигин суохтар. Сэрии сиэлэ- кутуруга буоллаҕа. 1945 с. кинини сэбиэт секретарынан талаллар, 1946 с. сайыныгар диэри үлэлэтэллэр, онтон сокуоннай сааһын ситэ илик диэн уураталлар. Ити кэнниттэн аны Хадан сельпотугар счетоводунан 1948 с. күһүнүгэр диэри үлэлиир. Онтон 1949 сылтан биир сыл Бордоҥ оскуолатын счетоводунан, 1950-1953 сс. эмиэ Бордоҥ детдомугар үлэ инструкторынан үлэлиир. 1953 с. кулун тутартан Бордоҥ сельсоветыгар 1975 с. атырдьах ыйыгар олохтон туоруор диэри, бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Аҕабыт барахсан үлэтин тухары солбуллубат депутат, суут сэтээтэлэ, дьыала-куолу, сурук-бичик дьыалатын лаппа баһылаабыт киһи этэ. Ылыннарыылаах тылынан, эппитин толорорунан дьон-сэргэ ытыктабылын ылыан ыллаҕа. Сытар ынаҕы туруорбат майгыта, дьоҥҥо үтүөнү эрэ саныыра, дьиҥнээх «норуот киһитэ» дэнэн «Сэкиритээр Дьөгүөр» ааттанан дьон өйдөбүлүгэр хааллаҕа. Итини барытын оччотооҕу Верховнай сэбиэт, партия обкомун иккилии Бочуотунай грамоталара, райком, райсовет элбэх грамоталара, махтал суруктара бигэргэтэллэр. Итилэр бары биһиэхэ, кини оҕолоругар, күндү кэриэс, үтүө өйдөбүл буолан ууруллан сылдьаллар. Биһиги төрөппүттэрбит төһө да эдэр саастарыгар күн сириттэн күрэммиттэрин иһин, кинилэр ситэ олорботохторун биэс оҕолоро, үгүс ахсааннаах сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, хос-хос сиэннэрэ салҕаан, дьон сиэринэн бүтүн Россияҕа тарҕанан, республика араас муннуктарыгар олоробут. Тыыннаахтара буоллар биһиги туспутугар кыбыстыа суох этилэр, сорохпутунан киэн туттуохтара этэ диэн иэйэ ахта, саныы сылдьабыт.
|
|