01:56 Ирина (Өрүүсэ) Гаврильевна ЛЕОНТЬЕВА |
Тыыл, үлэ ветерана Ирина (Өрүүсэ) Гаврильевна ЛЕОНТЬЕВА туһунан уола Леонтьев Юрий Петрович: Өрүүсэ 1918 с. дьадаҥы ыалга бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Аҕата Гаврильев Гаврил Алексеевич төрүт Бордоҥ олохтооҕо, ийэтэ Иванова Анастасия Алексеевна Тойбохойтон төрүттээх. Бииргэ төрөөбүттэр биэстэр. Аҕалара ыалдьан эрдэ Ерүүсэ 7 саастааҕар өлбүт. Ийэм эһэтэ Ленскэйтэн төрүттээх Мыреевтар эбиттэр. Ийэлэрэ, биһиги эбэбит Настаай, кыра буолан баран сүрдээх үлэһит дьахтар эбит, бэдэрээккэ Ленскэйинэн сылдьан этинэн, арыынан эргинэрэ, кэлин үүнээйи үүннэрэр буолбут. Тэҥкэ кырдьаҕас олохтоохторо кинини уонча сыарҕалаах Ленскэйгэ ааһар этэ диэн кэпсииллэрэ. Ийэм быраата Степан 1941с. сэриигэ ыҥырыллан баран төннүбэтэҕэ. Матрена 10 сааһын ааһан баран ыалдьан өлбүтэ. Татьяна Илимнииргэ ыал буолан олорбута, кэргэнэ Васильев Егор сэриигэ сылдьыбыта. Кыра уол Михаил Гаврильевич 1944 с. бэс ыйын 22 күнүгэр Советскай армия кэккэтигэр ыҥырыллан, Японияны утары сэриигэ кыттыбыта. Сэрииттэн 1947 с. от ыйын 2 күнүгэр төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлбитэ, бэрт уһуннук саһыл ферматыгар үлэлээбитэ. Аҕалара эрдэ өлөн, аҥардас ийэлэригэр иитиллэн, ыал улахан оҕото Өрүүсэ кыратыттан үлэҕэ эриллэн улааппыта. Сэрии иннигэр кини Гуляев Гаврил Никитич диэн огдообо киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. Гуляевтар элбэх ыалдьыттаах-хоноһолоох ыал этилэр. Дьиэлээх хаһаайыттар киирбит ыалдьыты сылаас чэйинэн, минньигэс аһынан көрсөллөрө, иккиэн Жданов колхозка үлэлииллэрэ. Ити курдук үлэлээн-хамсаан, дьоллоохтук- соргулаахтык олордохторуна сэрии саҕаламмыта. Гаврил Никитиһы сэриигэ барыан иннинэ колхозтаахтар эппит тылын толорор, олус ылыннарыылаах тыллаах диэн, Жданов колхоз председателинэн талбыттара. Бу үлэтигэр өр үлэлээбэтэҕэ, 1942 с. армияҕа барбыта. Молотов куоракка тиийэн байыаннай үөрэххэ үөрэнэр, салгыы сулууспалыыр чааһын кытта Ильмень күөлгэ тиийэн 1943с. олунньу 23 күнүгэр кыырыктаах кыргыһыыга кыттар. Гаврил Никитич ити кыргыһыыга сураҕа суох сүппүтүн туһунан биир дойдулааҕа Хадантан төрүттээх Васильев Тит Степанович кэпсээбит, саллаат өлбүтүн туһунан биллэрии да кэлбэтэх. Ити курдук эдэркээн Өрүүсэ саллаат огдообото буолан хаалар. Сэрии сылларыгар Өрүүсэ хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри икки хараҥаны ыпсаран үлэлиирэ. Байыаннай кэм буолан туох да утары этиитэ суох эдэр кыыс мас кэрдиитигэр, тиэйиитигэр, от үлэтигэр, бурдук ыһыытыгар, хомуйуутугар - барытыгар сылдьыбыта. Ити курдук саллаат огдообото Өрүүсэ күргүөмнээх үлэҕэ кыттыһан тыылга эмиэ кыайыыны уһансыбыта. Кини тапталлаах кэргэнин өр сылларгүа күүтэн баран, биһиги аҕабытыгар Леонтьев Петр Егоровичка кэргэн тахсан, алта оҕону төрөтөн, көрөн-харайан үөрэхтээх дьон оҥортоото. Оҕолоро бары араас идэни ыланнар, үлэлии-хамсыы сылдьаллар, билигин бэйэлэрэ сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх кырдьаҕас ыаллар. Ийэбит эдэригэр үлэҕэ кыайыгас, сатабыллаах, киириилээх-тахсыылаах диэн үөлээннээхтэрэ ахталлара. Аҕабытын кытта ийэм куска, куобахха тэҥҥэ сылдьар этибит диирэ. Хойукка диэри кыралаан сааланар этэ. Сааһыран баран Киирэпкэ кыра быраатыныын Михаил Гаврильевичтыын тус-туспа дьиэ туттан сайылыктанан олорбуттара. Аҕам сылгыһыт буолан дьиэтигэр хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт курдук буолара, онон дьиэ ис-тас үлэтэ барыта ийэбитигэр тиксэрэ. Ону барытын үлэлээн, тулуйан, биһигини атахпытыгар туруоран, ыал оҥорон, дьиэлээн-уоттаан барбыт улахан өҥөлөөх. Олох хойукка диэри кини сылаас илиитинэн тикпит бэргэһэлэрин, этэрбэстэрин бэл сиэннэрэ кытта кэппиттэрэ. Аҕабар ыт саҥынньах, сутуруо, ыт үтүлүк, түүлээх бэргэһэлэри тигэн кыһыҥҥы тымныылары билбэт гына хааччыйара. Ийэбит ордук уолаттары чорбото тутара. Төһөлөөх да куһу, куобаҕы өлөрбүппүт иһин, түргэн баҕайытык үөрэ-кете үргээн, сүлэн астаан кэбиһэрэ. Аҕабыт булчут киһи этэ. Сыл аайы хаас сиир этибит. Аҕабыт өлүөҕүттэн ийэбит хайдах эрэ тулаайахсыйан, биир ыалга тэһийэн олорбот буолан хаалбыта, оҕолоругар кэрийэ сылдьан олорбута. Ийэбит алаадьытын, дьэдьэннээх сүөгэйин, суоратын, уохтаах кымыһын, күөрчэҕин билигин да суохтуубут. Ийэбит биһиги туспутугар кыһамньыта тугунан да кэмнэммэт. Билигин аттыбытыгар бааллара буоллар тапталлаах дьоммут 17 сиэн, 16 хос сиэн оҕолоруттан күннэрэ-ыйдара тахсыа, үөрүүлэрэ үрдүө этэ. |
|