Суббота, 28.12.2024, 14:30
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 9
Гостей: 9
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 17 » Ирина Васильевна МИТРОФАНОВА
02:08
Ирина Васильевна МИТРОФАНОВА

Үлэ ветерана,

СР тыа хаһаайыстыбатын ветерана,

СР үтүѳлээх наставнига

Ирина Васильевна МИТРОФАНОВА:

Мин 1940 с. Күндэйэ нэһилиэгин Элгээн түбэтигэр элбэх оҕолоох, колхозтаах дьиэ кэргэҥҥэ тѳрѳѳбүтүм. Аҕыс бииргэ тѳрѳѳбүттэртэн ахсыс, ыал кыра оҕото этим. Эһиилигэр алдьархайдаах Аҕа дойду сэриитэ буолбутугар аҕабын сааһынан хапсыбат диэн ыыппатахтар. Биһиги дьиэ кэргэнтэн аҕам быраата Петров Илья Алексеевич 1942 с. сэриигэ ыҥырыллан барбыт эбит. Дьоммор аҕыйах сурук ыытара үһү, онно «убайдарым, эдьиийдэрим, оҕолоргутун үѳрэттэриҥ, мин үѳрэҕэ суох буолан, олус эрэйдэнним» диирэ үһү. Ылдьаа Бордоҥтон Прокопьев Семен Афанасьевичтыын 1943 с. Ильмень күѳл кыргыһыытын саҕана кѳрсѳн кэпсэтэн турардаахтар эбит. Семен Афанасьевич кэпсииринэн, убайбыт Ылдьаа олус бэргэн ытааччы эбит. Кэлин Ильмень күѳлү туораабыттар испииһэктэригэр киирбит эрээри, сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыллыбыт.

Сэрии кэмигэр сут-аччык кэмнэр ааспыттара, хата аҕабыт бултуур-алтыыр буолан бүтүн колхоз дьонун хааччыйан, үгүс дьон билигин махтанар.

1947 с. Күндэйэҕэ нулевой кылааска үѳрэнэ киирбитим. 2-с кылааһы бүтэрэн баран сайыныгар от үлэтигэр оҕус сиэтээччинэн үлэлэспиппин ѳйдүүбүн. Сэрии кэннинээҕи кэмнэр буолан, киһи бары үлэлиирэ, оҕо диэн олорбот этибит. Оччолорго сайын куйааска оҕус тигиилээн тѳлѳ кѳтѳн баран хаалан эрэйдиирэ. Оҕонньоттор ол аайы бачча улахан кыыс оҕус муннун да кыайан туппат диэн сэмэлииллэрэ. Биирдэ күүскэ мѳхтүлэр, эбиитин оҕус баран ѳлѳн хааллаҕына эйиэхэ тѳлѳттѳрүѳхтэрэ диэн дэлби куттаатылар. Мин кырачаан киһи, олус уолуйдум-куттанным, ойуур кытыытыгар олорон дэлби ытаан баран дьиэбэр кэлэн хааллым. Аҕам баран кэпсэппитэ буолуо, сарсыныгар от кээһэр звеноҕа бэйэлэрин кытта илдьэ бардылар. Ол кэннэ оҕуспун дьонум бэйэлэрэ кѳрѳн-истэн, үлэлээбитин кэннэ сойута түһэн, ѳртѳѳн туран аһатан, үлэм арыый чэпчээбитэ. Оннук үс сылы быһа оҕус сиэтэн баран, аны атынан от мустарааччы буолбутум. Дьэ ити курдук бэрт кырабыттан от-мас үлэтигэр үѳрэммитим.

Сэрии алдьархайдаах кэмигэр үлэһит илии тиийбэтэ эбитэ буолуо, ыал оҕото барыта кыра сааһыттан үлэҕэ эриллэн-мускуллан син киһи-хара буолбуппут. Ол барыта дьиҥэ ыллахха кэлин олохпутугар туһалаан, үлэҕэ эппиэтинэс, дьиссипилиинэ, нуорма, былаан туолуута курдук уопукка үѳрэппит эбит.

Кэлин 1959 с. Элгээйи оскуолатын үөрэнэн бүтэрэн, бухгалтер идэтин баһылаабытым. 1967 с. «Бордоҥ» совхоз тэриллибитигэр  ананан кэлэн дьиэ кэргэнинэн олохсуйбуппут. Оруобуна 30 сыл бухгалтерынан үлэлээбит кэмнэрбэр, ол да кэннэ нэһилиэк общественнай олоҕор активнайдык кыттабын. Өр сылларга Владимир Михайлов салайааччылаах аатырбыт «Маяк» ыччат-комсомольскай ферматыгар политтэрийээччинэн үлэлээн СР үтүөлээх наставнигын аатын ылбытым.

Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ саҥаны-бастыҥы олоххо киллэрэ, күн бүгүнүгэр диэри тиийэн кэлэн, сэрии сылларын оҕолоро диэн ааттана сырыттахпыт.

 

Просмотров: 280 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]