Суббота, 28.12.2024, 14:30
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 9
Гостей: 9
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Иван Арьянович СИДОРОВ
10:17
Иван Арьянович СИДОРОВ

Тыыл, үлэ ветерана

Иван Арьянович СИДОРОВ туһунан

сиэнэ Черепанов Тимур:

Мин хос-хос эһэм Сидоров Арьян Степанович - норуокка биллэринэн Арыйаан уус үс уолаттара Михаил, Иван, Коля эмиэ аҕаларын утумнаан бары уус идэтигэр сыстаҕас буола улааппыттар. Улахан уол Михаил идэтийбит мас ууһа, оһохчут, кыра уола Коля тракторист, токарь идэтин баһылаан бэйэтин көлүөнэтин инники күөнүгэр сылдьыбыта.

Оттон биһиги Арыйаан уус орто уолуттан сыдьааннаахпыт. Мин хос эһэм Сидоров Иван Арьянович 1935 с. Уһун күөлгэ төрөөбүтэ, Бордоҥ буоругар буһан-хатан улаатан, манна ыал буолан 10 оҕону төрөтөн элбэх сиэннэнэн, хос сиэннэнэн олорор. Кини элбэх идэлээх, өссө бэйэтэ техниканы айан, толкуйдаан оҥорор мындыр уус. Колхоз чилиэнэ буолуоҕуттан молотилканы тракторынан состоро сылдьан бурдук сыстаран үлэлиир эбит. Дьокуускай куоракка баран үөрэнэн машинист идэтин баһылаан кэлэр уонна уот линиятыгар үлэлээн тракторынан эрийтэрэн электрическай уоту биэриигэ кыттыбыт. 1956 с. аан бастаан пилораманы үлэлэппитэ. Сунтаарга тракторист курсугар үөрэнэн тракторист идэтин баһылаабыта, мастерскойга слесардаабыта, сварщиктаабыта. Бэйэтэ айан-тутан элбэх саҥаны олохтообута. Ол курдук фермаларга ынах ыыр аппараттары установкалаабыта, фермалары уунан ититэр системалаабыта, кормокухнялары оҥорбута. Механизатордар ортолоругар биллэр-көстөр миэстэни ылбыта. Ити курдук мин хос эһэм Иван Арьянович аҕатыттан, биһиги хос хос эһэбититтэн Арыйаан Уустан элбэххэ үөрэнэн, талааннаах тарбахтаммыт, мындыр өйдөммүт эбит диэн саныыбын. Билигин мин хос эһэм Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, элбэх бочуотунай грамоталардаах, наҕараадалардаах. Үчүгэй үлэтин иһин эмиэ улуу Москуба куоракка күүлэйдээн кэлбитэ. Эһэм билигин даҕаны сүүрэ-көтө сылдьар, саха киһитин быһыытынан хас күһүн аайы сүрдээх улахан муҥханы тэрийэн дьону мунньар, эбэ бэрсибит балыгыттан дьонун-сэргэтин аһатар үгэстээх. Кырабыттан миигин батыһыннара сылдьан уһанарыгар, оттууругар, бултууругар үөрэтэр. Эһэбиниин өссө күөлгэ ыамалары ыытан балыгы элбэтэр үгэстээхпит, “Улааттаххына бу күөллэргэ кэлэн балыктыаҥ” диэн этэр. Мин хос эһэм уруккуну кэпсиирин олус сэргээн истэбин, сөбүлүүбүн. Эһэм ыһыахха оһуохайдыырын, туойарын дьон сэргээн истэр. Мин маннык эһэлэрдээхпинэн киэн туттабын, кинилэр ааттарын түһэн биэрбэккэ элбэххэ үөрэниэм, дьоҥҥо туһалыам дии саныыбын.

 

Просмотров: 283 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 3.0/1
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]