Четверг, 09.05.2024, 17:45
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Март 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
          1
    2345678
    9101112131415
    16171819202122
    23242526272829
    3031
    Главная » 2020 » Март » 17 » Иван Арьянович СИДОРОВ
    09:59
    Иван Арьянович СИДОРОВ

    Иван Арьянович СИДОРОВ

     

    Мин Жданов колхоз чилиэнэ буолан 1952-1954 сылларга күһүн аайы от молотилкатын үлэлэтэн, бурдук сыстаран, онтон от кээһэр стокаметатель кэлбитин үлэлэппитим. ПМК молотилка кэлбитин ХТЗ тракторынан сылдьан Тэҥкэҕэ, Куруҥ Балаҕаҥҥа, Бордоҥҥо бурдук сыстарбытым.

             1953 сыл сайыныгар Д.С.Докторовтыын Дьокуускайга баран 3 ый машинист курсугар үөрэнэн кэлбитим.

             1954 сыл сайын уот линиятын маһын кэрдэн, баҕанатын туруоран, линиятын тардан 1955 сыллаахха МТЗ-2 тракторынан эрийтэрэн маҥнайгы электрическэй уоту биэрбиппит. Д.С.Докторовтыын ыаллары кэрийэ сылдьан лаампаларын монтаажтаан киллэрбиппит, онтон 1956 сыллаахха Д-20 нефтедвигатели үлэлэтэн Д.С. Докторов, Тихонов Егор Иванович-1, Васильев Яков Дмитриевич уонна мин буолан Кураанах үрэх үрдүгэр кыра колхозница пилораманы үлэлэппиппит. Мин 1958-59 сылларга ол пилорамабытын Михайлов Михаил Михайловичтыын МТЗ-2 тракторынан көһөрөн илдьэн Тэҥкэ оскуолатын маһын уонна ыалларга мас эрбэтэн үлэлээбитим. Онтон 1960 сыллаахха Сунтаарга киирэн 3 ыйдаах трактор курсугар үөрэнэн бүтэрэн тахсарбар Якутскайтан кэлбит саҥа ДТ-54 тракторы миэхэ туттарбыттарын илдьэ тахсан 1967 сылга диэри үлэлээбитим. Онтон 1967-1972 сылларга киин мастерскойга слесарь ремонтердаан уонна сварщиктаан үлэлээбитим. 1972-78 сылларга Бордоҥ отделениятын механигынан үлэлээбитим. 1978-90 сыллар усталарыгар МЖФ инженеринэн уонна монтажтыыр биригээдэ салайааччытынан үлэлээбитим. Сайын аайы сиилэс звенотун салайан сиилэстиир этибит. Райком үлэһиттэрэ тахсан сиилэстиир звеноҕа хас да сыл үлэлэспиттэрэ. Сиилэстиир комбайн кэлбитин кэннэ мехзвенону салайан элбэх сыл үлэлээбитим.

             1956 сыл сайыныгар Гуринова Софья Андреевнаны кэргэн ылан 6 кыыс, 4 уол оҕолордонон бары уон кылаас үөрэхтээх дьон буоллулар. 7 оҕолорум ыал буолан сүүрбэччэ сиэн, эмиэ сүүрбэччэ хос сиэни күн сирин көрдөрөн орто дойду олоҕор, үлэ үөһүгэр сылдьаллар, кыралар үөрэнэ сылдьаллар. Тапталлаах кэргэним Софья Андреевналыын бу орто дойду олоҕор 63 сыл 5 ый уһун дьоллоох олоҕу олорон үөрэн- көтөн, таптаһан эйэ дэмнээхтик, эн мин дэһэн уһун дьоллоох олоҕу олордубут диибин. Ол гынан баран 85 сааспытын уонна ыал буолан олорбут 65 сыллаах үбүлүөйбүтүгэр тиийдэрбит киьһи дэһэрбит. Онтубут баара тапталлаах кэргэммин инсульт ыарыы буулаан 21 ый устата эм күүһүнэн уонна оҕолорун үчүгэй көрүүлэринэн, олохтоох балыыһа көмөтүнэн, Сунтаартан скорай хаста да тахсан Сунтаарга киллэрэн эмтээн үйэтин син уһата сатаатылар. Саамай кыра хос сиэнин Оливияны сылаас сымнаҕас илиитигэр көтөҕөн, сыллаан- уураан бу орто дойду олоҕуттан букатыннаахтык барда.

             Олох салҕанар… Оҕолор ыал буолан, сиэннэр, хос сиэннэр өссө хос- хос сиэннэр кэлэннэр бу орто дойду олоҕун киэргэтэн, ууһаан- тэнийэн унаар буруобут уһаатын, сылдьар суолбут уһаатын, сылдьар аартыкпыт элбии турдуннар.

     

    Ахтыыны суруйдум Сидоров Иван Арьянович

    Кулун тутар 3 кунэ 2020 сыл.

     

    Просмотров: 236 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]