Суббота, 28.12.2024, 14:33
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 9
Гостей: 9
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Иван Егорович ПЕТРОВ
06:20
Иван Егорович ПЕТРОВ

Тыыл, үлэ ветерана

Иван Егорович ПЕТРОВ туһунан

кыра кыыһа Стручкова Лидия Ивановна:

Биһиги аҕабыт сахалыы сайдам санаалаах, мындыр айылгылаах, үлэни-хамнаһы өрө туппут, дьонно-сэргэҕэ үтүөнү-үчүгэйи оҥордорбун диэн сыаллаах-соруктаах олох олорбут элбэх оҕолоох-уруулаах дьиэ кэргэн ытык аҕата, дьоһун-мааны саха киһитэ этэ. Ходуһатыгар таҕыста да бастыҥ отчут, хара тыатыгар байанайдаах булчут, үлэтигэр-хамнаһыгар сатабыллаах салайааччы, дьиэ кэргэнигэр тапталлаах кэргэн, амарах аҕа, эһэ.

Аҕам дьаныардаах үлэһит, кыайыгас, сатабыллаах, аймахтарын, оҕолорун, сиэннэрин, үлэҕэ уһуйан, көмөлөһөн барыбытын түмэн олорбута, кини олоҕун оскуолата барыбытыгар холобур буолар. Сахалыы сиэри-туому олус тутуһар этэ. Биһиэхэ, оҕолоругар, өбүгэлэрбит үгэстэринэн, дьиэлээх-уоттаах, сүөһүлээх-астаах буолуохтааххыт диирэ, кыра эрдэхпититтэн сайынын оттоон, үлэ көлөһүнүн сыаналыырга, ас-таҥас хантан кэлэрин билэргэ үөрэтэрэ, дьоҥҥо харыстабыллаах, истиҥ сыһыаннаах буоларга, хас биирдии киһини улахаҥҥа-кыраҕа араарбакка ис санааты уһугуннарар, дьолго тардыһар гына иитэрэ.

Аҕабыт Иван Егорович 1933 с. Маар күөлгэ дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кини бэрт кыра эрдэҕиттэн, оччотооҕу аас-туор сыллар эрэйин-ыараханын этинэн-хаанынан билэн улааппыта. Үлэтин урукку Жданов аатынан колхозка саҕалаабыта. Кэлин «Сунтаар», «Бордоҥ» совхозтарга орто сүһүөх салайар кадрынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. 1967 с. ССКП Сунтаардааҕы райкомун бюротун уураҕынан Читаҕа советскай-партийнай оскуолаҕа экономист-тэрийээччи идэтин баһылаан, 1970 с. «Бордоҥ» совкозка управляющайтан саҕалаан совхоз дириэктэрин хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччытыгар тиийэ үүммүтэ. Кини сатабыллаах салайааччы, ханнык баҕарар үлэһити кытта уопсай тылы булар, ыллыктаах өйдөөх-санаалаах уонна үлэҕэ көҕүлүүр талааннаах буолан, совхоз дирекцията уонна паркома аҕабытын хаалыылаах кытыы учаастактарга - Хадаҥҥа, Илимнииргэ, Тэҥкэҕэ үлэлэппитэ. Ол түмүгэр бу учаастактар бастыҥ үлэлээхтэр ахсааннарыгар киирбиттэрэ. Манан сиэттэрэн аҕабыт барахсаны партия райкома куруутун үлэ-хамнас тохтубут, ыарахан үлэлээх учаастактарга ыытара. Кини хайа да үлэҕэ ылыстын,барыта куруук үтүө түмүктэнэн, ситэн-хотон, орун-оннугар туран, тып-тап курдук табыллан, кэмигэр бүтэн-оһон иһэрэ. Үлэлиир сылларыгар ханнык баҕарар мунньахтарга бэ йэтин санаатын аһаҕастык этэн, туруорсан совхоз материальнай базата бөҕргүүрүгэр, экономиката тупсарыгар төһүү күүс буолбута, бастыҥ үлэлээх коллективтары тэрийиигэ билиитин, сыратын-сылбатын биэрбитэ. Ол да иһин оройуон оччотооҕу үчүгэй үлэлээх-хамнастаах производство салайааччыларын ортолоругар биллэр-көстөр этэ. элбэх эдэр салайааччы кини ыллыктаах тылын истибит, үлэтигэр-хамнаһыгар туһаммыт буолуохтаах. Онон бу орто дойдуга кэлбит ытык иэһин толорон, иккис төрөөбүт дойдутунан ааҕар Бордоҥ нэһилиэгин сайдарын туһугар тугунан да кэмнэммэт улахан кылаатын киллэрбитэ саарбаҕа суох. Хаһан да бйэтин иннин көрүммэккэ, дьон, үлэ туһа диэн сылайары-сынньанары аахсыбакка, түүннэри- күнүстэри түбүгүрэрэ, оҕолорун, кэргэнин, дьиэтин- уотун хаалларан туран ыраах сытар нэһилиэктэргэ баран, үрдүгэр олорон үлэлиирэ. Бу дьиэлээх- уоттаах, кыра оҕолордоох киһиэхэ ыарахаттардаах этэ.

Биригэдьиир диэн производствоны салайыыга, дьону кытта үлэҕэ саамай тутаах уонна уустук үлэ. Урукку салайааччылар туох эмит итэҕэс-быһаҕас буоллаҕына, былаан туолбатаҕына тута биригэдьиирдэр үрдүлэригэр түһэр этилэр. Аҕам хайдах да бэйэлээх эр дьону, дьахтары тылыгар киллэрэн үлэлэтэр буолара, производствоҕа сылдьар үлэһиттэри, рабочайдары кытта түргэнник биир тылы булар ураты дьоҕурдаах этэ. Кини салайар биригээдэтэ үүт ыаһыныгар оройуоҥҥа бастакынан 2000-х кирбиини ылбыта. Кини сылгы иитэр биригээдэни эмиэ салайара, ону таһынан эбии аһылык бэлэмнээһинэ, оттук маһы кэрдии, сайын от үлэтэ о.д.а кини санныттан түспэтэ. Биирдэ эмит уоппускаҕа бардаҕына, ону толору туһаммакка үлэтигэр эрдэ тахсарын өйдүүбүн. Биир сайын от үүммэтэх сылыгар ыраах тыаҕа отчуттары салайан үлэлэтэн «Урал» мотоцикл, «Дружба» фондаларынан бириэмийэлэммитэ. «Сардаҥа» биригээдэтигэр 400 төбө ыанар ынах хотону тутууга биригэдьиир-прорабынан эмиэ мин аҕам анаммыта. Оччолорго сүөһү комбикормата ыраах Осетровоттан тиэйиллэрэ, манна аҕам массыыналар колонналарын салайааччынан эмиэ сылдьыбыта. Суолга араас балаһыанньа буоларын кэпсиирэ. Биирдэ кэлэн иһэн Алдан остолобуойугар аһыы олордохторуна иҥнэри сиргэ хаалларбыт массыыналара сыыртан түһэн остолобуой биир эркинин алдьаппыт. Манна даҕаны аҕам улаханнык долгуйбакка, оччолорго «Алданзолото» тэрилтэҕэ үлэлиир улахан салайааччы аймаҕа буолан, массыына уонна остолобуой суһаллык өрөмүөннэнэн, биир да харчыны төлөөбөккө дойдутугар эргиллибит. Бу да түбэлтэттэн кини киэҥ көҕүстээҕэ, булугас өйдөөҕө, сатабыла, дьону кытта биир тылы булан кэпсэтэрэ ырылхайдык көстөр. Кини общественнай үлэҕэ актыыбынайдык кыттара. Үлэлиир отделениетын сэбиэтин, партийнай бюротын чилиэнинэн, нэһилиэк сэбиэтин депутатынан талыллан элбэх өрүттээх үлэлэри ыыппыт. Бэйэтин сэмэй майгытынан, үтүө суобаһынан, дьон-сэргэ ытыктабылын ылыан ылбыта. Өр сыллаах үлэтэ, совхоз, оройуон грамоталарынан, элбэх мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран совхоз ыанньык биригээдэтигэр үөскээбит ыарахан балаһыанньаны киирэн көннөрбүтэ. Итиннэ сүөһүнү этэҥҥэ кыстаппытын иһин партия райкома махтанан Т-16 тракторы босхо биэрбитэ. Олорон, үлэлээн сылдьыбыт сирин кырдьаҕастарын ааҕа билэрэ, кыһалҕаларын истэрэ, кыаҕа баарынан көмөлөһөрө.

Мин аҕабын аһыныгас, амарах санаалаах, киэҥ көҕүстээх, ыраас суобастаах, бастыҥ салайааччы, улахан дьиэ аҕа баһылыга, үлэҕэ муҥура суох бэриниилээх, итэҕэскэ-быһаҕаска эйэлэспэт коммунистыы көнө сүрүннээх, сырдык өйдөөх-санаалаах бэйэтин көлүөнэтин чулуу бэрэстэбиитэлэ диэн тоһоҕолоон уонна киэн туттан бэлиэтиэхпин баҕарабын.

 

Просмотров: 214 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]