16:16 Иван Иванович САВВИНОВ |
Иван Иванович САВВИНОВ (1937-1984) Биһиги аҕабыт ыам ыйын 25 күнүгэр 1937 сыллаахха Куокуну нэһилиэгин "Отуруус" түбэтигэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Марфа Афанасьевна, аҕата Иван Афанасьевичтыын сүөһү иитэн, бурдук ыһан син оччотоону дьон сиэринэн олорбут боростуой дьоннор эбит. Аҕам эһээтэ, Саввинов Афнасий, 5 оҕолоох эбит. Саамай улаханнара Василий, Иван-1896 с.т, Сэмэн -1899 с.т, Данил -1906 с.т. уонна кыралара Анна-1903с.т. Кинилэртэн Иван уонна Сэмэн сэриигэ бэбиэскэ туппуттар. Аҕам аҕата, Иван Афанасьевич, бэс ыйыгар 1942 сыллаахха бэбиэскэ тутан Ийэ дойду көмүскэлигэр сэриигэ аттаммыт. Аҕата "Отуруус " түбэтиттэн сэриигэ барарыгар 5 саастаах оҕону, уҥуоргуттан санныгар сүгэн Тэҥкэҕэ "Уһун күөл" ферматыгар аҕалан олохтоон барбыт. Ол сыл кыһыныгар фронтан ийэтэ, кэргэнэ өлбүтүн туһунан хара сурук тутар. Кинилэр сэрии сут дьылыгар ыарахан олохторо саҕаламмыт. Аҕатын быраата Данил Афанасьевич дьиэ кэргэнинээн "Отуруус" түбэтигэр олорон аччыктаан, ыалдьан өлбүттэр. Оҕолорун Сэмэни түбэһэ көрөннөр детдомҥа ыыппыттар. Аҕам ийэтэ, Марфа Афанасьевна, "Уһун Күөл" ферматыгар ыанньыксытынан үлэлээбит. Аччык дьылга 4-5 саастаах оҕо ийэтин батыһа сылдьан куруускаҕа ийэтэ ыабыт ынаҕын сыппайан иһэн тыыннаах хаалбыт. Сороҕор сэппэрээтэртэн үүт анна ордон иэдьэгэй буолбутун хомуйан сиир эбит, ону даҕаны улахан уолаттар иэдьэгэйин сыыһын былдьаан сиэн ытаталлар эбит. 8 сааһыгар Тэҥкэ начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбит. Түөрт сыл үөрэнэн баран салҕыы Тойбохойго үөрэнэ барбыт. 3 нэдиэлэ үөрэнэн баран тэһийбэккэ төннөн кэлбит. Ийэтэ чугастыы Куокуну оскуолатыгар үөрэттэрбит. Ыраах сиртэн үөрэнэр оҕолорго ыйга 11 киилэ бурдук биэрэллэр эбит. Ийэтэ ол бурдугунан килиэп оҥостон аһаан олорбуттар. Үөрэнэр условиета суох буолан сэттэ эрэ кылааска дылы үөрэммит. 1954 сылтан Тэҥкэҕэ "Чкалов", "Жданов" колхозтарга фермаҕа үлэлээбитэ. Сайын оттоон, кыһын оҕуһунан от түҥэтээччинэн үлэлээбит. 1958 сыллаахха "Бэттиэмэ" ферматыгар тарбыйах көрөөччүнэн үлэлии сылдьан кэргэнин Нина Васильевнаны көрсөн ыал буолбуттар. Ыал буолан кэргэнин көһөрөн дьиэтигэр аҕалан баран, 2 хоноот бэбиэскэ тутан Сэбиэскэй армия кэккэтигэр сулууспалыы барар. 1958- 61с. дылы Приморьеҕа Владивосток куораттан чугас 40083 воинскай чааска сулууспалыыр. Армияҕа сылдьан массыынаны ремоннуу үөрэнэр. "Старшай электромеханик - шофер" идэлээх сулууспатын бүтэрэр. Армияттан кэлэн баран, Сунтаарга Райсойууска шоферунан үлэлиир. Ийэм "Бэттиэмэҕэ" дояркалыыр. Икки аҥыы олоро сатаан баран Сунтаарга күрэтэн киллэрбит. Ыалга дьукаах олорбуттар. Сыл буолан баран Тойбохой оскуолатын дириэктэрэ Евсеев Василий Никитич кучуйан Тойбохой оскуолатыгар суоппарынан үлэҕэ киирэр. Онно школа-интернат оттук маһын оҕолору кытта бэлэмнээн, ону таһан сүрдээх элбэх объегы итиинэн хааччыйара. 1972 сыллаахха күһүн Бордоҥҥо көһөн кэлбиппит. Бордоҥ орто оскуолатыгар суоппарынан, тракториһынан, кочегарынан, хозяйственнай директорынан өр кэмҥэ үлэлээбитэ. Биһиги аҕабыт үлэҕэ барытыгар сыһыаннаах этэ. Массыынаны, тракторы өрөмүөннүүр, уус илиилээх буолан оччотооҥу Бордоҥҥо үлэлиир учууталлар дьиэлэрин үксүн кини туппута. Кабинетнай үөрэхтээһиҥҥэ киириигэ, кини кабинет аайы кыраһыабай уурбут-туппут курдук стенка ыскаабтары оҥоттообута. Сайыҥҥы өттүгэр совхозка ыһыы, хомуур үлэтигэр көмөлөспүтэ. Биһиги аҕабыт кылгас олоҕу да олордор, дьоллоох олоҕу олордо. 1984 сыллааха балаҕан ыйыгар эмискэ ыараханнык ыалдьан биһиги кэккэбититтэн хомолтолоохтук туораабыта. Икки уол, икки кыыс оҕолордоох. Баара буоллар аҕыс сиэнин, түөрт хос сиэнин көрөн дьоллонуо этэ. Биһиги аҕабытын, эһээбитин, хос эһээбитин өйдүү, саныы сылдьыахпыт. Суруйда кыыһа Саввинова Светлана. Муус устар ый 2020 сыл |
|