01:58 Иван Васильевич ГУРИНОВ |
Педагогическай үлэ ветерана Иван Васильевич ГУРИНОВ туһунан үөрэнээччитэ, герой ийэ Петрова Галина Егоровна: 1966 с. Хадантан эдэр кэргэннии учууталлар Иван Васильевич Гуринов, Валентина Васильевна Попова көһөн кэлиэхтэриттэн нэһилиэккэ кыраайы үөрэтии, туризм күүскэ сайдан барбыта. Физкультура учууталлара Иван Васильевич уонна Василий Данилович Федотов уруоктарын таһынан араас спортивнай куруһуоктары тэрийэллэрэ. Ол курдук баскетбол, волейбол, гимнастика, туризм курдук куруһуоктар нэдиэлэ аайы буолаллара. Иван Васильевич ыытар куруһуогар аһара умсугуйан туран сылдьарбыт. Айылҕаҕа походтарга сылдьан тулуурдаах, дьулуурдаах буоларга үөрэнэн, айылҕа дьиктилэрин көрөрбүт, үөрэтэрбит, араас былыргы экспонаттары хомуйарбыт. Биир сайын Тэҥкэҕэ сатыы походка баран иһэн Амыкаан күөлүгэр үс кубаны көрбуппутун, Өктөөп бырааһынньыгар каникулга сатыы Тойбохой-Маар Күөл-Аллаҥа-Сунтаар маршрутунан походтаабыппытын умнубаппын. 1967 с. улууска ыытыллар туризм күрэхтэһиитигэр 1-кы миэстэни ылан, республикаҕа кыттар чиэһи ылбыппыт. Эһиилигэр Бордоҥ туристара республикаҕа бастаан, Иркутскай-Байкал, Москва-Ульяновскай маршруттарынан баран күүлэйдээн кэлбиппит. Туризм киһи доруобуйатыгар, эт-хаан өттүнэн сайдыытыгар, толкуйдуур дьоҕуругар олус туһалаах спорт көрүҥүнэн буолар. Киһи элбэҕи билэр, үөрэнэр. Билигин нэһилиэккэ туризм сайдыытын көҕүлээбит Иван Васильевич Гуринов аатынан күрэхтэһии ыытыллара үгэскэ кубулуйда.
|
|