Суббота, 28.12.2024, 15:21
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 2
Гостей: 2
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Май 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
        123
    45678910
    11121314151617
    18192021222324
    25262728293031
    Главная » 2020 » Май » 19 » Андрей Петрович ИВАНОВ
    02:18
    Андрей Петрович ИВАНОВ
     

     Андрей Петрович ИВАНОВ

    (1889-1970)

    Сэрии, тыыл бэтэрээнэ 

    Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Иванов Андрей Петрович олоҕун туһунан кылгас ахтыы.

      Иванов Андрей Петрович 1889 сыллаахха  Хочо улууһугар (билиҥҥитэ Сунтаар улууһа) Тойбохой нэһилиэгэр дьадаҥы ыалга төрөөбүт. Аҕалара Тураах Баһылай эрдэ өлбүт. Ийэлэрэ Өлөксөөн  4 оҕолоох огдообо хаалбыт. 3 уоллаах, 1 кыыстаах эбит. Кэргэнэ өлбүтүн кэннэ Өлөксөөн Тэҥкэҕэ, төрөөбүт дойдутугар, төттөрү көспүт. Сэбиэскэй былаас буолбутугар бары Тэҥкэҕэ «Пионер» холкуоска киирбиттэр. Өлөксөөн иккиһин кэргэннэммит. Кэргэнэ Афанасьев Петр Дмитриевич - Тарах Бүөтүр диэн тыаҕа олорор, булдунан  дьарыктанар үһү. Өндүрэй тоҕо эрэ ол иккис аҕатын аатынан Петрович диэн суруллубут үһү. Өлөксөөн бэйэтин уолаттара улааппыттар.  Холкуоска үлэлииллэр, дуогабар быһыытынан бултууллар эбит. Кэргэннэммиттэр. 1931сыллаахха ийэлэрэ Өлөксөөн өлбүт. Сэрии буолбутугар икки уол, Өндүрэй уонна Уйбаан, сэриигэ ыҥырыллан барбыттар. Уйбаан сураҕа суох сүппүт. Өндүрэй  эргиллэн кэлбит. Уйбаантан оҕо хаалбатах.

       Өндүрэй 1943 сыллаахха ыҥырыллыбыт. Ленинград куорат аттынааҕы суостаах - суодаллаах кыргыһыыга сылдьыбыт. Икки төгүл, биирдэ илиитигэр, онтон сиһигэр бааһырбыт. Өр госпитальга сытан эмтэммит, үтүөрэн баран салгыы сэриилэспит. «Хорсунун иһин» диэн, «За освобождение Ленинграда» диэн мэтээллэрдээх этэ. Ол наҕараадаларын туоһулуур дөкүмүөннэрдээх этэ. Онтон да атын дөкүмүөннэрэ хойукка дылы бааллар этэ, эмээхсинэ уура сылдьыбыт. Олор, хомойуох иһин, билигин көстүбэтилэр. Сэрии бүппүтүн кэннэ сорох саллааттары, дьиэлэригэр ыыталаабакка, сэрии алдьархайын чөлүгэр түһэриигэ үлэҕэ хаалларбыттар. Андрей Петрович, инньэ гынан, Ленинград куоракка үлэҕэ хаалбыт. Зимнэй дыбарыастан чугас соҕус турар кумааҕы фабрикатыгар үлэлээбитин туһунан трудовой киниискэлээх этэ. Дойдутугар 1946 сыл бүтүүтэ эргиллэн кэлбит. Кэлэн холкуоһугар сайын от - мас үлэтигэр, кыһын дуогабарынан бултаан, олорбуттар. Кини бастыҥ булчут этэ. Атаҕынан олус кытыгырас, хаһан да көлөлөммөт, өрүү сатыы сылдьан бултуура. Былаанын мэлдьи аһара толороро. Ол иһин биирдэ икки уостаах «Белка» диэн бойобуой бинтиэпкэнэн наҕараадаламмыта. Андрей Петрович ханнык да үлэттэн туора турбат, сүрдээх түргэн туттунуулаах хоһуун киһи этэ. Олус сайаҕас майгылаах, киинэ көрөрүн, кинигэ аахтаран истэрин олус сөбүлүүр этэ.

    Кини Москватааҕы Бүтүн Союзтааҕы Норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатын кыттыылааҕа, Коммунистическай үлэ ударнига.

    Кэргэнинээн Иванова (Филиппова) Мария Федоровналыын 48 сыл бииргэ олорон 12-тэ оҕоломмуттарыттан 3 эрэ оҕо киһи буолбут.

    Кыыстара Филиппова Матрена Андреевна Сунтаарга «Партизан» сопхуоска  ыанньыксыттаан олорбута. Кини 3 төгүл рекорднай ситиһиилээх «рекордсмен ыанньыксыт» аатын сүгэр. «Бочуот Знага» уордьаннаах, Москватааҕы Бүтүн Союзтааҕы Норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатын кыттыылааҕа. Сунтаар оройуонун бочуоттаах олохтооҕо.

    «Аҕыс оҕону төрөтөн, 40 сыл устатыгар биирдэ да өрөөбөккө ыанньыксыттаан, араас кытаанах кэмнэри этэҥҥэ туораан, үлэни эрэ өрө тутан кэллим»,- диэн ахтар эбит.

    Андрей Петрович уола Иванов Прокопий Андреевич Тойбохойго олорбута. Эмиэ туох да үлэттэн толлон турбат, хоһуун - хоодуот киһи. Илиитигэр күүстээх, бэйэтин кыанар киһи, сүөһү үлэтигэр сатаабатаҕа суох, сылгыһыт, булчут, болуотунньук, техникаҕа олус сыстаҕас, суоппар, тырахтарыыс этэ. Тойбохойго бастакы фермер. Сэттэ оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэттэрэн атахтарыгар туруортаабыта.

    Быраата Иванов Эдуард Анрдеевич кыра үөрэхтээх да буоллар, эмиэ илиитигэр бары дьоҕур баар киһитэ этэ. Маска да, тимиргэ да сатаабатаҕа суох, эмиэ да учууталлаан көрөр. Сунтаарга биллэр -  көстөр чуор куоластаах оһуокайдьыт, күлбүт - үөрбүт, артыыстыы майгылаах киһи. Алта оҕону хаалларбыта араас идэлээх дьон буоллулар.

    Ити курдук ыччаттары хаалларан Иванов Андрей Петрович, бэйэтин кэмин олоҕунан ситэри олорон, чиэһинэй ыраас суобастаах оччотооҕу кэм боростуой үлэһит киһитэ, 1970 сыллаахха өлбүтэ.

    Билигин кини элбэх ахсааннаах сиэннэрэ эһэлэрин билэллэр, кини туһунан саныыллар, ытыктыыллар.

    Ахтыыны суруйдум Андрей Петрович кийиитэ Иванова Галина Гаврильевна, 1935 сыллаах төрүөх, педагогическай үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, Тойбохой нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

     

    20.02.2020
    Просмотров: 245 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]